“Мамоннар” күрэхтэһиилэригэр

14.01.2017
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта Ямало-Ненецкэй автономнай уокурукка, Салехард куоракка “Душа Севера” муостан уус-уран оҥоһуктар искусстволарын уочараттаах VII регионнар икки ардыларынааҕы быыстапкалара буолан ааста.

Манна, үгэс быһыытынан, Россия саамай ааттаах-суоллаах маастардара кытталлар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбититтэн бу улахан быыстапкаҕа 44 ааптар сүүсчэкэ үлэтинэн кытынна. Быыстапка үлэтин кэмигэр “Север красный” диэн Ямал хаһыата Саха сирин муосчуттарын айар үлэлэригэр үрдүк сыанабылы биэрбитэ кэрэхсэбиллээх.  Оттон биллиилээх муосчут, РФ үтүөлээх худуоһунньуга, АГИКИ профессора Константин Меркурьевич Мамонтов хайдах үлэлии олорорун көрөн, сөҕөн, кэрэспэдьиэн кинини  “Саха Өрөспүүбүлүкэтин муосчуттарын дьиҥнээх “мамона” диэн сүрэхтээбит.

Биһиги киэн туттар талааннаах маастарбыт, уопуттаах педагог, уһуйааччы Константин Мамонтов бу бөдөҥ, этэргэ дылы, бүтүн Россия чулуу муосчуттарын — дьиҥнээх «мамоннарын» айар быыстапкаларыттан Россия Худуоһунньуктарын сойууһун “Үрдүк маастарыстыбатын уонна уус-уран, айымньылаах өйүн-санаатын иһин” диэн анал дипломунан итиэннэ  II  истиэпэннээх лауреат дипломунан наҕараадаланан кэллэ.

Татьяна Маркова, edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0