Араак курдук саамай уодаһыннаах, кутталлаах ыарыыны утары баксыына айылла, гипериммуннай сыворотка да оҥоһулла илигэ киһини дьиксиннэрэр, ыарахаттары үөскэтэр.
Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин РФ Сэбиэтин мунньаҕар ыҥырыытыгар, искэн ыарыыны эрдэттэн быһаарарга, бириэмэтигэр эмтииргэ, онно науканы кытыннарарга, онкология кииннэрин модернизациялыырга, фарминдустрияны сайыннарарга сорук туруорбута.
Кэлиҥҥи сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ нэһилиэнньэ искэнинэн ыалдьыыта элбээн иһэрэ 2016 с. статистика чахчыларыттан биллэр (сылга ортотунан 2300 киһи ыалдьара бэлиэтэнэр). Быраастар үксүгэр ыарыһахтары «химиянан» эмтииллэр. Ити ыарыһахтар организмнарын туругун мөлтөтөр, ыран-дьүдьэйэн уҥуохтаах-тириилэрэ эрэ хаалар, иммуннай систиэмэлэрэ кэһиллэн, киһи көмүскэнэр кыаҕыттан тахсар дии саныыбын.
Ол иһин, ыарыһах дьону үрдүк калорийдаах, иҥэмтиэлээх аһынан хааччыйар наада, ол ыарыыны утары охсуһар күүстэрин үрдэтэр. Антиоксиданнаах аһылыктары, үүнээйилэри элбэхтик туһаныахха.
Төрүөтэ
Искэн үөскүүрэ араас төрүөттээх. Тулалыыр айылҕабыт буорту буолар, тыынар салгыммыт аҕыйыыр. Иһэр уубут кирдээх, дьиэбит таһыгар суукканы быһа турар 20-30-чалыы массыына гааһа улахан охсууну оҥорор. Фрукталарбыт нитраттаахтар, таҥнар таҥаспытын бороһуогунан сууйабыт уо.д.а.
Маннык эмтэниэххэ
эмиэ сөп
— “Фракция АСД 2” антисептиги 5 хааппылаттан саҕалаан, 25 мл диэри оргуйбут ууга суурайан, 2-3 ый иһиллэр. Ыарыы тарҕана илик буоллаҕына, тохтуон сөп.
— Уринотерапияны туһаннахха, антитела оруолун толорон иммунитетыҥ күүһүрэр.
— Аскорбиновай кислотаны, грецкэй, кедр эриэхэлэрин, имбири күҥҥэ 10-20 гыраамы сиэххэ сөп. Тиит, бэс, харыйа туораахтарын оргутан, көөнньөрөн иһиллэр.
— Эмтээх оттору көөнньөрөн, чэй курдук иһэллэр. Ол иһигэр, бөрө сиир отун, хатыҥ чээрэтин, оҕонньор отун.
— Оҕуруот астарыттан сүбүөкүлэни, моркуобу, хаппыыстаны, сельдерэйи, редиһи сиир ордук.
Ис туругу сааһылааһын
Киһи кырдьара, сааһырара, ыарытыйара – айылҕа сокуона. Онон, эрдэттэн доруобуйаны көрүнэр, дьулуурдаахтык, тулуурдаахтык эмтэнэр наада. Хайа да түгэҥҥэ өйү-санааны сааһылаан, ыарыыны утарылаһыы – олохпут сыала-соруга. Баксыынаны учуонайдар искэнтэн бэйэтиттэн айалларын ирдиэххэ.
Мин учуонай буолбатахпын, бэтэринээр бырааспын. Сорохтор тоҕо маннык суруйарым туһунан ыйыталаһааччылар. Мин хас биирдии киһи норуотун туһугар тугу эрэ туһалыахтаах диэн санааттан сүбэлии сатыыбын.
Дмитрий ЗАРОВНЯЕВ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru