Мантан  ордук  дьол  диэн,  баар  үһүө…

Ааптар: 
12.09.2021
Бөлөххө киир:

Бу  сир  үрдүгэр,  Үрүҥ  Күн  анныгар  мантан  ордук  дьол  диэн,  баар  үһүө…  Дьон  тэҥинэн  сылдьан  үлэлээн-хамсаан,  билиигэ-көрүүгэ  тардыһан,  тапталлаах  аналгын  көрсүһэн  ыал  буолан,  оҕо-уруу  төрөтөн  ууһаан-тэнийэн,  хааҥҥын  салгыыр,  ааккын-суолгун  ааттатар  ыччаттарданан,  уйгулаах  олох  сылааһынан  илгийэр,  сөҕүрүйбэт төлөннөөх,  унаар  уһун  буруолаах  холумтаннанан  дьоллоохтук  олоруу…

Киһи  сөҕөрө,  бэккиһиирэ  баар,  дьонтон  итэҕэс,  бэрт  кыратыттан  тулаайах,  суорҕан-тэллэх  киһитэ  ыарыһах,  начаалынай  кылаастары  бүтэриэҕиттэн  оҕо-оҕо  курдук  оскуолаҕа  үөрэммэтэх,  балыыһа   ыырдаммыт  таҥара  атаҕастаабыт  киһитэ   улаатан,  ситэн  истэҕин  аайы   мөлтөөн-ахсаан  хаалбакка,  булгуруйбат  санаатын  түмэн,  олоххо  тардыһыы,   туруулаһыы  күүһүнэн  атаҕар  туран,  киһи  эрэ  ордугургуур  маннык  олоҕу  олорон  кэллэҕэ.

Ахсыс  халлаан  хаттыгыттан  айдарыылаах,  суруксуттаабытынан  суох  буолар  сурааһыннаах  кырдьаҕас  хаһыаччыт,  эргиччи  талааннаах  суруналыыс  76  сааһыгар  үктэннэр,  сыппаабатах   “кыһыл  көмүс  бөрүөтүн”   аныгы  олох  сиэринэн  көмпүүтэргэ,  ноутбукка  уларытан  өссө  да  айымньылаахтык   суруксуттуу,  айа-тута,  сэрии,  үлэ  дьоруойдарын,  олоҕу  хамсатар  өйдөөх-санаалаах  ыһыы   дьон  тустарынан  кинигэлэри  күн  сирин  көрдөрө  олороро  уонтан  тахса  араас  ыарахан  эпэрээссийэни  ааспыт,  бэйэтэ  этэринэн  сүрэҕэр  көмпүүтэрдээх  сылдьар  эмэн  саастаах  киһиэхэ,  бээ,  сыанан  аҕаабат.  Дьиҥнээх  дьирээ,  ыһыы  киһи  буолан,  кыанан,  кыайан  эрдэҕэ.  Көҥүл,  доруобай  олох  күндүтүттэн-күөнэҕиттэн   аккаастанан,  туттуна-сэрэнэ,  ис  туруккун  иһиллэнэ,  кэтэнэ  сылдьыаххын,  кытаанах  бэрээдэк,  дьиссипилиинэ наада.

Эдэриттэн  эрэйи-кыһалҕаны  билбит,  “этэ  ыалдьыбыт”  киһи  дьоҥҥо-сэргэҕэ  үтүө  санаалаах,  аһыныгас,  көмүскэс  майгылаах  буолар  дииллэр.   Үлэһит  ыччат  киэһээҥҥи  оскуолатын   учууталларын  көмөлөрүнэн  бэйэтэ  дьарыктанан  орто  үөрэҕи  ылбыт,  билиитин-көрүүтүн  таһыма  үрдүк  буолан,  МГУ  курдук  дойду   үөрэҕин  киин  кыһатыгар  үөрэниэхтээҕин,  эдэр  киһи   дьиэтин-уотун  кыһалҕатынан  кыаммакка,  бэттэх,  СГУ  устудьуонунан  буолар.  Дьирээ  киһи  дьирээлэһэн,  университеты  туйгунунан,  кыһыл  дипломнаах  бүтэрбитэ.  Харчы  хантан  кэлэрин,  үөрэх-билии  хайдах  ситиһиллэрин  “аһыытын-ньулуунун”  бэккэ  билэр  буолан,   оҕону-ыччаты  үөрэххэ,  сайдыыга   көҕүлүүр,  өйүүр  сайдам  санаанан  салайтарар.  Суруналыыс  кырыымчык  хамнаһыттан,  биэнсийэтин  сыыһыттан  ордорунан-мунньунан  дойдутун  оскуолатын  туйгун  үөрэнээччилэригэр    меценат  быһыытынан  бэйэтин  харчынан  бириэмийэтин  олохтообута  ыраатта.  Аны  Аҕа  дойду  Улуу  сэриитин  бэтэрээнэ,  Сталинград  кырыктаах   кыргыһыытын  кыттыылааҕа,  биир  кыргыһыыга  өстөөх  икки  тааҥкатын  умаппыт,  Албан  аат  уордьаннаах  хорсун  буойун  аҕатын  аатынан  харчынан  бириэмийэни  I  Күүлэт  оскуолатын  туйгун  үөрэнээччилэригэр  туттарара  үтүө  үгэскэ  кубулуйда.

