Мандар Уус саҥа кинигэтэ тахсыаҕа

Ааптар: 
04.12.2020
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ «Бичик» кинигэ кыһата саха ааҕааччытыгар бэрт интэриэһинэй сонун бэлэҕи уунуоҕа. 

edersaas.ru

Ойууһут, тимир ууһа, уһуйааччы, айанньыт, бөлүһүөк Б.Ф. Неустроев-Мандар Уус оҕону, ыччаты сайыннарар, олоххо үөрэтэр “Кэриим айан” диэн бастыҥ кинигэтэ  сотору атыыга тахсыаҕа.

Бу туһунан «Бичик» кыһатын эрэдээктэрэ Ульяна Семенова кэпсиир:

Тыа сиригэр олорор уол кыра сааһыттан соҕотоҕун, аһылыга, сылаас таҥаһа суох, үрүсээгэр үс күҥҥэ үссэнэр суухаралаах, харандаастаах, тэтэрээттээх эрэ Саха сирин устата 2 ый сылдьардыы, күҥҥэ 6-10 көһү барардыы, хаамыы араас ньыматын туттан, этин-сиинин үөрэтэн, өйүн-санаатын эрчийэн, аччыктыыры, тоҥору, кутталы, өлүүнү кыайан, бэйэтин тургутардыы, киһи муҥутуур кыахтааҕын, айылҕаны кытта чугас ситимнээҕин дакаастыы, бар дьонун иннигэр туруоруммут улахан сыалын ситиһэ кэриим айаҥҥа турунар.
Кинигэҕэ Мандар Уус оҕо сааһыттан дьарыгын — кэриим айанын туһунан сиһилии суруйар. Хаамыы ньыматын, өй-санаа тургутуутун, бэйэни ииттиниини, мүччүргэннээх сырыыларын, өбүгэ бэлэҕин, олох кэрэтин — киһи уонна айылҕа быстыспат күүстээҕин, киһи муҥура суох кыаҕын туһунан итэҕэтиилээхтик кэпсиир.

Итини таһынан кинигэҕэ өр сыл устата муспут мас, туос, тимир оһуора-мандара  киирдилэр, ойуулара бэрилиннилэр. Оҕо сааһыттан күн бүгүҥҥэ диэри хаартыскаҕа үйэтитиллибит ураты түгэннэрэ тиһилиннилэр.

Кинигэ туһаайар сүрүн тиэмэлэрэ:

  • БЭЙЭНИ САЙЫННАРЫЫ
    — сыал-сорук туруорунуу
    — санааны салайыныы
    — хас үүнэр күнү, олоҕу таптааһын, махтаныы
    — айылҕаҕа, дьоҥҥо сыһыан
    — ис күүһү уһугуннарыы
  • ОҔОНУ ИИТИИ
    — оҕо төрөппүтү, атын дьону кытта сыһыана
    — үлэнэн иитии, тургутуу
    — кыаҕы толору туһанарга, дьоҕуру арыйарга көмөлөһүү
  • АЙЫЛҔА
    — кэрэтин таба көрөргө үөрэнии
    — күүһүн туһаныы, махтаныы
    — айылҕаны кытта биир буолуу
    — айылҕа сокуонун тутуһуу, сиэр-туом
  • ЧӨЛ ОЛОХ
    — айылҕаҕа хаамыы суолтата, ньымалара
    — аһы көрүнүү, сөпкө аһааһын
    — таҥас, мал-сал бэлэмнэнии
    — бэйэни тургутарга өйү-санааны, эти-сиини үөрэтии
  • АЙЫЛҔАНЫ кытта биир буолуҥ, чугастык алтыһыҥ, итэҕэйиҥ, ытыктааҥ оччоҕо эйиэхэ үгүһү утары уунуо — арыллыаҥ, дириҥи өйдүөҥ!

Халыҥ тастаах ураты дизайннаах 112 сирэйдээх өҥнөөх лиистэрдээх дьэрэкээн хаартыскалардаах кинигэ таһын талааннаах уруһуйдьут Иннокентий Корякин @koriakininnokentii ойуулаата.

Ааптар сүбэлэрэ, мындыр санаалара ааҕааччыга анаан чопчу бэлиэтэннилэр.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0