«Манчаары оонньуулара». Успуорт бэтэрээнин санаата

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

«Манчаары оонньуулара» успуорт национальнай көрүҥнэрин XXI спартакиадата аан бастаан куйаар ситиминэн ыытыллар буолла. Саалаҕа, стадиоҥҥа киирэн олорон көрөөччүтэ суох.

Онон биэс күннээх күүрүүлээх күрэхтэһиини тэлэбиисэринэн, смартфонунан көрүөххүт диэн «Манчаары оонньууларын» спартакиадатын пресс-кииниттэн иһитиннэрэллэр.
Успуорт бэтэрээнэ, чөл олоҕу киэҥник тарҕатыһааччы, «Манчаары оонньууларын» төрүттээбит Афанасий Егорович Алексеев санаатын үллэһиннэ:
— Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо бары долгуйа кэтэһэр тэрээһиннэрэ буолара чугаһаан иһэр. Бары билэрбит курдук, успуорт национальнай көрүҥнэрэ саҥа таһымҥа тахсаннар, билигин аан дойдуга билэллэр. Биһиги онтон олус үөрэбит. Күрэхтэһиини уу харахтарынан көрөөрүлэр, тас дойдуттан элбэх ыалдьыт кэлиэн баҕарбыт буолуохтаах. Хомойуох иһин, эпидемиологическай балаһыанньаттан сылтаан, бары да куйаар ситиминэн, тэлэбиисэринэн эрэ көрөргө күһэлиннибит. Ханныгын да иһин, бу саамай сөптөөх быһаарыы дии саныыбын. Киһи доруобуйата саамай сүрүн буоллаҕа. Бу коронавирус дьаҥа хайдах курдук содуллааҕын билэ сылдьан, аахайбат буолуу табыллыбат. Оттон тэлэбиисэринэн бырааһынньыгы толору биэрэллэригэр  эрэнэбит.
Бары кыттааччыларга ситиһиилэри баҕарабын.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0