Уйбаан Уйбаанабыс сарсыарда эрдэ туран Лээппилээхтэн улуус киинигэр бараары хоммут ыалыттан айан суолугар тахсан массыынатын кэтэһэ турда. Кинини кытта биир бириэмэҕэ дэриэбинэ уһук хоту өттүттэн сүгэһэрдээх, былаатын бобуонньуктуу бааммыт, биир илиитигэр талах торуоскалаах, аҥарыгар биэдэрэ тутуурдаах отонньут иһэр. Бу – Маппыыс. Айанньыттар иккиэн тохтобулга көрсүһэ түстүлэр.
— Байа, тоойуом, бачча эрдэ ханналаатыҥ? – эмээхсин сүгэһэрин сиргэ ууран, сиэбиттэн былатыагын таһааран сирэйин-хараҕын сотунна, халадаай ырбаахытын көннөрүннэ.
— Улуус киинигэр бараары массыына кэтэһэ турабын. Оттон эн ханналаатыҥ, баабыска? – Уйбаан Уйбаанабыс кырдьаҕас киһи истибэтэ буолуо диэн саҥатын улаатыннаран биэрдэ.
— Бэй, тоойуом, истэбин ээ. Хантан сылдьаҕын? – Маппыыс хаһан да көрбөтөх киһитин көрсөн кэпсэтэрдии оҥостон, биэдэрэтин, сүгэһэрин суол кытыытыгар халбарыта аста, талах маһыгар икки илиитин ууран өйөнөн сэһэргэһээччитин сирэйин-хараҕын одууласта.
— Куораттан сылдьабын. Үлэлээн баран иһэбин. Оскуолаҕытын көрдүм, — Уйбаан Уйбаанабыс кыра бүрэ дьүһүннээх, айаҕар биир эрэ ардьайбыт суос-соҕотох тиистээх эмээхсини кытта кэпсэтиэн соччо баҕарбата. Арай хараҕа хомуһуол иһинэн көстөр халадаай ырбаахы таһынан иилиммит үрүҥ көмүс илин кэбиһэригэр уонна уҥа илиитин сөмүйэтигэр кэппит үрүҥ көмүс улахан биһилэҕэр хатанна, — Баабыска, ханна айаннаатыҥ? – эмээхсин тоҕо үрүҥ көмүһүн кэппитин интэриэһиргээн иккиһин ыйытта.
— Ээт, мин отоннуу баран иһэбин. Быйыл отон үүммүт. Бүгүн күн бөҕө буолбут, Маппыйга күн үөрбүт, — эмээхсин кими эрэ санаан сирэйэ сырдаан ылла.
Уйбаан Уйбаанабыс Маппый диэн кимин, киниэхэ тоҕо күн үөрбүтүн өйдөөбөтө, онтон эмээхсин түөһэйбит дии санаата быһылаах, чочумча туох диэҕин билиминэ кэпсэтиини салҕаары төбөтүгэр туох бастакы көтөн түспүтүн үлүбээй ыйытта.
— Бүгүн кырдьык, дьэ анаабыт курдук күннээх, ичигэс күн буолбут. Быйыл дьэ отон үүннэ. Бу биһилэҕин тоҕо үчүгэйэй, арааһа сүрдээх уус киһи оҥорбут быһылаах, – уонна иһигэр эмээхсини сиилии санаабытыттан кыбыстан ылла.
— Бу Маппый оҥорбута. Кэннигэр латыынныы суруктаах, — эмээхсин уҥуох-тирии буолбут илиитин тайаҕыттан арааран биһилэҕин көрдөрөр. Уйбаан Уйбаанабыс си буолуохтааҕар биһилэх ойуутун-мандарын сыныйан көрбүтэ буолар.
— Үчүгэй оҥоһуу эбит. Олох былыргы оҥоһуу. Билигин манныктары ким да оҥорбот, — сэҥээрэн саҥа аллайар.
— Бу илин кэбиһэрэ эмиэ итинник оҥоһуулаах. Маппый уус, — Маппыыс киэргэлин хомуһуолун иһиттэн хостоон илиитигэр тутан көрдөрөр. Уйбаан Уйбаанабыс эмээхсиҥҥэ умса нөрүйэн аны илин кэбиһэри одуулаһар.
— Хамыһаарбын диэтиҥ дуу? Оскуолаҕа тугу көрдүҥ? – Маппыыс элбэҕи кэпсээтим, көдөрдүм диэтэ быһыылаах, аны сэһэргэһээччитин кимин-тугун туоһулаһар аакка барда илин кэбиһэрин хомуһуолун иһигэр кистии-кистии.
— Ээ, суох. Оскуолалар үөрэхтэригэр хайдах бэлэмнэнэн эрэллэрин көрдүм, учууталлары кытта кэпсэттим, — Уйбаан Уйбаанабыс Маппыыс өйдөөрөй диэн хас биирдии тылын тоһоҕолоон тохтуу-тохтуу саҥарда.
— Ээт, оскуола бэлэм бөҕө буоллаҕа. Маарыйа Уйбаанабына дириэктэр бэккэ үлэлиир. Мин уолум эмиэ хамыһаар. Хонтуораҕа үлэлиир. Солото суох. Биир кэм үлэттэн орпот. Үчүгэй үлэһит. Быкыһын кыраамыка туппута, улахан киһиттэн дииллэр, — Маппыыс уолун туһунан өссө элбэҕи кэпсиэх эбит да, өлүү түбэлтэлээх бу кэмҥэ уола массыынанан ааһан иһэн түбэһэ түһэн түннүгүнэн быган: “Бу эмээхсин бачча сарсыарда ханна барда? Өссө илин кэбиһэрин иилиммит буола-буола. Олох да түөһэйбит буолбат дуо? Ыл, бар дьиэҕэр”, — диэн баргыытаан ааста. Маппыыс халахайдана түстэ, сүгэһэрин, биэдэрэтин туппутунан барда.
— Байа, байа, мин барыым, — эмээхсин сүгэһэрин кэттэ, биэдэрэтин ылан тайаҕар тайанан тиэтэйэ-саарайа соҕуруу диэки туһаайыынан хаама турда. Бадаҕа, отоннуу барда.
Уйбаан Уйбаанабыс эмээхсини кэнниттэн батыһа көрөн туран хаалла, массыыната кэлбитигэр кинини аһына саныы-саныы киирэн олордо. Массыына “мин ыксаатым” диэбиттии кэнниттэн буору өрүкүтэн улуус киинин диэки айанныы турда. Икки айанньыт суоллара итинэн араҕыста.
***
Маппыыс кэтэ сылдьар биһилэҕин иһигэр “Күндү сэгэрим, Маппыыс. Бу күн отонноох ырааһыйаҕа миигин күүтээр” диэн латыынныы уус киһи кыраһыабай буочарынан суруйбутун ким да көрө илик. Маппыыс сиэбигэр Маппый фронтан суруйбут бастакы уонна бүтэһик үс муннуктаах суругун бигии сылдьарын ким да билбэт. Бу күн отоннуу диэн куоһурданан, кистээн сир симэҕин курдук таҥнан, киэргэнэн Маппыйы кытта көрсүһээри ол отонноох ырааһыйаҕа тахсар буолбута төрдүс сылыгар барбытын ким да сэрэйбэт. Арай ити кистэлэҥин билбэт айанньытыгар алҕаска быктаран кэбистэ.
Аграфена КУЗЬМИНА.