Бүгүн куйаар ситиминэн Таатта улууһун М.Н. Хатылаева аатынан Баайаҕа модельнай бибилэтиэкэтин иһинэн үлэлиир «Көмүлүөк күлүмэ» литературнай түмсүү тэрийиитинэн уус, саха бөлүһүөгэ, айанньыт Борис Неустроев-Мандар Уус «Куйаары улаҕатынан, сири сиксигинэн» диэн үс тылынан (сахалыы, нууччалыы, английскайдыы) тахсыбыт анаарыы альбом-кинигэтин ырытар бэрт интэриэһинэй кэпсэтии буолан ааста.
Бу бэрт интэриэһинэй кэпсэтиигэ саха биллиилээх дьоһун дьоно, ыраахтан-чугастан, ол эбэтэр ыраах Хакасияттан тиийэ кыттыһан, бэрт сэргэх кэпсэтии таҕыста. Тэрээһини Баайаҕа модульнай бибилэтиэкэтин салайааччыта Александра Кустурова көҕүлээн ыытта.
Кэпсэтиигэ Борис Неустроев-Мандар Уус бэйэтинэн кытынна. «Кинигэ оҥоһулла илигиттэн араас бириэмийэни ылан сөхтөрдө», — диэн кэпсэтиини саҕалаата саха бөлүһүөгэ.
Мандар ойууларын түмэн оҥорбут Николай Егоров-Баайаҕыын бэлиэтииринэн, кинигэ 2020 сыллаахха «Алаас» кинигэ кыһатыгар үс тылынан бэчээттэнэн тахсыбыт.
— Бу Борис Неустроев-Мандар Уус 75 сааһыгар тахсыбыт 200 сирэйдээх 186 ойуу киирбит кинигэ. Маныаха биһиги, баайаҕалар, Харбалаахтааҕы чох разреһын «Төлөн» акционернай тэрилтэ салайааччыта Прокопий Рахлеевка үбүнэн көмөлөспүтүгэр, альбом тахсарыгар өйөбүлү оҥорбут Ил Түмэн народнай дьокутаатыгар Александр Жирковка, Ил Дархан пресс-сэкиритээригэр Афанасий Ноевка, нэһилиэкпит баһылыгар Роман Романовка барҕа махталбытын тиэрдэбит. Альбом бэчээттэнэн тахсаат, «Кинигэ-2020» бэстибээлгэ бастаан, анал Кубогынан бэлиэтэммитэ, — диэн кэпсиир Николай Егоров-Баайаҕыын.
Куйаар ситиминэн кэпсэтиигэ Мандар Уус альбомҥа киирбит ойууларын ис хоһоонун билиһиннэрдэ. Кини үлэлэрин «саахымат-дуобат» курдук таайтарыылаахтар, киһини уһуннук толкуйдаталлар диэтэ. «Мин ойууларым ис хоһоонун тутуоххут суоҕа. Хас биирдии киһи бэйэтэ тойонноон таһаарар», — диир Мандар Уус. Кини «Айан» диэн кинигэни суруйа сылдьар эбит. Сүрүнээн тыаҕа тэтэрээтин уонна харандааһын илдьэ сылдьан, чэйдии олорон, ардыгар кэбиһиилээх окко киирэн сытан, айылҕаны кытта алтыһыытын уруһуйдуура үһү. Ол курдук, кини күн сардаҥатын хайдах көрөрүн уруһуйдаабытын кэпсээтэ. «Бу айаннаан иһэр күн. Үгүс былыргы оҥоһуктарга — иистэнньэҥнэр да, уустар үлэлэригэр да көрүөххэ сөп», — диэн быһаарда бөлүһүөк.
Кырдьык, хараххын симириктээн көрдөххүнэ, күн сардаҥатын үкчү маннык ойуулаан көрөҕүн дии. Ол аата күн айаннаан иһэр эбит.
«Оттон бу Галактикаҕа ойуун дүҥүрэ тахсан кэлбит», — диэн ойуутун быһаарар Мандар Уус.
Аны олоҥхоһут тоҕо бу курдук иттэнэ олорон кэпсиирин, онно салгын хайдах хамсыырын быһаарыыта — киһи эмиэ «кырдьык даҕаны!» диэн саҥа аллайыах курдук.
—— Мандар Уус ойууларын бэрт элбэх киһиэхэ көрдөрөн тойонноттум, быһаартардым. Дьэ, сүнньүн булан ылаллар эбит, доҕоор! Тута куолулаабытынан бараллар. Ол эттэхтэринэ, бу ойууну эн тойоннообуккуттан олох атын кэпсэл тахсан кэлэр ээ, — диэн соһуйар Баайаҕыын.
