Эдэр сылдьан, мин эмиэ киһи сиэринэн 10-һу бүтэрбит, чахчы кыраһыабай кыыстаах этим. Биһиги саҥардыы билсэн, үҥкүүгэ эҥин сылдьан, кэлин холбоһуох буолан тылбытын бэрсибиппит. Мин ол саҕана щитовой элиэктиригинэн Ньурба улууһугар, Маар сэлиэнньэтигэр үлэлиир этим, дизельнэй ыстаансыйаҕа. Ити кэмҥэ абааһыны-тойу итэҕэйбэт кэмим этэ, арыгыны да испэт этим.
Арай биирдэ дьиэбэр утуйа сытан, түһээбитим эбитэ дуу, баттаппытым эбитэ дуу. Ол гынан баран ийэм эмээхсин ас астыы сылдьарын, эдьиийим кинигэ ааҕа олорорун бүтүннүү көрө сытабын. Арай көрдөхпүнэ, аан аһылынна, көрбүтүм арбайбыт баттахтаах, мап-маҥан таҥастаах, атаҕын төбөтө эрэ көстөр биир эдэрчи дьахтар киирэн кэллэ. Киһи киирдэ диэн ийэм да, эдьиийим да хайыһан, кини диэки көрө да барбатылар. Мин хайдах-хайдах баҕайыный дии санаан аһардым. Били киирбит дьахтарым чуо мин ороммор тиийэн кэллэ, маҥан ырбаахытын сиргэ устан кэбистэ уонна суорҕаммын арыйда да, хоонньоһон сытынан кэбистэ. Мин соһуйдум да, куттанным да, уонна хайдах эрэ дьонум көрүөхтэрэ, тоҕо наадыйбаттарый эҥин диэн санаалар элэс гынан аастылар. Дьахтарым киһи сиэринэн сыллаан-уураан баран, кууһа сытан маннык саҥалаах буолла: “Ити эн билсэр, ойох ылыах буолбут кыыһыҥ Александрова Тамара (Хатыҥ Сыһыы кыыһа) уһун үйэтэ суох, сотору ууга түһэн өлүө, үөрэххэ бараары сылдьан. Кинини кытта дьүөгэтэ Корнилова Альбина эмиэ. Оҕолоро суох эдэр кыргыттар буолан бэйэлэрин кытта биир кыра оҕону илдьэ барыахтара”, – диэтэҕэ үһү. Онтон турда, маҥан ырбаахытын кэттэ да тахсан бара турда. Ийэм эмээхсин да, эдьиийим да киһи таҕыста, аан аһылынна-сабылынна диэн кымаардаан да көрбөтүлэр.
Мин ойон туран ийэбиттэн, эдьиийбиттэн ыйыттым да: “Хайа, бу уол иирбит дуу, тугуй. Утуйан ойон тураат, ону-маны тыллаһар”, – диэн мөҕөн-этэн сабыта саҥаран кэбистилэр. Мин тоспун ылбыт киһи быһыытынан мөккүһэ барбатым, буолуохтаах буолуохтааҕын курдук истэн кэбистим.
Ити саас Марха өрүс мууһа барбытын кэннэ, кырдьыга, кыргыттар комсомольскай путевканы Ньурбаҕа киирэн ылан баран төннөн иһэн Марха үрэҕэр ууга түһэн өлбүттэрэ. Кинилэри кытта дьонун-аймахтарын аахха күүлэйдии тахсан иһэр 1 кылааһы бүтэрбит кыыс оҕо. Уоннааҕы СПТУ-3 уолаттара бары быыһаммыт этилэр. Дьэ, ити саҕаланыыта эрэ. Эрэйим-кыһалҕам иннибэр этэ, ону мин хантан билиэм баарай, инникини тымтыктанан көрбүт суох. Онон хомойон аһыы ууга ылларан, түҥ-таҥ түһэн, эрэйи көрө сырыттахпына, биир эдэркээн кыыс биһиги дойдубутугар үлэлии кэлбитэ. Мин кинини Ньурбаҕа тохтобул аттыгар билсэн, кэпсэтэн-ипсэтэн, дойдубар, дэриэбинэҕэ тахсыбакка олорор ыалыгар барсан, уһаан-тэнийэн, онон-манан хоноон-өрөөн кыыспын кытта лаппа билистим. Бииргэ уора-көстө хас да хонон баран, кэлин көрсүөх буолан, дьэ, оптуобуһунан дьиэлээтим. Аҕыйах хонон баран Ньурбаҕа киириэх буолан арахсыбыппыт. Кэлин нэдиэлэ кэриҥинэн киирбитим, олорор ыалыгар киирэн сураспытым, матасыыкылынан тыаҕа тахсан иһэн переулокка массыынаны кытта харсыһан, анараа дойдуга аттаммыт. Ону истэн эмиэ аһаан-сиэн, эмиэ киһи аатыттан ааһан барбытым.
Арай биирдэ хочуолунайга арыгылаан баран утуйа сыттахпына, били дьахтарым киирэн кэллэ. Аттыбар олордо. Хочуолунайы өрөмүөннүү сылдьар атаһым, аттыбар дьахтар олорорун, киһи да баар диэн көрбөт да, билбэт да быһыылаах. Дьахтарым санныбыттан тардыалыы-тардыалыы кэпсии олордо. Атаһым кини да кэпсээнин истибэт быһыылаах. Дьахтарым, ойуулаатахпына, киһи-киһи курдук, арай хараҕа аһары улахан, кип-киэҥ арылхай. Көннөрү кыыс-дьахтар оннук харахтааҕын көрө иликпин. Кини: “Эн улахан аньыыны оҥордуҥ, кыыскар оҕо үөскээбит. Ити улахан аньыы, мин айыыттан-хараттан босхолоон (кыыскар аньыыны оҥорбутуҥ иһин) эйигин быыһаары, кинини анараа дойдуга атаардым, уолун сирдьит оҥорон ыыттым, ол дойдуга”, – диэтэҕэ үһү. Онтон биирдэ өйдөммүт курдук буолбутум, хачыгаар уолум үлэлии-хамсыы сылдьар, мин наараҕа олорор эбиппин. Хайдах-хайдах буоллахпыный, иирээри гынным дуу дии санаан таһырдьаны былдьастым. Таһырдьа тахсыбытым күн чаҕылыйан, киһи эрэ үөрүөх-көтүөх курдук. Ити итинэн ааста. Мин онно-манна сылдьан баран дойдулаах, дьиэлээх-уоттаах киһи дьиэлээтим. Эһигиттэн ыйытыахпын баҕарабын: “Бу кырдьык дуу? Мин санаабар эрэ көрөбүн, кэпсэтэбин дуу? Биитэр, кырдьык, абааһыны кытта дуу? Анараа дойду дьахтара буулаан мин маннык дьылҕаланным дуу?”
Бука баһаалыста, бэчээттээҥ, эмиэ, баҕар, мин курдук түбэһэ сылдьыбыт дьон баар буолуо.
Дьокуускай.
1995 сыллаахха муус устар 5 күнүгэр тахсыбыт “Эдэр саас” хаһыаттан.