Норуот туох иһин Манчаарыны таптаабытай?

17.10.2020
Бөлөххө киир:

Манчаары Баһылай курдук үгүстүк норуот номоҕор ахтыллыбыт, ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуйуллубут киһи сахаларга, бука, суоҕа буолуо. Дьэ, норуот туох иһин Манчаарыны таптаабыт эбитий? Омос көрдөххө, кини киэҥ суоллаах-иистээх түөкүн, хайа да бэйэлээх хаайыыттан күрээн иһэр ороспуонньук курдук… Ол эрээри, норуот хараҕа сытыы, кулгааҕа чуор – куһаҕан киһини таптаабат.

Быйыл уос номоҕор киирбит Манчаары Баһылай киинин түһэрбит, биһигэ ыйаммыт сиригэр – Арыылаах алааска сылдьар дьолго тигистим. Арыылаах алаас – күн бүгүн Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бөкө нэһилиэгин сирэ. Ол Манчаары саҕана Хаҥалас улууһун Нөөрүктээйи нэһилиэгэр киирэрэ. Мантан соччо ырааҕа суох сиргэ Атласовтар «Сотоград» сынньалаҥ паарканы тэрийэн үлэлэтэ тураллар. Онон сэбиэскэй кэмҥэ сөргүтүллүбүт Манчаары төрөөбүт балаҕанын уонна тиэргэнин макета, номоххо киирбит кини тапталлаах бэһэ «Сотоград» туристарын харахтарын далыттан чугас сытар, суол-иис да баар. Онон, баҕа­лаахтар хайа-талбыт Арыылаах алааска тиийэр, национальнай дьоруойбут дойдутун илэ көрөр, сүгүрүйэр кыахтаахтар…

Урааҥхай саха уон улуустарыгар сураҕырбыт хаҥыл санаа­лаах эр бэрдин туһунан сыанабыл дьыл-хонук аастаҕын ахсын, ­ыйааһын бэскитинии биэтэҥнии турар. Дьэ, ону саас-сааһынан ырытан-ыраҥалаан көрөргө холонуоҕуҥ.

ААСПЫТ ҮЙЭ АНААРЫЫЛАРА

Көҥүл-дохсун сырыылара, тулхадыйбат модун санаата Манчаары Баһылайы өссө тыыннааҕар уостан түспэт дьоруойга кубулуппута. Ол туоһутунан, сыылынай суру­йааччы Владимир Короленко, айар тыл аҕата Өксөкүлээх Өлөксөй, саха үөрэхтээҕэ, бэйиэт Николай Тимофеев-Терешкин саҕаттан үгүс фольклорист, кыраайы үөрэтээччи Манчаары туһунан хомуйбут тыһыынчанан үһүйээннэрэ, норуот ырыалара буолаллар.

Кэрэхсэбиллээҕэ, сахалар өссө «туспа урдустар» диэн баттал­лаах дьаралыктаах эрдэхпитинэ, кини албан аата, уустук дьылҕата Арассыыйа үөрэхтээхтэрин болҕомтотун тардыбыта. Ол курдук, өссө XIX үйэҕэ икки нуучча бэ­­йиэтэ – Матвей Александров уонна Николай Борисовскай Манчаары туһунан бэйиэмэлэри суруйбуттара. Матвей Александров Манчаары хамсааһынын үгэнигэр Саха уобалаһын стряпчайынан (бороку­руорунан) үлэлээбит буолан, дьыаланы иһиттэн үчүгэйдик билэрин чинчийээччилэр Ольга Ионова, Николай Уус да чопчу ыйаллар. Онон «Якут Манчары» бэйиэмэ историческай өттүнэн улахан суолталаах.

Иккис ааптар Николай Борисовскай Александров бэ­­йиэмэтигэр тирэҕирэн бэ­­­йэтин айымньытын суруйбутун Ольга Ионова бэлиэтиир. Александров бэйэтэ билиммитинэн, бэйиэмэтин айарыгар Шиллер «Ороспуонньуктар» диэн траге­диятын дьоруойун Карл Моор уобараһа кыым сахпыт.

