Ньурбатааҕы көһө сылдьар драматическай тыйаатыр А.А.Иванов-Күндэ “Марба” айымньытын туруорда.
edersaas.ru
Дьэ, Юрий Макаров режиссердаах, Туйаара Львова худуоһунньуктаах испэктээк саҕаланна, уот умулунна, саала иһийдэ…
Туруоруу туһунан эттэххэ, киһи араастык өйдүүр, ылынар. Сорох көрөөччү айымньы хайдах суруллубутунан көрүөн баҕарар, сорох – туруорааччы бэйэтин көрүүтүн ылыныан баҕарар. Бу — кини бырааба.
Тус бэйэм сэргээтим, ылынным. Сюжета өйдөнөр, ол эрээри киэҥ, дьон өйдөөмүөн эмиэ сөп курдук. Тута хайдах баарынан эбитэ буоллар, боростуой соҕус буолуо эбитэ дуу? Оттон манна режиссер сюжет ис иһигэр киирэн, дьоруой ис санаатын, бэйэтин кытта охсуһарын, араас санаа баарын көрдөрөр. Дьоруойдар иэйиилэрэ, санаарҕааһыннара абааһылар уобарастарынан олус үчүгэйдик арыллар. Артыыстар тутталлара-хапталлара көрөргө дьэҥкэ, сөҕүмэр. Тус бэйэм, соһуйдум, нууччалыы эттэххэ, “легкий шок” ыллым. Аныгылыы көрүү буолара муусукаларыттан көстөр: араас истииллээх, аныгы да нуоталардаах. Ол олоҕу уруккулуу көрүүттэн билиҥҥи киһи уратытын бэлиэтиир. Бу испэктээк туруоруута атын, сатаан тылынан эппэт, мин бэйэм билбэт истиилим. Чэпчэки трагизм, пафос, ол да буоллар, реализм уонна мюзикл кыбытыктаах курдук. Мин санаабар, сүрүн дьоруойдар көмөлөрүнэн иккис дьоруойдар быдан арыллаллар, дьон болҕомтотун тардаллар, туруорууну тупсаран, киэргэтэн биэрэллэр. Деталь, символ эмиэ сүрүн оруоллаах, дьоруойу ойуулуур, кинилэр олохторун көрдөрөр, таайтарар. Испэктээги быһа таайа сатаатым – ааптар (бу сырыыга режиссер) тугу көрдөрө, тиэрдэ сатыырын.
Ол таайыыбыт испэктээк ортотугар онон-манан уонна бүтэһигэр көһүннэ. Ол курдук, “Ийэ тыл быстар-ойдор күҥҥэ абырал буолар, өлөр-сүтэр күҥҥэ өрүһүлтэ буолар” диэн Күндэ бэйэтэ эппит тылынан түмүктэннэ. Ол аата, көрөөччүгэ улахан кистэлэҥи, тыыннаах хаалар суолу көрдөрдө. Кэс тылы хайдах эрэ ураты көстүүгэ туран этиитэ, харах уута да киһиэхэ харысхал буолбата дьиксиннэрэр, ынырык, ыарахан кэмнэр ааспыттарын туоһулуур.
Ытыс тыаһа, быыс сабылынна, уот умулунна… Дьон хайдах ылынна, өйдөөтө дуо? Олох ураты,толкуйга түһэрэр көрдөрүү буолла. Ньурба тыйаатырын икки туруоруутун көрөн баран, киһи сүрэҕин кылын таарыйар, төбөнү үлэлэтэр, толкуйдатар айымньылар буолбуттарын уонна тыйаатыр бэйэтэ тутуһар сүрүн суоллааҕын көрдүм.
Ольга СТЕПАНОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru анаан