Марафон маастара — Марфа

06.04.2018
Бөлөххө киир:

Классическай марафоҥҥа РФ спордун маастара, тренер Марфа Пахомова Саха сиригэр “Сулус спорт” диэн спорду таптааччылар кулууптарын үлэлэппитэ сыл буолла. “Сүүрэр, дьарыктанар хаһан даҕаны хойут буолбатах”, — диир Марфа. Ол курдук, сонун кулууп сүрүн сыалынан сүүрүүнэн сааһыттан, дьахтарыттан, эр киһиттэн тутулуга суох дьон барыта дьарыктаныан сөбүн дакаастааһын буолар.
Марфа сөбүлүүр үлэтин, күннээҕи дьарыгын уонна баҕа санаатын туһунан кэпсиир.


Ким баҕарар сүүрүөн сөп

— “Сулус спорт” хаһааҥҥыттан үлэлиирий? Туох сыаллаах кулууп буоларый?
— “Сулус спорт” сүүрүүнү таптааччылар кулууптара. Манна идэтийэн сүүрэр, маастар дьон буолбакка көннөрү сүүрүүнэн хаһан даҕаны дьарыктамматах дьон сүүрэ кэлиэхтэрин сөп. Биһиэхэ дьарыктана араас сыаллаах дьон кэлэр – ким ырар баҕаттан, ким былчыҥ эбинээри, ким күнүн сөпкө атаараары, тус көрдөрүүлэрин тупсараары даҕаны дьарыктанар дьон баар. Дьиҥэ, бастааан сүүрүү оскуолата диэн арыйыахпын баҕарбытым. Кэнники кэмҥэ сүүрүү Арассыыйаҕа киэҥник тарҕанан эрэр. Урукку кэмҥэ идэтийэн дьарыктанар, күрэхтэһиилэргэ бэлэмнэнэр эрэ дьон сүүрэллэр эбит буоллаҕына, билигин эрчиллэр саалалар, стадионнар толорулар. Онон наадалаах кэмҥэ кулууппут сөпкө сайынна.


— Оттон кулуупкар кимнээх дьарыктаналларый? Көннөрү сүүрүүттэн туох уратылааҕый?
— Сааһыттан тутулуга суох ким баҕалаах дьарыктанар, дьахталлар даҕаны, эр дьон даҕаны тэҥинэн сөбүлээн сылдьаллар. Бөлөҕүнэн, биирдилээн уонна интериниэтинэн дистанцоннайдык эрчийэбит. Хас биирдии киһи тус сыалын учуоттаан дьарыктыыбыт, хайаан даҕаны бачча уһуну сүүрүөхтээххин, хас эрэ мүнүүтэнэн сүүрүөхтээххин диэн кучуйбаппыт. Түөрт идэтийбит тренердээхпит, сүүрэ кэлбит дьон күннэтэ бу дьону кытта дьарыктаналлар. Кулууппут үлэлээбитэ номнуо биир сыл буолла, ол тухары алта уонча киһи тиһигин быспакка сүүрэр. Билигин дьарыктаах буолуон баҕарар дьоҥҥо араас кыах, өҥө баар. Фитнесс-кулууптар, үҥкүүлэр… Оттон биһиги үксүн кэриэтэ кардио-дьарыкка (сүрэх уонна тымырдар үлэтин бөҕөгөтөр дьарыктар) болҕомтобутун уурабыт. Сүүрүү син биир антистресс курдук. Дьон сүүрдэҕинэ өйдүүн-санаалыын сынньанар, сааһыланар. Дьарыктыыр дьоммут аһылыктарын эмиэ учуоттуубут, үлэ биир систиэмлээхтик барыахтаах, оччоҕо эрэ үлэ түмүктээх буолар. Билигин номнуо туспа сыал-сорук туруорунан сүүрэр дьон баар. Холобура, биир ыйынан хас эрэ килэмиэтири, марафону, полумарафону сүүрүөхтээхпин диэн былааннанааччылар бааллар.
— Оттон хаһан даҕаны сүүрбэтэх, спордунан дьарыктамматах дьон эмискэ сүүрэллэрэ доруобуйаларыгар охсуон сөп буолбатах дуо?
— Кулуупка кэлэллэригэр сыалларын этэллэр, оччоҕо ону учуоттаан эрэ дьарыктыыбыт. Биһиги дьарыктыырбыт кэлбит дьон доруобуйабытыгар эппиэттэспэт эбит буоллаҕына, анал бырагарыыма оҥоробут.
— Кулууп буолаҥҥыт араас тэрээһиннэри ыытаргыт буолуо.
— Ааспыт өрөбүллэргэ Дьокуускайга “Дохсун” спортивнай кииҥҥэ “Сулус спорт” өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы аһаҕас турнирын ыыттыбыт. Бастакы сырыы диэтэххэ олус тэрээһинээхтик ааста. Намтан, Амматтан, Бүлүүттэн тиийэ сүүрүүнү таптааччылар муһуннулар. Турнирга идэтийбит спортсменнар буолбакка, көннөрү дьарыктанар эрэ дьон кытыннылар. Эбэлэр, эһэлэр, ийэлэр, аҕалар – сааһыттан тутулуга суох ким баҕалаах кыттыан сөп этэ, уопсайа аҕыс уонча киһи кыттыыны ылла. Биһиги күрэхтэһии ыытылларын туһунан сонуну социальнай ситмнэринэн эрэ ыыппыппыт, күүскэ ылсыбыппыт буоллар, баҕардар, элбэх киһи кэлиэх этэ.

Олимпиаданы саныыбын
— Бэйэҥ дьарыктанаҕын дуо? Эйигин улахан спортка өссө көрүөхпүт дуо?
— Кэлиҥҥи кэмҥэ эчэйии ыламмын тренер үлэтигэр көстүм диэххэ сөп. Урут хомууртан хомуурга сылдьаммын дьиэ кэргэммэр бириэмэ тиийбэт курдук этэ. Онон билигин иллэҥ кэммин барытын дьиэ кэргэммэр аныыбын. Кыыһым иккис кылааска үөрэнэр. Быыс-арыт буламмын син биир күннэтэ дьарыктанабын. Стартка тахсар, өссө даҕаны күрэхтэһэр, марафон сүүрэр баҕа санаалаахпын. Дьон дьарыктанарбын истэн, “ханнык күрэхтэһиигэ бэлэмнэнэҕин?” диэн ыйыталлар.
— Хайа баҕарар спортсмен ыра санаатын чыпчаала Олимпиада буолар.
— Мин эмиэ Олимпиада туһунан санаабытым. Ол эрээри, мин дьыаланы көнөтүнэн көрөрбүн ордоробун, улаханнык онно эрэммэтэрбин даҕаны санаабар баар. Кэм көрдөрүө буоллаҕа. Билигин мин тугу эрэ ситиспэтэх курдукпун, онон биир эмит улахан күрэхтэһиини кыайдахпына биирдэ уоскуйуом. Эһиил, онтон эһиил буолбакка, өссө күүскэ дьарыктанан баран, 2020 сылга, дьэ, турунуом.
— Билигин тугунан дьарыктанаҕын?
— Йоганы интэриэһиргээн эрэбин. Киһи ис туруга бэрээдэктэнэригэр наадалаах дьарык эбит. Сөпкө тыынартан саҕалаан сөпкө сынньанарбар көмөлөһөр. Сахалар менталитеппытыгар барсар дьарык быһыылаах, элбэҕи толкуйдатар, сааһылыыр эбит. Сүүрүүнэн идэтийэн дьарыктанар буоллахпына, йогалаатахпына сынньанабын. Спордунан дьарыктаныҥ, спорду таптааҥ диэн ыҥырабын!

Айтана АММОСОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0