Маны билэҕин дуо? Сахалыы кээмэй

Ааптар: 
29.01.2024
Бөлөххө киир:
Photo by form PxHere

Уһуну кэмнээһин

Уһуктаах сүөм — сөмүйэлээх эрбэҕи атыччы туттубут кэннэ эрбэх төбөтүттэн сөмүйэ төбөтүгэр диэри кээмэй (16-17 см.)

Муҥур сүөм — сөмүйэни орто сүһүөҕүнэн  токуччу тутан баран ууруллубут сүөм (13 см.)

Харыс — эрбэх уонна ортоку тарбах икки ардын устата.

Ыллар харыс — төһө кыалларынан күүскэ баттаан кэмнээһин.

Бөрсүөк — тарбах ортоку сүһүөҕэ (4,4 м.)

Тутум — сутурук үрдүгүн уһуна.

Суор холото — эрбэҕэ сарайбыт сутурук үрдүгүн уһуна.

Уллуҥах устата — киһи уллуҥаҕын саҕа уһун.

Тобук — атах тарбаҕын төбөтүттэн тобукка диэри кээмэй.

Ылгын чыҥыйа — ылгын чыкыйа (чыҥыйа) тарбах халыҥын саҕа.

Тоҕонох (тоҥолох) устата — орто тарбах төбөтүттэн тоҕонох сүһүөҕүн токуйар сиригэр диэри кээмэй.

Түөс аҥаара — туора ууммут илии ортоку тарбаҕын төбөтүттэн түөс ортотугар диэри кээмэй.

Саха ыалын халандаарыттан,

2006 c. «Бичик» кинигэ кыһата таһаарбыт халандаара.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0