Лидия оҕо эрдэҕиттэн милииссиийэ буолуон, погон кэтиэн, дьону көмүскүөн баҕарара. Кини баҕа санаата туолбута, идэтин тосту уларыппыта.Билигин Лидия Герасимова – Мииринэйдээҕи Хайа-байытар кэмбинээт химиичэскэй отделениетын алмаастаах концентраттарын доводчига. 2004 сыллаахха төрөппүттэрин батыһан, дьиэ кэргэнин кытары Бурятияттан Саха сиригэр кэлбитэ. Кини тута Саха сирин дьоно үтүө санаалаахтарын, холкуларын сөхпүтэ, Герасимовтар сыыйа-баайа олохсуйан барбыттара. Лидия, баҕа санаатын толорон, милииссийэҕэ алмааһы хостуур бырамыысыланнас тэрилтэлэрин харабыллыыр отделга үлэҕэ киирбитэ.
— Биэс сыл үлэлээбитим. Үлэлиир сирбин-уоппун, харабыллыыр сылларбар фабриканы интэриэһиргээн барбытым, дьон хайдах үлэлиирин билиэхпин куруук баҕарар этим, — диэн Лидия күлэр.
Ити сылларга Лидия Саха судаарыстыбаннай университетыгар геологическай-чинчийэр факультекка ньиэп-гаас дьыалатыгар үөрэнэ киирбитэ. Онтон үөрэҕин бүтэрэн баран, баахтаҕа үлэлиир кыаҕа суоҕун өйдөөбүтэ. Тоҕо диэтэххэ, кэргэнэ Накыыҥҥа эмиэ баахта ньыматынан үлэлии сылдьара, онон оҕолорун соҕотохтуу хаалларара табыллыбата.
Лидия Мииринэйдээҕи Хайа-байытар кэмбинээккэ сэкирэтээринэн киирбитэ, онтон өрөмүөннүүр-тутар анал тэрилтэҕэ көспүтэ. Арай биирдэ, онно обходной лииһин толорторо сылдьан куттал суох буолуутун сулууспатыгар киирэ сылдьыбыта. Начаалынньык Игорь Львович кинини көрөн баран:
— Биһиэхэ маннык дьон наада, 3-с нүөмэрдээх фабрикаҕа хонтуруоллааччынан барыаҥ дуо? Үлэҕин үөрэххин кытта дьүөрэлиэҥ, — диэн этии киллэрбитэ.
Үс ый ааспыта, фабрикаҕа быраактыкаламмытын кэннэ сыаналаах бородууксуйаҕа 4 разрядтаах хонтуруолдьут дастабырыанньатын туттарбыттара. Ити курдук, Лидия Мииринэйдээҕи ХБК түмүк-доводка сыаҕар баар буолбута.
— Оттон мин барыны бары билэ-көрө сатыыр идэлээхпин, туох тэрилин, хайдах үлэлиирин интэриэһиргиибин. Онуоха эбии алмаастаах бородууксуйа доводчига дастабырыанньалаах этим, онон химиичэскэй отделениеҕа доводчигынан ылалларыгар көрдөспүтүм. Миигин көһөрбүттэрэ уонна бу сыахха номнуо биэс сыл үлэлээтим, — диэн Лидия кэпсиир.
Доводчик үлэтэ судургута суох. Кини туттар тэрилин, приборун тутулун, туһаныы быраабылаларын, алмаастаах матырыйааллары химическэй уонна термическэй чочуйуу технологияларын билиэхтээх.
— Биһиги сыалбыт-сорукпут — кирдээх матырыйаалы кылабачытыы, ону концентрированнай кислоталарга ыраастааһын. Биһиги алмаастары туох баар булкаастан барытыттан ыраастыыбыт, биһигиттэн олус ыраас, кылабачыгас уонна кыраһыабай көрүҥнээх бараллар, — диир мин сэһэргэһээччим. — Сыахха 40-тан тахса киһи, сүрүннээн дьахталлар үлэлииллэр, приемнай, химиичэскэй уонна минералогическай диэн үс отделение баар. Бары бэйэлэрэ тус-туспа үлэлээхтэр.
