“Саҥа дьылга үтүө дьыаланы оҥор” диэн акцияны “Харысхал” аһымал пуонда тэрийдэ. Акцияҕа саха дьоно ытыктыыр киһибит, норуот маастара, бөлүһүөк, Духуобунас академиятын академига Борис Неустроев-Мандар Уус кытынна. Кини үүнэр сылга харысхал оҥордо.
edersaas.ru
Хас биирдии оһуор-ойуу туох эрэ суолталаах. Оттон Мандар Уус саха ойуутун-оһуорун үөрэтэргэ олоҕун анаабыт киһи.
Харысхал ойуутун киинигэр ытык Күн бэлиэтэ Олоххо тардыһыы сибэккилэрин эминньэхтэринэн иилэммит, алта сиринэн көмүскэллээх. Ону үүнүү-сайдыы, инникини түстүүр оһуордар тулалыыллар. Алта өттүттэн түөрт харах бэлиэлэрэ харыстыыр, арчылыыр суолталаахтар. Ол эбэтэр үөһээттэн-алларааттан, хотуттан-соҕурууттан, илинтэн-арҕааттан харысхаллаах буолаҕын. Бу ытык ойуу төгүрүччү үс күрүөнэн көмүскэллээх.
“Саҥа дьылга үтүөнү бэлэхтээ” акция ахсынньы 1 күнүттэн тохсунньу 10 күнүгэр диэри салҕанар. Ким баҕарар “Алмаз” супермаркетка киирэн, 100 солкуобайы “Харысхал” аһымал пуондаҕа сиэртибэлиэн сөп. Киниэхэ Мандар Уус алгыстаах харысхалын бэлэх ууналлар. Хомуллубут үп-харчы инбэлиит оҕолорго аналлаах куруһуоктары тэрийэргэ, сайыннарарга барыаҕа.
Мандар Уус этэринэн, үтүөнү оҥорбут киһи сылын этэҥҥэ түмүктүүр уонна Саҥа дьылы нус-хас санаалаах, этэҥҥэ көрсөр. Маннык харысхалы илиигэр туттаххына, ытык киһибит Мандар Уус алгыһын ылбыт курдук сананыаҥ.
“Алмаз” супермаркеттар аадырыстара: 202 мкр. 1/1; Автодорожнай уул., 44; Дзержинскэй уул., 52/1; Жатай б., Севернэй уул., 45; Каландарашвили уул., 42/1; Лермонтов уул, 49; Ново-Карьернай уул., 24, корп. 1; Орджоникидзе, 38; «Туймаада» атыы-эргиэн дьиэтэ; Петровскай уул., 32/1; Сэргэлээх шоссета, 4 км, 25а; Хатыҥ Үрэх шоссета, 5 км.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru