«Манчаары оонньууларын» бастакы чөмпүйүөнэ — Елена Мутовина

Ааптар: 
07.07.2017
Бөлөххө киир:

«Манчаары оонньууларын» иккис күнүгэр «Үс Хоһуун» стадион «Спорт королеватынан» ааттанар чэпчэки атлетика былааһыгар бэрилиннэ. Манна сарсыардаттан уолаттар — биэс, кыргыттар — үс, эр дьон—  уон, дьахталлар — биэс биэрэстэҕэ илин-кэлин түһүстүлэр. Ону сэргэ, уолаттар уонна кыргыттар 100 миэтэрэҕэ ким ордук кытыгыраһын быһаарыстылар.


Кыргыттар үс биэрэстэҕэ сырсыыларыгар Сунтаар сүүрүгэ Сахаайа Глухарева дистанция ортотугар диэри салгын хайытан инники сырытта. Биэтэк чугаһыгар Сахаайаны тилэх баттаһа сылдьыбыт Елена Мутовина (Хаҥалас) аны инники таҕыста уонна сырсааччыларыттан атан барда. Уонна тэппит атаҕын кубулуппакка, биэтэккэ  бастакынан дайан кэллэ. Көрдөрүүтэ — 10 мүнүүтэ 53 сөкүүндэ.

Онон Елена спорт национальнай көрүҥнэригэр үбүлүөйдээх  Манчаары Оонньууларын бастакы чөмпүйүөнүнэн буолла.

Роман ПОПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0