Үлэбит кислоталары, химияны кытары сибээстээх буолан, үлэһиттэр анал таҥастаахтар, респиратордаахтар, көмүскүүр ачыкылаахтар.
— Бэйэм идэбин наһаа сөбүлүүбүн, дууһабын ууран туран үлэлиибин, алмааһы ыраастааһын хаамыытын кэрэхсиибин. АЛРОСА хампаанньаҕа үлэ — туруктаах хамнас, бастыҥ кэлэктиип, идэҕин үрдэтэргэ кыах. Ити олус үөрдэр, — диир Лидия Александровна.
Кэргэнэ Вячеслав Накыыҥҥа хайа тырааныспарын уонна тэрилин силиэсэринэн үлэлиир, баахтаҕа сылдьар.
Уоллара Виктор – Мииринэйдээҕи эрэгийиэннээҕи тиэхиньиичэскэй кэллиэс устудьуона, кыыстара Алена 7-с кылааска үөрэнэр.
Лидия сололоох кэмигэр кириэһинэн быысыпкалыыр, алмаастаах мозаиканан дьарыктанар. Герасимовтар дьиэ кэргэнинэн айылҕаҕа тахсалларын, тапталлаах даачаларыгар сынньаналларын сөбүлүүллэр. Сайын аайы Бурятияҕа төрөппүттэригэр ыалдьыттыы бараллар. Кинилэр Мииринэйгэ олороллорун эмиэ сөбүлүүллэр, Мииринэй куорат улахана суох, чөкө диэн этэллэр.
ФЛОТАТОР – ДЬАХТАР ИДЭТЭ
Светлана уонна Александр Марковтары дьылҕалара Удачнайга сирдээбитэ. Эдэр киһи Александр икки сылга хамнас өлөрө кэлэн баран, Саха сиригэр тапталын, дьылҕатын көрсөн өр сылларга хаалбыта.
Светлана Маркова Өлөөн оройуонун Ээйик сэлиэнньэтиттэн сылдьар. Кыыс оскуоланы бүтэрэн баран, Красноярскайга кэллиэскэ киирбитэ, онтон үөрэҕин Иркутскайга экэниэмикэ уонна быраап Байкаллааҕы университетыгар салҕаабыта. Онтон экэнэмиис идэтин ыллар даҕаны, олорон эрэ үлэ киниэнэ буолбатаҕын өйдөөбүтэ.
Дьиэ кэргэнин балаһыанньатынан Удачнайга көспүтэ, 14 сыл устата профилакторийга үлэлээбитэ. Дьиҥэр, байытар фабрикаҕа үлэлиэн баҕарара. Ыра санаатын олоххо чугаһатар туһугар бэл, АЛРОСА Удачнайдааҕы үөрэтэр-куурус кэмбинээтигэр флотатор кууруһугар үөрэммитэ.
— Ол кэмнэргэ үлэҕэ ылыллар кыаллыбатаҕа, бакаансыйа суоҕа, онон ити туһунан умнан кэбиспитим, — диэн Светлана ахтар.
Кини 2018 сыллаахха дьэ, фабрикаҕа үлэлиир буолбута. Ол эрээри, быстах кэмҥэ.
— Бастакы үлэм күнүн өйдүүбүн. Миэхэ үс-түөрт кээмэйинэн улахан робаны биэрбиттэрэ, бэйэбин сиэркилэҕэ көрөн баран күлбүтүм уонна үлэлии барбытым. Үлэм миэстэтин көрөн баран, кыратык соһуйбутум, 8 этээс тухары улахан сыах баар, олус элбэх тэрили көрөн дьиктиргээбитим, — диир кини.
Саҥа кэлбит үлэһит кыргыттары флотатор Марина Васильева көрсүбүтэ. Кыргыттар икки нэдиэлэ устата киниттэн харыс да халбарыйбатахтара, миэстэтигэр үөрэммиттэрэ.
Светлананы бастайааннай үлэҕэ ылбыттара икки сыл буолла, кини билигин — Удачнайдааҕы ХБК 12 нүөмэрдээх фабрикатын 3-с разрядтаах флотатора.
Флотатор күүгэннээх сепарация ньыматынан бытархай алмаастары ылҕааһынынан дьарыктанар.
— Биһиги тохтоон хаалыы тахсыбатын, реагеннары кэмигэр биэрэллэрин курдук тэрил үлэтин, төһө урууда бэриллибититтэн көрөн ахсаанын уонна күүгэннээх бородуукта ахсаанын кэтээн көрөбүт. Үлэбит хамсаныылаах, тоҕо диэтэххэ, ардыгар этээстэринэн сүүрэҕин, гидро-ыраастааһыҥҥа шлангалары таһаҕын, аһар-сабар оҥоһуктары хамсатаҕын уо.д.а. — диэн исписэлиис кэпсиир.
Светлана билинэринэн, уопуттаах флотатор кыраҕы харахтаах, флотационнай массыына үлэтинэн көрөн, барыта үчүгэйдик баран иһэрин быһаарыан сөп.
— Биллэн турар, бастаан симиэнэнэн үлэҕэ сөп түбэһэ охсор ыарахан этэ, онтон үөрэнэн хаалбытым. Үлэбин сөбүлүүбүн. Биир сиргэ олорорбун сөбүлээбэппин, хамсанарбын уонна элбэх сыаллаах-соруктаах сылдьарбын ордоробун, — диэн мичээрдиир.
Ити кини хоббитыттан да көстөр. Светлана сололоох кэмигэр АЛРОСА Култуура-успуорт комплексыгар «Дьэргэлгэн» ансаамбылга үҥкүүлүүр, успуордунан актыыбынайдык дьарыктанар. Пандемия иннинэ волейболга оонньуура, пауэрлифтинынан дьарыктаммыта. Былырыын, мас тардыһыытыгар оройуоннааҕы күрэхтэһии хас да төгүллээх кыайыылааҕын быһыытынан, «Манчаары оонньууларыгар» успуорт национальнай көрүҥнэригэр XXI спартакиадаҕа кыттыбыта. Манна даҕатан эттэххэ, спортсменка оройуонун түһэн биэрбэтэҕэ, 16 кыттааччыттан 6-с миэстэлэммитэ.
— Көннөрү сөбүлээн дьарыктанар киһиэхэ куһаҕана суох көрдөрүү дии саныыбын. Мин ыһыахтар эрэ кэмнэригэр күрэхтэһиилэргэ кытта сырыттаҕым дии, — диир Светлана.
Кини өссө бырааһынньыктар кэмнэригэр аһылыктаах букеттары, полимер туойтан араас киэргэллэри оҥорорун сөбүлүүр.
— Хартыыналары уруһуйдуурбун саҕалыахпын баҕарабын. Сатаан уруһуйдуур эбиппин, — диэн Светлана күлэр.
Светлана кэргэнэ Александр кэнники Мииринэйдээҕи шахта-тутуу тэрилтэтигэр үлэлээбитэ сыл аҥаара буолла. Кэргэнниилэр дьиэ кэргэн быһыытынан хаһан бииргэ буолалларын күүтэллэр.
— Кэргэним Иркутскай уобалаһыттан сылдьар. Аан бастаан Саха сирин тымныытын сөбүлээбэтэх киһи билигин хотугу сири олус астынар, — диир Светлана.
Уоллара Богдан – «ЛЭТИ» Санкт-Петербурдааҕы судаарыстыбаннай электротехническай университекка прикладной математика уонна информатика факультетын бастакы кууруһун устудьуона.
— Дьахталлар кулун тутар 8 күнүнээҕи бырааһынньыктарын үлэбэр түүҥҥү симиэнэҕэ ылар былааннаахпын, онтон кулун тутар 9-с күнүттэн уоппускам саҕаланар, Мииринэйгэ кэргэммэр барыам, – диэн Светлана былааннарын үллэстэр.
