Марат Ахмеджанов: «Үрүҥ хаар алгыһа» — аан дойдуга тахсар аан

24.10.2017
Бөлөххө киир:

“Үрүҥ хаар алгыһа” норуоттар икки ардыларынааҕы поэзия бэстибээлэ төрдүс төгүлүн ыытылынна. Тэрээһин чэрчитинэн үөрэх кыһаларыгар көрсүһүүлэр, төгүрүк остуоллар ыытылыннылар, суруйааччылар Национальнай бибилэтиэкэҕэ, Суоттутааҕы “Доҕордоһуу” мусуойугар ааҕааччылардыын көрүстүлэр. “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр бэстибээл аһыллыытыгар сааланы толору киһи кэлэн, саха, нуучча, эбээн, юкагир, татаар, узбек, словен, азербайджан, удмурт тылларынан хоһооннору иһиттилэр.

Бүгүн “Үрүҥ хаар алгыһа” бэстибээл ыалдьыттарын санааларын бэчээттиибит.

 

Марат Ахмеджанов, Silk Road Media кинигэ кыһатын дириэктэрэ, Open Eurasian Literature Festival & Book Forum куонкурус тэрийээччитэ (Лондон):

—Араас дойдуларга элбэх бэстибээллэргэ сылдьабын, Евразия айар гильдиятын тэрээһиннэрин чэрчитинэн кинигэлэри сүрэхтиибит. Биһиги сыалбыт – элбэх дьону гильдияҕа киллэрэн, куонкурустарга кытыннарыы. Саха сиригэр үһүс кэлиим, бу бэстибээлгэ иккиһин кыттабын.

“Үрүҥ хаар алгыһа” бэстибээлгэ бастаан кэлбитим түмүгэр, Наталья Харлампьева кинигэтэ английскай тылынан Лондоҥҥа бэчээттэммитэ. Былырыын Евдокия Иринцеева-Огдо кинигэтэ грант сүүйэн, бэчээккэ тахсарга бэлэм буолла. Сэтинньи 17 күнүгэр Стокгольмҥа сүрэхтиэхпит. Онон икки сыл устата субуруччу Саха сириттэн кыайыылаахтар бааллар. Холобур, Евразия атын регионнара сыл ахсын Лондоҥҥа бэчээттэнэбит диэн киэн туттар кыахтара суох.

Онон маннык бэстибээл баара олус үчүгэй диибин. Бу — Суруйааччылар сойуустара Култуура министиэристибэтин көмөтүнэн саха литературата тас дойдуларга тахсарыгар тэлэйбит ааннара. Аан икки өттүнэн тэлэллэр: аан дойду литературатын арыйар, ону тэҥэ, Саха сирин суруйааччыларын атын дойдуларга таһаарар. Дьон илэ көрсөн, атах тэпсэн олорон кэпсэтэллэр, билсэллэр, бииргэ үлэлэһэргэ сүбэлэһэллэр. Атын норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ Саха сиригэр аан бастаан кэлэн, сырдык өйдөбүлү үйэлэрин тухары илдьэ сылдьыахтара, ону ааһан, бэйэлэрин айымньыларыгар сырдатыахтара. Биир сиргэ бэйэ-бэйэҕэ эрэ “буһа” олорбокко, хамсааһын, сайдыы суола баар буолуохтаах.

Өскөтүн икки сыллааҕыта мин бу бэстибээлгэ кэлбэтэҕим буоллар, арааһа, саха суруйааччыларын кинигэлэрэ бэчээттэниэ суоҕа этэ. Аҥардас ити икки кинигэ тахсыбыта бэстибээл ороскуотун барытын толуйар дии саныыбын. Арай, өрөспүүбүлүкэ Лондоҥҥа тиийэн суруйааччыларын кинигэлэрин бэйэтэ таһаартарыан баҕарбыта буоллар, биир кинигэни бэчээттэтии кырата 100 тыһ. дуолларга тэҥнэһиэ этэ. Поляктар, татаардар поэзияларын антологиялара тахсыбыта эмиэ үтүө түмүк. Кыра да кэм ааспытын иһин, түмүк номнуо баар. Ити саҕаланыыта эрэ, салгыы сайдан иһиэ диэн эрэллээхпин. Икки сылга биирдэ буолбакка, сыл ахсын ыытыахха баара. Биллэн турар, үп-харчы өттүнэн ыарахаттардаах буолуо эрээри, социальнай эппиэтинэһи ылынар дьон, меценаттар өрүү да баар буолаллар.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0