«Манчаары оонньууларын» арыйыы сиэрин-туомун тэлэбиисэринэн көрүөхпүт
«Манчаары оонньуулара» спартакиада үөрүүлээх аһыллыыта от ыйын 7 күнүгэр Бэрдьигэстээххэ «Чыпчаал» стадиоҥҥа буолуоҕа. Көрөөччүтэ суох. Ол гынан баран, долгуйа күүппүт тэрээһиммитин «Саха» НКИХ 21.00 ч. биэриэҕэ.
.
Киэҥ хабааннаах театрализованнай көрдөрүүгэ П.А.Ойуунускай аатынан саха академическай драматическай тыйаатыра, С.Зверев аатынан үҥкүү национальнай тыйаатыра, судаарыстбаннай цииркэ, Олоҥхо тыйаатыра, Г.М.Кривошапко аатынан судаарыстыбаннай филармония, ХИФУ айар кэлэктииптэрэ, «Кыталык» үҥкүү норуодунай ансаамбыла (Мэҥэ Хаҥалас улууһа) кытталлар. Култуура бырагырааматын кыттыылаахтара коронавируһу утары быһыыны бары ылбыттар.
Бэрдьигэстээххэ бэс ыйын 20 күнүттэн туруорааччы бөлөх кыттыылаах бэлэмнэниилэр саҕаламмыттара. Сүрүн режиссер — саха академическай тыйаатыр режиссера Руслан Тараховскай. Официальнаас режиссера «Сэргэлээх уоттара» ХИФУ култуураҕа киинин дириэктэрэ Алексей Константинов. Тэрийээччилэр тэрээһин аһыллыытыгар элбэх кэрэхсэбиллээх түгэннэр баалларын иһитиннэрэллэр.
«Барыта толору көрдөрүллүө. Ол гынан баран көрөөччүтэ суох ыытарга быһаарыы ылыллыбыта. Онон билигин сүрүн чааһын уонна кыттааччылар сэлэлээн хаамыыларын киэбин быһаарабыт. Театрализованнай бырагыраамалары «Саха» НКИХ биэриитигэр көрүөххүт. Туруорар бөлөх олус кыһамньылаахтык үлэлээтэ. Сценарий Горнай улууһун ытык дьоно, ини-бии Софрон уонна Семен Даниловтар айымньыларыгар олоҕуран оҥоһулунна. Семен Данилов элбэх хоһооно туһанылынна. Сүрүн тиэмэ — кэлэр кэскил, IT технологиялар, инники күөҥҥэ тахсыы. СӨ Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин аатыттан улуус бары олохтоохторугар култуурунай бырагырааманы тэрийиигэ иһин махтанабын», — миниистири солбуйааччы Марина Силина.
Тэрээһини арыйыыга РФ Успуорка миниистирэ Олег Матыцин, РФ Олимпийскай кэмитиэтин бэрэсидьиэнэ Станислав Поздняков кыттыыны ылыахтара. Маныаха Олимпиада сүрүн бэлиэтэ бырагыраама устатын тухары арыаллыа. Халлаан күөҕэ науканы, кыһыл — култуураны, духуобунаһы, ускуустубаны, от күөҕэ — тулалыыр эйгэни, хара — бырамыысыланнаһы, саһархай — экэниэмикэни сирэйдээн көрдөрүөхтэрэ.