КЫЛААБЫНАЙА,
ҮЛЭЛИЭХХЭ УОННА
ИННИН ДИЭКИ БАРЫАХХА
Накыын баахта бөһүөлэгин тепло-тиэхиньиичэскэй тэрилгэ, уунан, сылааһынан хааччыйыыга уонна энэргиэтикэҕэ учаастагын носуос тэрилин машиниһа Елена Алешинаны киэһэ хойут, МРТК энэргиэтикэ, ньиэп уонна гаас Светлинскэйдээҕи салаатыгар үөрэҕин кэнниттэн эрэ буллум. Елена уочараттаах уоппускатын кэмигэр идэтин үрдэтинэр, 2-с кууруһу бүтэрэр.
Елена Иркутскай уобаласка төрөөтөр да, Саха сиригэр 3 сааһыттан олорор уонна бэйэтин Саха сирин олохтооҕунан билинэр. Кини элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөн ыарахаттары тулуйа үөрэммит, элбэхтик үлэлииртэн куттаммат уонна туох эрэ саҥаны билэргэ, үөрэнэргэ мэлдьи бэлэм. Баҕар, ол иһин, носуос тэрилин машиниһынан быстах кэмҥэ ылыллыбыт, эйэҕэс-сайаҕас, үлэһит Ленаны кэлин штакка үлэлэтэ хааллардахтара.
Кини үс сыл Мииринэйдээҕи-Ньурбатааҕы Хайа-байытар кэмбинээккэ Накыыҥҥа баахта ньыматынан үлэлиир. Үлэтин олус сыаналыыр. Тоҕо диэтэххэ, урут чааһынай урбаанньыкка үлэлээбитэ, онон хамнаһы хойутатан биэрии диэн тугун билэр. Оттон манна хамнас кэмигэр кэлэ турар, бириэмийэ бэриллэр – барыта табыгастаах.
— Мин маннык үлэлиирбин сөбүлүүбүн. Биир ый үлэлиигин, онтон биир ый сынньанаҕын. Үлэлиир усулуобуйабыт олус үчүгэй, 2 мэндиэмэннээх дьиэҕэ олоробут, хас биирдиибит бэйэтэ хостоох, ким да кимиэхэ да мэһэйдээбэт. Син биир дьиэҕэр курдук. Остолобуой асчыттара минньигэстик астыыллар, буфет баар, бэйэбит тугу эмэ астыахпытын эмиэ сөп, — диэн кэпсиир Елена.
Кини этэринэн, кэлэктиип олус үчүгэй, идэлэригэр таһымнаахтар, эппиэтинэстээхтэр.
— Накыыҥҥа кэрэ аҥаардар элбэхтэр, билигин итинэн кими да дьиктиргэппэккин. Дахталлар эр дьон идэтин кинилэрдээҕэр куһаҕана суох баһылыыллар, — диэн бүгүҥҥү дьоруойум күлэ-күлэ этэр.
Чахчыта да, кини «Тепло-тиэхиньиичэскэй тэрил, сылааһынан, уунан хааччыйыы» идэҕэ мээнэҕэ үөрэммэт.
Үөрэнэр хаһан да хойут буолбат, — диир мин сэһэргэһээччим. — Оттон хампаанньаҕа салгыы үлэлиэххин баҕарар буоллаххына, идэҕин үрдэтиэххин наада.
— Биһиги сорукпут – туһанааччыбытын уунан хааччыйыы, улахан иһиккэ уу таһымын, баттааһынын, кыраадыһын кэтээн көрөбүт, автоматика харгыстаммакка үлэлиирин туһугар кыаллары барытын оҥоробут. Онтон бытархай үлэлэр: аһар-сабар оҥоһуктары эрийэн, сыҕарытан биэрии, тугу эрэ өрөмүөннээһин эмиэ кыһалҕа буолбатах, — диир Елена.
Кэрэ аҥаардар ханнык баҕарар үлэҕэ кэрэлэринэн хаалаллар. Елена: «Учаастакка илдьэр массыынаҕа 8 чааска баар буолар туһугар 5-6 чааска турабыт, үлэҕэ кыраһыабай көрүҥнээх тахсаары сирэйбитин-харахпытын көрүнэбит, баттахпытын оҥостобут», — диэн күлэр.