Ити  курдук,  быйыл  75  сааһын  туолбут,  тапталлаах  кэргэниниин,  олоҕун  эрэллээх  аргыһа  Анна  Семеновналыын  55 сылларын  бииргэ  олорор  дьоллоох,  улахан  дьиэ  кэргэн  аҕа  баһылыга,  5  оҕо  аҕата,  11  сиэн,  12  хос  сиэн  иһирэх  эһээтэ,  дьирээ,  ыһыы  киһи,  саха  суруналыыстыкатын,  араадьыйа,  тэлэбиидэнньэ,  “Саха  сирэ”  хаһыат  ытык-мааны  бэтэрээннэрэ  Николай  Александрович  Крылов  туһунан  суруналыыс  Ангелина  Васильева  зарисовкатын   мантан  аллараа  ааҕыҥ.

Биэс  уон  биэс  сыл   уоллаах  кыыс   курдук…

Киһи барахсан олоҕо түргэнник да элэс гынан ааһар… Сааһырдах аайы, кэннигин эргиллэн көрөрүҥ элбиир. Арай, кэннигэр тыргыллар олоҕуҥ омоон суола эрэ кистиирэ буолуо – эн эрэ тускар тосхойбут дьолуҥ минньигэс хараҕын уутун, бөтө бэрдэрбит аһыыҥ саҥата суох хаһыытын, уонна күнтэн күн бүтэр уһуга көстүбэт, бииртэн биир субуллар түбүккүн, олох олоро сатыыр дьулуургун…

Киһи үйэтигэр үлэтинэн эрэ муҥурданара буоллар, Орто дойдуга, бука, дьол, таптал диэни билбэккэ, ситэри олох олорбокко барыа этэ. Киһи Сиргэ кэлбит анала – ыал буолуу, оҕо төрөтүү буоларын, ким баҕарар билэр. Ол эрээри, сарын сарыннарыттан өйөнсөн, олох түһүүтүн-тахсыытын барытын бииргэ тулуйан, кырдьар саастарыгар истиҥ иэйиилэрин сүрэхтэригэр бүөбэйдээн кэлбит, дьоһун ыччаттаммыт ыал аҕыйах, ыччаттарга холобур буолар кыахтаах. Мин биир оннук ыалга ыалдьыттаатым. Анна Семеновна уонна Николай Александрович  Крыловтар  быйыл  аан дойду  үрдүнэн ааҥнаабыт дьаҥ сатыылаабатаҕа буоллар,  ыал буолбуттара 55 сылын киэҥ тэрээһиннээхтик бэлиэтиэх  этилэр.

Бэчээт дьиэтиттэн миигин ылан массыынатыгар олордон, Сэргэлээх даачаларын диэки айанныыбыт. Крыловтар даачаларыгар кыстаабыттара сүүрбэ биирис сыла буолла. Бу иһэн Николай Александрович олоҕун суолун саас-сааһынан кэпсии истэ…

Билсиһии

 

…Коля кыра эрдэҕиттэн доруобуйата мөлтөх буолан, бэйэтин өйдүөҕүттэн, балыыһаларга сытан улааппыта. Ийэтэ ыараханнык ыалдьан уолчаан түөртээҕэр өлбүтэ. Онтон сэдиптээн сылы-сыллаан балыыһалары кэрийэр дьылҕаламмыта. Онон,  оҕо-оҕо курдук,  оскуолаҕа да үөрэммэтэҕэ. Ол саҕана дьиэҕэ дуу, балыыһаҕа дуу кэлэн үөрэтии диэн суоҕа. Уол бэйэтэ учебниктары булан дьарыктанан, садааччалары, эрчиллиилэри  бэйэтэ толорон,  киэһээҥи оскуола учууталларын сорудахтарынан үөрэнэрэ. Дьокуускайга балыыһаҕа кэллэҕинэ  өрөспүүбүлүкэтээҕи  кэтэхтэн  үөрэтии оскуолатын учууталларыгар эксээмэннэри, зачеттары туттарара.

1965 сыл күһүнэ этэ. 19 саастаах Коля доҕоро Толя Васильев  Мииринэйтэн алмаас хостооһунугар үлэлээн кэлбитин истэн, көрсүһэ тиийбитэ. Чэйдии, сэһэргэһэ олорон, Толя дьонугар устудьуоҥка кыыс олоро кэлбитин билбитэ. Уол аана суох аһаҕас хоско уратытык кичэллэн хомуллубут таҥастаах тимир орону, ол үрдүнэн «Огонек» сурунаал өҥнөөх ойуулаах таһын сыһыаран баран, кумааҕы роза сибэккини кыбыппыттарын көрбүтэ. Аан таһыгар ып-ыраас гына сууйуллубут кеда көбүс-көнөтүк ууруллубут этэ. Коля туох барыта орун-оннугар ууруллубутун-хомуллубутун, тула ып-ырааһын сөҕө санаабыта уонна хартыынаҕа турар сибэккини ылан хороччу хомуллубут, куруһуба сабыылаах  сыттык үрдүгэр уурбута… Итинтэн ыла кини дууһатыгар ити кыыһы хайаан да көрсөр бүччүм санаа сириэдийэ умайбыта…

Ол кыыс – Бүлүү педучилищетын биир бастыҥ спортсменката, актыбыыската, Уус-Алдан кыраһаабыссата Ньуута  этэ. Бука, элбэх уол кэрэ кыыһы кэрэхсии көрөллөрө, «эрийсэ» сатыыллара эбитэ буолуо… Ол эрээри, Коля оччоттон санаабыт санаатын, ылсыбыт дьыалатын олоххо киллэрэр ураты дьулуурдааҕа. Ити кэмтэн балтараа сыл ааспыта. 1966 сыл бэс ыйыгар Бүлүү педагогическай училищетын бүтэрэр оҕолор үөрүүлээх банкеттарыгар түөрт уол, түөрт кыыс уруу киэһэтин тэрийбиттэрэ. Онтон кэлин, сэтинньигэ Коля айаҕынан  хаана баран, балыыһаҕа суорҕаннаах тэллэххэ сытар буолан, Ньуута бэйэтэ ЗАГС-ҕа тиийэн,  ыал буолалларын туоһулуур регистрацияны оҥотторбута.

Сэргэлээххэ

Өр-өтөр буолбат, Сэргэлээх күөлүн кэрэ кытылыгар турар даачаҕа тиийэн кэлэбит. Крыловтар даачаларыгар ититии киллэринэн, манна кыһыннары-сайыннары олорбуттара сүүрбэ биир сыл буолла. Сайын манна оҕо аймах күйгүөрэ чыычаах ырыатыныын чаҕаарар. Сиэннэр эһэлэрин кытары күөлгэ киирэн илим үтэллэр, эбэлэригэр көмөлөһөн, оҕуруокка уу баһан элэстэнэллэр. Бу тэлгэһэ, дьоҕус дьиэлэрэ биир саха ыалын көмүс ньээкэ уйата, сылаас эйгэлээх холумтана, истиҥ-иһирэх өйдөбүлэ. Төһө да үлэ күнэ буоллар, хаһаайка минньигэс астаах остуол тарда охсор. Кыс ортото араас салаат, кэнсиэрбэлэммит оҕуруот аһа, халадьыас, барыанньа эрэ дэлэй. Анна Семеновна билэр дьонун ортотугар асчытынан, хаһаасчытынан аатырар. Ас-үөл тардан дьону маанылыырга, араас тэрээһиннэргэ ыҥырыыга сылдьар. Ол курдук, Бүлүү улууһун биир дойдулаахтарын түмсүүтүн биир да тэрээһинэ кинитэ суох сатаммат. Оттон бэйэтин төрөөбүт дойдутун – Уус Алдан улууһун Хоро нэһилиэгин туһунан этэ да барбаккын. Мээнэҕэ Хоро нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо диэн ааты иҥэриэхтэрэ дуо?..  Билигин да дьиэтигэр таах олорбот, Дьокуускай Автодорожнай  уокуругун биир саамай көхтөөх уопсастыбанньыга.

