“Манчаары” эрэдээктэрэ суоҕа. “Хаһыаты көрөн таһаарааччылар” диэн илии баттанара. Оччотооҕу киччиргэлээх кэмҥэ Платон Ойуунускай, Исидор Барахов, Семен Донской, Алексей Бояров, Максим Аммосов, Анемподист Софронов курдук чулуу дьоннорбут хаһыаты таһаарыыны илиилэригэр ылбыттар.
Саха интэлигиэнсийэтин биир тумулук туттар киһитэ, дьону-норуоту саҥа олоххо көҕүлээччи Алексей Бояров диэн кимий, хантан хааннаах, кимтэн кииннээх ыччатый?
1924 сыллаахха ыам ыйын 8 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ үөрэх уонна доруобуйа харыстабылын наркомун солбуйааччы, Политпросвещение сэбиэдиссэйэ дуоһунастаах Алексей Феодотович Бояров бэйэтин олоҕун, дьарыгын туһунан бу курдук суруйан хаалларбыт:
“1987 сыллаахха олунньу 10 күнүгэр Таатта улууһун Игидэй нэһилиэгэр Кураанах Алаас диэн сиргэ дьадаҥы ыалга төрөөбүтүм. 12 сааспар диэри дьоммун кытта, олохтоох тойотторго (кулаактарга) бэрт дуона суох төлөбүргэ үлэлээн олорбутум.
12 сааспар бэйэм баҕаран уонна төрөппүттэрим билсэр дьоннорун көмөлөрүнэн Хайахсыкка биир кылаастаах церковнай-приходской оскуолаҕа үөрэнэ киирбитим. Түөрт сыл пансионакка олорон үөрэммитим, үөрэнэрбэр, олорорбор сылга 33 солкуобай 33 харчы, харчы үс гыммыт биирэ төлөнөрө. Салгыы 1913-1914 үөрэх сылыгар Дьокуускайга икки кылаастаах учуутал оскуолатыгар үөрэнэр кыахтаммытым. Бу оскуола псаломщиктары, оскуолаҕа учууталлары үөрэтэн таһаарара. Ситиһиилээхтик бүтэрбиттэр салгыы Иркутскайга церковнай-учительскай сэминээрийэҕэ үөрэххэ ыытыллаллара.
Мин бу сэминээрийэни үс сыл үөрэнэн бүтэрэн, 1919 сыллаахха Саха уокуругун Майскай буолаһыгар тоҥус нэһилиэнньэтигэр учууталынан анаммытым. Сэминээрийэҕэ үөрэнэ сылдьан үөрэнээччилэр араас куруһуоктарыгар, тэрээһиннэригэр кыттарым уонна аан бастаан ыччат өрөбөлүссүйүөннэй хамсааһыны билбитим. Ол гынан, ханнык да бэлитиичэскэй баартыйаҕа киирбэтэҕим. Кэлин, 1919 сыллаахха, хаҥас-эсердэр Саха сиринээҕи тэрилтэлэригэр киирэн баран, бэлитиичэскэй көрүүлэрбитинэн арахсыһан, ол сыл бу тэрилтэттэн тахсыбытым.
1920 сыл ахсынньытыгар Арассыыйа хомуньуус баартыйатын саҥа олоҕу тутар бэлиитикэтин актыыбынайдык олоххо киллэрсэр баҕаттан, РКП(б) Саха сиринээҕи тэрилтэтин кэккэтигэр киирбитим уонна биир сэргэх саха-хомуньуус быһыытынан биллэбин. Хомуньуус баартыйаҕа киирэрбэр миигин РКП(б) 1917 сылтан чилиэнэ таб. Ойуунускай Платон Алексеевич уонна Губполитпросвет сэбиэдиссэйэ, РКП(б) 1918 сылтан чилиэнэ таб. Гоголев Степан Филиппович мэктиэлээбиттэрэ.
1919-1924 сылларга баартыйа салалтатынан араас тэрийэр, салайар дуоһунастарга, байыаннай, култуурунай-сырдатар, бартыыйнай лиинньэлэринэн үлэлээбитим. Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэҕэ диэри өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай олоҕор биллэр-көстөр кыттыыны ылбатаҕым. Ханнык да эрэпириэссийэҕэ түбэспэтэҕим, сууттамматаҕым. Икки сылтан ордук учууталлаабыт кэммэр, педагогическай үлэм биллэр түмүктэммитэ, дьон-сэргэ сэҥээриитин ылбыта диэххэ наада.
Саха сиригэр бастаанньыстар хамсааһыннара өрө туруутунан сибээстээн, учууталлыырбын тохтотон, баартыйа сорудаҕынан илиилэригэр саа тутан бастаанньыстары утары турунар этэрээттэргэ саха, нуучча баҕалаахтары хомуйуунан дьарыктаммытым. Устунан Саха сирин араас фроннарыгар тыылы бөҕөргөтүүгэ, кыһыл этэрээттэри бары наадалааҕынан, аһынан-үөлүнэн хааччыйарга киһи, сылгы күүһүн хаҥатыы соругун толорбутум. Ас-үөл нолуогун хомуйан, хоргуйан эрэр нэһилиэнньэни өрүһүйэргэ Дьокуускайга тириэрдии, кыһыл этэрээттэргэ баҕа өттүлэринэн холбоспуттар, бииргэ сулууспалыы сылдьааччыларбыт дьиэ кэргэннэрин кэтээһин-харабыллааһын боппуруостарын дьаһайбытым.
Бастаанньыстары хам баттааһын кэнниттэн, дьаһалта араас таһымыгар, улуустааҕы, уокуруктааҕы ситэриилээх кэмитиэттэр, туспа хамыыһыйалар бэрэссэдээтэллэринэн үлэлээн кэллим. Билиҥҥи дуоһунаһым – үөрэх, доруобуйа харыстабылын наркомун солбуйааччы уонна Политпросвет сэбиэдиссэйэ.
Уопсай салалта үлэтин сэргэ баартыйа лиинньэтинэн (РКП(б) уокуруктааҕы кэмитиэтэ), култуурунай-сырдатар (“Манчаары” уопсастыба бэрэссэдээтэлэ) үлэлэринэн дьарыктанабын. “Автономная Якутия” уонна “Кыым” хаһыаттар бастайааннай үлэһиттэрэбин. Партийнай, сэбиэскэй тутуу араас боппуруостарынан этэр-саҥарар бырааптаах баартыйа уобаластааҕы, уокуруктааҕы, куораттааҕы кэмитиэттэригэр учуокка турабын”.
Василий Алексеев, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