Манна сыһыаран эттэххэ, бөһүөлэккэ баар успуорт саалатыгар успуордунан дьарыктаныахха сөп, инникитин үлэһиттэри сынньатарга тугу эмэ толкуйдуур былааннаахтар.
Елена кыыһа Александра Москваҕа олорор уонна үөрэнэр. Ийэ киһи кыыһынан киэн туттар, кыыһа үөрэнэр кэллиэһигэр дипломнай үлэтэ биир бастыҥынан билиниллибитэ. Инникитин суруналыыс, фотограф буолуохтаах Александра салгыы үрдүк үөрэххэ киириэн баҕарар.
— Үлэһит буола улаатан иһэрэ миигин үөрдэр. Дьиэ кэргэммэр элбэх этибит, ийэбит үс оҕотун соҕотоҕун ииппитэ. Ол иһин, тута үлэҕэ киирбитим, туох үлэ баарынан ылсан иһэрим. Кыыспар барыта атын буолуон баҕарабын. Сүрүнэ, киниэхэ табыллан иһэриттэн астынабын, — диэн оҕотун муҥура суох таптыыр ийэ санаатын үллэстэр.
Елена оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан муусука оскуолатын бүтэрбитэ, Мииринэйгэ Култуура дьиэтигэр «Отражение» вокальнай-инструментальнай ансаамбылга ыллаабыта. Сотору-сотору куорат тэрээһиннэригэр, бэстибээллэргэ кытталлара, Иркутскай уобаласка гостуруоллуу бараллара. Кинилэр кэннилэриттэн бу ансаамбылга билигин Арассыыйа эстрадатын сулуһа, биир дойдулаахтара Виктория Дайнеко ыллаабыта.
Елена дьиэ кэргэнэ муусукаҕа сыһыаннаах. Ийэтэ Галина Николаевна өр сылларга Мииринэйдээҕи ХБК автобазатын «Раздолье» ансаамбылыгар, оттон быраата «Алмаас» Култуура дьиэтигэр «КВИНТ» бөлөххө ыллаабыттара. Дьиктитэ диэн, Елена эһээтэ «Играй, гармонь» биэриигэ кыттан турар.
— Дьиэбэр кэллэхпинэ, муусука айабын, синтезаторга оонньуубун, ыллыыбын, оччоҕо сылайбытым ханна да суох буолар. Сынньанан улахан дуоһуйууну ылабын, — диир Елена.
АЛРОСА-ҕа үлэлээн, кини ыра санаатын толорбута — массыына атыыласпыта.
— Билигин иккис баҕа санаам туоларын туһугар үлэлиибин, ол гынан баран, туола илигинэ улаханнык саҥарбаппын. Туох да диэбит иһин, миэхэ саамай сүрүнэ — чугас уонна аймах дьонум чэгиэн-чэбдик сылдьаллара уонна дьоллоох буолаллара. Оттон олох-дьаһах өттүгэр баҕа санааларым — толоруллар кыахтаах сыалым-соругум. Кылаабынайа, аһара баҕарыахха уонна ол санааны толорор туһугар хамсаныахха, үлэлиэххэ наада, — диир кини.
Елена сиэссийэтин бүтэрээт, сөмөлүөккэ олорон баахтаҕа үлэлии көтүөр диэри биир эрэ күн хаалар.
— Биллэн турар, ол күнү бэйэбэр эрэ аныам, эбэһээт Кэрэ буолуу солуонугар барыам, онтон сарсыныгар кыраһыабай көрүҥнээх үлэбэр тиийиэм, — диэн Елена санаатын түһэрбэт.
Елена Дьахталлар аан дойдутааҕы күннэрин баахтаҕа биир идэлээхтэрин кытары көрсүө. Үлэ күнэ да буоллун, бырааһынньык тыына син биир баар. Саас кэллэҕэ дии.
«Саха сирэ», edersaas.ru сайтка анаан Матрена КОНДРАТЬЕВА суруйуутуттан тылбаас.