Кини бэлиэтииринэн, Мандар Уус лааҕырыгар дьарыктана кэлэр оҕолор ордук интэриэһинэй философскай көрүүлэри оҥорон ойуулууллар эбит. «Биһиэхэ көннөрү оҕолор кэлбэттэр ээ. Олох айдарыылаах ыччаттар толкуйдара диэх курдук. «Ноо!» диэн соһуйуохпар диэри кэпсээн таһаараллар», — диэн салгыы кэпсиир Баайаҕыын.
— Оҕо фантазията баар, дьикти эриэккэс сахалыы санаа. Киһини бэйэтин толкуйдатар. Онон ордук бу коронавирус сыстыганнаах дьаҥын кэмигэр киһи соҕотоҕун иһийэн Мандар Уус ойууларын көрө олорон быыппастар кэмигэр ыраастаныан, бэйэтин кытта бэйэтэ кэпсэтиэн, куйаарга тиийэн, олоҕун анаарыан, ырытан көрүөн сөп. Бу онно туһуламмыт киһини толкуйдатар ойуулар.
Куйаар ситиминэн кэпсэтиигэ Хакасияттан историческай наука кандидата, Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «Улуг Хуртуях тас» түмэли, Үөһээ Теятааҕы М.Е. Кильчичаков аатынан хакас литературнай мусуой-уһаайбатын төрүттээччи, хакаастар улуу ойууннара Леонид Горбатов кыттыыны ылла. Леонид Васильевич Мандар Ууһу кытта кыайан көрсө илик эбит. Дьаҥ-ыарыы аастаҕына хайаан да кэлэн, анаан көрсөр былааннаах.
Леонид Горбатов Мандар Ууһу саха духуобунай култууратын өйүгэр-сүрэҕэр дириҥник сөҥөрдөн илдьэ сылдьар, айылҕаттан айдарыылаах киһинэн сыаналаан туран, бөлүһүөк ойууларын «куйаары кытта ыкса ситимнээхтэр, бу киһи «геннай» өйө-санаата, кини дууһатын итэҕэлин уонна Ийэ дойдутун кытта ыкса сибээһэ», — диэн бэлиэтээтэ.
Санааларын этиммит дьон Мандар Уус биир сүрүн уратытын бэлиэтээтилэр. Ол — элбэх туочуканы олус хойуутук туттара буолар. Элбэх туочуканы кини суругар-бичигэр эрэ буолбакка, ойууларыгар кытта туттар эбит. «Ол эбэтэр кини бу ойууларынан киһи элбэҕи куолулуон-тойоннуон сөбүн ыйар, салгыы бэйэлэрэ ситэрэн-хоторон толкуйдуулларыгар ыҥырар», — диэн бэлиэтээтилэр этиммит дьон.
Куйаар ситиминэн ойуу альбомун кэпсэтиигэ бэрт дьоһун суолталаах этиини Ил Түмэн Мунньаҕын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Жирков оҥордо. Кини Мандар Ууска санаатын тиэрдэригэр олох кылгас бириэмэ бэриллибитин ыйан туран, «Саха»НКИХ бу альбом-кинигэҕэ анаан хас да түһүмэхтээх биэриилэри оҥороругар тыл көтөҕүөх буолла.
«Бу мустан олорор эрэ дьон буолбакка, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо бары Мандар хас биирдии ойуутун бэйэтэ быһааран биэрэрин иһиттэхтэринэ, кини мындыр толкуйун, санаатын бар дьоно интэриэһиргиэ этилэр. Онон мин кэлэр нэдиэлэ саҥатыгар «Саха» НКИХ салалтатыгар суруналыыстар Мандар Ууска тиийэн, анал биэрии оҥороллоругар этии киллэрэн суруйуом«, — диэн санаатын тиэртэ Александр Жирков.
Онон Мандар Уус 75 сааһыгар ананан тахсыбыт бэртээхэй саҥа кинигэтэ бар дьонугар дьоһуннаах бэлэҕинэн буолуоҕа.
Түгэнинэн туһанан, биири бэлиэтиир тоҕоостоох: 2020 сыллаахха тахсыбыт кинигэни куйаар ситимин көмөтүнэн үгүспүт быйыл эрэ биллибит. Онон иһитиннэрэр-сырдатар үлэ олус бытааннык барбыт эбит. Дьиҥэр араас иһитиннэрэр эйгэнэн — араадьыйанан, тэлэбиидэнньэнэн олох киэҥник сырдатыахха баар этэ. Хата, куйаар ситимин нөҥүө биллибит, бэртээхэй кинигэ-альбом тахсыбытын.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.