ХХ үйэ саҥатынааҕы саха омук национальнай лидерэ Василий Никифоров-Күлүмнүүр – бастакы сахалыы драматическай айымньы ааптарын быһыытынан биллэр. Кини 1905 сыл­лаах нуучча өрөбөлүүссүйэтин кэмигэр «Сахалар сойуустарын» тэрийэн, норуотун быраабын турууласпытын иһин, хаайылла сылдьыбыта. Ол кэмҥэ, уос номоҕор ахтылларынан, Күлүмнүүр Манчаары Баһылай хаамыратыгар олорбут уонна «Манчаары түөкүн» диэн саха маҥнайгы драматическай айымньытын суруйбут. Кини бу драманы дьаныардаахтык туруорсан сыанаҕа туруорары ситиспитэ уонна саха театральнай дьыалатын саҕалаабыта. Саха тыйаатырын атаҕар туруорбут Алампа Софронов 1920-с сылларга «Манчаары» диэн драманы суруйан сыанаҕа ту­­руорбута биллэр. Онон оччотооҕу кириитиктэр Күлүмнүүр уонна Алампа драмаларын тэҥнии тутан ырыппыттара уонна ааптардар национальнай дьоруой уобараһын ситэ арыйбатахтарын бэлиэтээбиттэрэ. Ол эбэтэр, Манчаары оччоттон уустук лиичинэс эбит…

Бу холобурдар Манчаары Баһылай уобараһа сэбиэскэй идеология киириэн да инниттэн болҕомто киинигэр сылдьыбытын кэрэһилиир.

СЭБИЭСКЭЙ КЭМ СИИДЭТИГЭР

Манчаары Баһылай аата сэ­биэскэй кэмҥэ улаханнык аатыра сылдьыбыта мэлдьэһиллибэт. Ол чаҕылхай туоһулара – Манчаары аатынан Саха АССР норуоттарын спартакиадата уонна үгүс литературнай айымньылар. Саха суруйааччылара Манчаары туһунан суруйбут айымньыларыттан дьон-сэргэ болҕомтотун ордук Софрон Данилов новеллалара, ырыаҕа кубулуйбут хоһооннор буолаллар. Ол үгэс салҕаныытын 2000 сыллаахха тахсыбыт Иван Гоголев-Кындыл «Манчаары» арамаана, Наталья Харлампьева Күөх Кэтириис туһунан бэйиэмэтэ бигэргэтэллэр.

Саха сирин бөдөҥ учуонайдара – Георгий Башарин, Федот Сафронов, Ольга Ионова, Георгий Эргис Манчаары олоҕун уонна кини салайбыт хамсааһынын, оччотооҕу кэм хаарчаҕын иһигэр да буоллар, киэҥник чинчийбиттэрэ. Биир бастакы «манчароведынан» историческай наука хандьыдаата Ольга Ионова буолар. Кини 1946 сыллаахха «Манчаары Баһылай» диэн үлэтэ, сахалыы, туспа кинигэнэн тахсыбыта. Бу үлэтигэр ааптар: «Манчаары хамсааһына улам үгүс дьону-сэргэни бэйэтигэр тардан, улам кэҥээн испит, саха суоҕун-дьадаҥытын ортотугар улам дириҥник силистэнэн испит, онон улуус баайдарын, тойотторун утары үлэһит норуот күргүөмнээн күрэстэһэр хамсааһына буолаары гынан испит эбит», — диэн суруйар.

Бэрэпиэссэр Георгий Башарин «История аграрных отношений» диэн бөдөҥ үлэтигэр: «Это было антитойонское аграрное движение якутских бедняков, «романтизированными» героями которого стали такие обездоленные и замученные невыносимым двойным гнетом люди, как Василий Манчары и Аммос Данилов», — диэн бэлиэтиир. Өскөтүн Ионова, Манчаары хамсааһына баайдары эрэ утары этэ диэбит буоллаҕына, Башарин нуучча администрациятын уонна олохтоох баайдар батталлара этэ диэн быһаарар.

Сэбиэскэй кэмҥэ Манчаары Баһылайы Емельян Пугачев баһылыктаах өрө туруу биир салайааччыта буолбут башкир киһитэ Салават Юлаевы уо.д.а. бааһынайдар уонна дойду кыра норуоттарын хамсааһыннарын лидердэрин кытта тэҥнээһин тосхоло үөскээбитэ.

САҤА КЭМ СЫАНАБЫЛА

1990-с сыллар кэннилэриттэн устуоруйа үгүс боппуруостарыгар саҥалыы көрүү ирдэммитэ. Онуоха, гражданскай өйө-санаата уһуктубут норуот ортотуттан ураты көрүүлээх публицистар, суруналыыстар, кыраайы үөрэтээччилэр халыҥ халҕаһалара үөскээн, ­эгэлгэ санаа этиллибитэ. Сэбиэскэй саҕана «үрүҥ дэммит хара, хара дэммит үрүҥ» буолуута элбээбитэ. Оттон идэтийбит устуоруктар ортолоругар марксизмтан аккаастаныы, урукку идеологияттан арахсыы уустук кэмнэрэ сатыылаабыттара. Үгүс бөдөҥ учуонайдарбыт бу кыһалҕаҕа кыбыллыбыттарын кэккэ ахтыылар кэрэһилииллэр.

