«Манчаары» — «Кыым» — «Саха сирэ» — ситим быстыбат

Ааптар: 
11.11.2016
Бөлөххө киир:

Кырдьаҕас “Кыым” хаһыат утумнааччылара буолабыт диэн мээнэҕэ эппэппит. Эрэдээксийэбитигэр төһө да аналлаах миэстэ, ыскылаат суоҕун иһин, тутан илдьэ хаалбыт баай ис хоһоонноох архыып матырыйаалларын, былыргы “кыымнар”, ааспыт үйэ хаһыатчыттара туттубут, туһаммыт тэриллэрин, матырыйаалларын кичэллээхтик харайан сытыарабыт.

“Кыым”, кэлин “Саха сирин” үлэһитэ Мария Кирилловна Корзенникова “Кыым” хаһыат эрэдээксийэтин 30-40-с сыллартан 1993 сылга диэри бирикээстэрин кинигэлэрин, летучкалар боротокуолларын, мунньахтар уураахтарын, атын да докумуоннары сыа-сым курдук тутан харайан сытыарбыта хайҕаллаах. Эрэдээксийэ олоҕун, суруналыыстар айар үлэлэрин көрдөрөр, аатырбыт фотокэрэспэдьиэннэр Еремей Порядин, Виктор Яковлев араас сылларга түһэрбит хаартыскаларынан фотоальбомнар сыаналаах матырыйаалларынан буолаллар.
Саха суруналыыстыкатын, бэчээтин итинник эриэккэс, сэдэх нэһилиэстибэтэ киэҥ билиигэ, көрүүгэ таһаарыллан, аныгы көлүөнэ суруналыыстарга билии-көрүү өттүнэн сайдалларыгар туһалыан наада. Итинник санаанан салайтаран, “Саха сирэ” хаһыат эрэдээксийэтэ сахалыы судаарыстыбаннай хаһыат төрүттэммитэ 95 сылынан сибээстээн, Бэчээт мусуойун тэрийэргэ быһаарынна.
Мусуой экспонаттарын билиһиннэрии сиэринэн таһаарабыт.

2828-kopiya-2

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0