— Бэйэҥ кэпсиириҥ  курдук, ыарыһах, кыра уҥуохтаах, үөрэҕэ суох уолу тугун сөбүлээбиккиний? – диэн ыалдьыттара олуона соҕус ыйытыылаах буоллум. Анна Семеновна күлэн эрэ кэбиһэр.

— Үчүгэйим бэрт буоллаҕа дии, – Николай Александрович мүчүк-мүчүк гынар. Уоллаах кыыс курдук, бэйэлэрэ эрэ билэллэринэн имнэнсиһэн кэбиһэллэр.

Өйдөһүү уонна өйөһүү…

Эдэр ыал Уус Алдаҥҥа олохсуйбуттара. Анна Семеновнаны  дойдутугар начаалынай кылаас учууталынан анаабыттара. Манна биир чымадааннаах көһөн кэлбит саҥа күтүөт Николай электриктээбитэ. Кини бэйэтэ кэпсииринэн, эмиэ ол саас ыал буолбут оскуола дириэктэрэ – мааны күтүөт, кини – көйгө күтүөт буолбуттар. Биричиинэтэ – үөһэ этиллибитин курдук, аймах-билэ дьоно, үөрэҕэ, түптээх үлэтэ суоҕа буолаахтаатаҕа.

Эдэр ыал бастакы олорбут сылларын үүт-тураан этэ диир уустук буолуо. Коля куруук ыалдьара, балыыһалары кэрийэрэ, ыарахан үлэни кыайбат буолан, фотографтаан, чаһы оҥорон, электриктээн эбинэрэ. Ону тэҥэ бэйэтэ бэйэтин үөрэтэн, орто үөрэҕи ыла сатыыра. Сотору бастакы кыыс, онтон уол оҕолоро күн сирин көрбүттэрэ. Оҕо көрсөр, үбүнэн-аһынан көмөлөһө охсор чугас дьонноро, дьиэ-уот да суоҕа. Мэлдьи ыалга дьукаах олорор, үгүс эбээһинэстэри толорор кыһалҕа элбэҕэ. Ыал аҕатыгар тиксэр ыарахан эпэрээссийэлэр, сыры-сыллата кыракый оҕолорун кытары хаалан, үлэлии сатыыр эдэр ийэ санныгар сүктэриллибит ыарахаттар кинилэри чаҕыппатахтара.

Эдэр киһи үөрэнэн, идэ ылар наадатын бэркэ билэрэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи кэтэхтэн үөрэнии оскуолатын,  онтон тута МГУ-га  киирэр  бэлэмнэнии  кууруһу  бэркэ үөрэнэн бүтэрбитэ.  Балаһыанньа быһыытынан, Москваҕа тиийэн собеседованиеҕа бэйэтин көрдөрөн үөрэнэ киириэхтээҕэ. Ол эрээри, дьиэ кэргэнин хаалларар кыаҕа суоҕа, эдэр ыал үбэ-аһа да кырыымчык этэ. Саха госуниверситетын 1976 сыллаахха бүтэрэн, историк идэтин ылбыта. Эппэрээссийэлэнэн, үтүөрэн, киһи тэҥинэн сылдьар, үлэлиир-хамсыыр кыахтаммыта. “Кэргэммин, оҕолорбун ыарахан ыарыыга  сыһыарбатаҕым, мин биир улахан ситиһиим буолар” диэн кэлин кэпсиир.

Николай Александрович Бүлүү оройуонун Олох суола  хаһыатыгар, “Социалистическая Якутия”, “Саха сирэ” хаһыаттарга, кэрэспэдьиэнинэн, отдел эрэдээктэринэн, “Гостелерадио” Саха сирин арҕаа улуустарыгар бэйэтин аналлаах кэрэспэдьиэнинэн, ССРС норуодунай дьокутаатын А.С. Борисов көмөлөһөөччү-сэкирэтээринэн  үлэлээбитэ. СӨ Государственнай бириэмийэтин лауреата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Бүлүү улууһун, Бүлүү куоратын, Чернышевскай нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо буолар үрдүк сыанабыллары ситиспитэ. Манна барытыгар Анна Семеновна киэҥ-холку майгыта, олоҕу дьахтардыы муударай көрүүтэ, хаһаайка быһыытынан кыайыгаһа-хотугаһа оруоллаах буолбута саарбаҕа суох.