Онон сэбиэскэй былаас сылларыгар аата улаханнык ааттаммыт Манчаары Баһылайга сыһыан тосту уларыйбыта. Кинини коммунистическай идеология Саха сиригэр кылаассабай охсуһуу баарын итэҕэтэргэ, баайдары дьадаҥыларга утары туруорарга туһаммыт ньымаларын быһыытынан көрөр ­буолбуттара. Хаһыаттарга «Манчаары – рэкетир», «улахан суол ороспуонньуга» диэн санаалар быгыалаабыттара…

Ол эрээри, билиҥҥи кэм боччумнаах сыанабыллара суох ­буолбатахтар. Антонина Гаврильева-Елизавета «Алгыстаах кырыыс» диэн уус-уран киинэтэ 2008 сыллаахха сүрэхтэммитэ эрээри, күн бүгүн киэҥ араҥаҕа тахса илик. Бу киинэҕэ режиссер уонна сценарист, бу суруйуу ааптарыгар биэрбит интервьютугар, Манчаары Баһылайы билиҥҥи кэми кытта ситимнээбитин этэн турардаах. Аны суруйааччы, РФ уонна СР үтүөлээх юриһа Николай Борисов-Уус «Манчаары Баһылай – юрист көрүүтүнэн: докумуоҥҥа олоҕурбут сэһэн» диэн кинигэтэ 2012 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыта. Кырдьаҕас юрист үлэтигэр Манчаары дьыалатын халбаҥнаабат сокуон хараҕынан сыаналыырга холоммут.

АНЫГЫ ХАРАҔЫНАН

Георгий Башарин этиититтэн тирэҕирэн салгыы бардахха, Манчаары Баһылай баһылыктаах хамсааһын дириҥ силистэнэн-мутуктанан тахсар. Онуоха, кэккэ историческай чахчылар тирэх буолаллар. Ол курдук, 1827 сыллаахха Саха Степной Дуумата тэриллэр. Бу бастакы бэйэни салайыныы уорганын Бороҕон кулубата Иван Мигалкин уонна Хаҥалас кулубата Николай Рыкунов-Ырыкыныап Суруксут төрүттээбиттэрэ. Степной Дуума Саха сирин демографическай балаһыанньатын үөрэтиинэн, нолуогу тыырыынан, сири үллэрии, сири оҥоруу, оҥорон таһаарыы, хотугулуу-илиҥҥи сирдэри баһылааһын курдук киэҥ хоннохтоох боппуруостарынан дьарыктанан испитэ…

Ол эрээри, чинчийээччи Зоя Петухова бигэргэтэринэн, бастакы салайааччы Иван Мигалкины үбү сиэһиҥҥэ буруйдааһын кэнниттэн бу Степной Дуума лидердэрин уора-көстө сойуолааһын саҕаламмыт. Иван Мигалкин, Ырыкыныап Суруксут, Боотуруускай улуус кулубата Григорий Старостин-Уот Ыстаарыһын утуу-субуу өлүтэлээбиттэр. Устунан, 1838 сыллаахха, Илин Сибиир генерал-күбүрүнээтэрин уурааҕынан Степной Дуума сабыллыбыта.

Онон 1830-1840-с сыллар­дааҕы Манчаары Баһылай, Аммос Данилов-Омуоча, Тэтээрэ тоҥус уолаттара баһылыктаах хам­­сааһыннар оччотооҕу Саха сиригэр буолбут уопсастыбаннай-бэлитии­чэскэй сабыытыйалары кытта ыкса ситимнээхтэрэ саарбахтаммат. Ол эбэтэр, судаарыстыбаннаска биир дьоһун хардыы буолбут Степной Дууманы тилэх баттаһа киин Саха сирин аймаабыт Манчаарылаах хамсааһыннара үөскээбитэ дириҥник үөрэтэн көрүүнү ирдиир. Бу икки историческай сабыытыйалары тэҥҥэ тутан үөрэтии билиҥҥи кэм чинчийээччилэрин биир сыала-соруга буолуохтаах.

Георгий Башарин курдук бөдөҥ учуонай Манчаарылаах хам­сааһыннарыгар социальнай суолтаны биэрбитэ уонна национальнай босхолонуулаах хамсааһыҥҥа дьүөрэлээбитэ мээнэҕэ буолбатах. Онон кэлиҥҥи кэмҥэ Манчаары Баһылай аатыгар саба түһүүлэр, кэккэ лиичинэстэр кини аатыгар сигэниилэрэ ити боппуруостарга харданы биэриэх уонна дөрүн-дөрүн өрө күөрэйэр мөккүөрдэри тохтотуох этэ.

Гаврил АНДРОСОВ, «Чолбон» сурунаал эрэдээктэрэ.

Матырыйаалга Петр Романов хартыыната туһанылынна.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0