Анна Семеновна учууталынан, интэринээт иитээччитинэн, пионер баһаатайынан, оҕо саадын сэбиэдиссэйинэн, кэлин Музыка үрдүкү оскуолатыгар иитээччинэн үлэлээбитэ. Спартакиадалар, күрэхтэһиилэр, араас бэстибээллэр кинитэ суох ааспаттар этэ. Баскетболга инструктор, успуорт атын көрүҥнэригэр 1-кы, 2-с разрядтар нуормаларын толорбута. Үлэлии-үлэлии кыра оҕолорун, дьиэтин-уотун көрөрө. “Кэргэним өйөөн, өйдөөн, үөрэххэ ыыппатаҕа буоллар, бу олохпор ситиһиилэрим суох буолуо этилэр” диир ыал аҕа баһылыга. Этэрэ оруннаах. Аҕалара дьиэ ис үлэтигэр кыттыспат эрээри, аһы-үөлү булуу, таһыы-тиэйии, тиэргэн үлэтэ барыта киниэхэ сүктэриллэр. “Эр киһи иһит-хомуос, муоста сууйа сырыттаҕына, үчүгэй айар үлэнэн дьарыктанара саарбах. Өрүү толкуйдуу, ырыта, тыл сүмэтин көрдүү сылдьар киһи кыра аайы аралдьыйыа суохтаах”,— диир Николай Александрович. Ити курдук икки өттүттэн өйдөһөн, өйөһөн үйэ аҥарыттан ордук бииргэ олорон, билигин дьоһун-мааны ыал аатын сүктэхтэрэ.

Дьиэ кэргэн үтүө үгэстэрэ

 

Билигин Крыловтар биэс оҕо тапталлаах төрөппүттэрэ, уонтан тахса сиэн эйэҕэс эбэлэрэ, эһэлэрэ. Өссө, эмиэ, уонтан лаппа тахса хос сиэн диэн дьикти дьон күн сирин көрбүттэриттэн, кырачаан оҕолор  оскуолаҕа киирэн үөрпүттэрэ. Онон иккиэ бэйэлэрэ отучча  буолан, сиэннэрин иитэн-үөрэтэн, быр-бааччы олороллор. Үйэ аҥарыттан ордук кэм устата эн-мин дэһэн, үлэ бөҕөнү үрүлүтэн, оҕолорун сүһүөхтэригэр туруоран, сиэннэрин, хос сиэннэрин  бүөбэйдээн, олох олоруу уустук оскуолатын аастахтара. Кинилэр дьиэ кэргэннэригэр ураты үгэстэрдээхтэр. Оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ үөрэппиттэрэ. Үлэ барыта төлөнүөхтээх диэн өйдөбүлтэн, оҕолор кыра эрдэхтэриттэн хамнас, харчы диэни билэн улааппыттара. Эһэлэрэ билигин сиэннэригэр бириэмийэ олохтуур. Үчүгэй уонна туйгун үөрэх түмүгүнэн, сыл бүтэһигэр, Саҥа Дьыл дьоро киэһэтигэр “Эһээ харчынан ботуччу бириэмийэтин” ылар чиэскэ тиксэллэр. Дьиэ кэргэнинэн айылҕаҕа хоно сылдьан сынньаналларын сөбүлүүллэр. Холобур, Амма өрүс кытылыгар уончалыы хонукка балаакканан түһэн сытан балыктыыллар, дьэьэннииллэр, сөтүөлүүллэр. Ханнык да түгэҥҥэ ийэлээх аҕаларын дьиэлэрэ чуҥкуйбат, оҕо-сиэн ааны саппат. Аныгы үйэҕэ “бассаабынан” ким ханна-тугу гыммытын барытын билэ олороллор.

Мин бу ыалга сылдьан баран, биири өйдөөтүм. Олоххо дьулуур, үтүөҕэ тардыһыы, бэйэ-бэйэҕэ ытыктабыллаах сыһыан, истиҥ таптал баар буоллаҕына, ханнык да ыарахаттары кыайыахха, олоххо элбэҕи ситиһиэххэ сөбүн…

Ангелина ВАСИЛЬЕВА,edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0