Малагина этэ, аны Журавель (ВИДЕО)

27.12.2016
Бөлөххө киир:

2000 сыллар саҥаларыгар саха эстрадатыгар Николай Донскойдуун саҥа сүүрээни киллэрсибит, «Дьикти түүн», «Сулус» уо.д.а. ырыаларынан эстраданы «буомбаласпыт» Лана Малагина кэрэ, алыптаах куолаһыгар ылларбыт көрөөччүлэр кинини умнубаттар. Оччотооҕу эдэркээн Лана Малагина, онтон билигин олох очурдарын, дьон хобун-сибин күүстээх санаатынан туораабыт, иннин диэки эрэллээхтик айанныыр Светлана Журавеллыын сэһэргэһиибит истиҥ-иһирэх буолуохтааҕ ар саарбахтаабатаҕым…

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

Лана диибин дуу, Светлана диибин дуу? Эн ааккын, араспаанньаҕын Светлана Журавель диэн уларытан, элбэх киһини соһуппутуҥ. Ырыаһыт Лана Малагина олоҕо дьоллоох Дьокуускайга хайдах саҕаланна этэй?

— Кэргэмминээн, оҕолорбунаан Бүлүүгэ олорбуппут. Кэргэним улаханнык ыарытыйар этэ. Кини өр олорор кыаҕа суоҕун эмчиттэр сэрэппиттэрэ. Онон, соҕотох хааллахпына, оҕолорбун хайдах иитиэхтээҕим туһунан улахан толкуйга түһэн баран, куоракка көһөн кэлбиппит. Хомойуох иһин, аҕабыт куоракка кэлэн баран, анараа дойдуга бараахтаабыта. Дьокуускайга кими да улаханнык билбэт киһи түөрт сыры-сыллата оҕолорбун кытары собус-соҕотоҕун туран хаалбытым. Хата, эрдэ хос ылан хаалан, син олорор дьиэлээх курдук сананарбыт. Хас да үлэҕэ үлэлииргэ күһэллибитим. Аан бастаан үп-үрүҥ, куруһуба хаймылаах сылаас таҥаска, уп-улахан ороҥҥо саатар биирдэ утуйан турбут киһи диэн баҕа санаалааҕым, ону харахпар оҥорон көрөрүм. Куоракка эдэр сааһым дьүөгэтэ баара. Биирдэ эмэ өрүүр түгэн көһүннэҕинэ, уопсай хос дьалхаанын өйдүүрэ бэрт буолан, бэйэтин дьиэтигэр ыҥырара. Тото-хана аһатара уонна хоһугар сып-сылаас ороҥҥо утутара. Күнүс кэлбит киһи сиэринэн кыратык утуйан ылаат, атын үлэбэр сүүрэрим. Тус олоҕу оҥостуу, эбиитин ыллыыр туһунан санаа киирэн да ылбат этэ. Нууччалыы эттэххэ, көлүөһэ үрдүгэр эргийэр тииҥчээн курдук сылдьыбытым.

2004 с. социальнайдарга бииргэ үлэлиир дьүөгэм ыллыырбын ханна эрэ истибит быһыылааҕа. «Эйигин Николай Донскойу кытары билиһиннэриэм», – диэбитэ. Мин соһуйан хаалбытым. Долгуйарым да бэрдэ. Арай тиийбиппитигэр Николай биһигини наһаа истиҥник көрсүбүтүттэн, саҥата холкутуттан, тактичнайыттан уоскуйан хаалбытым. Сөбүлээн ыллыыр «Туйаарыма» диэн ырыабын ыллаан иһитиннэрбитим. Николай сөбүлээбитин туһунан эппитэ. Түргэн бэйэлээхтик ырыабын уһултара охсон, иккиэн ыллааммыт телевидениеҕэ, араадьыйаҕа тарҕаппыппыт, хаһыаттарга араас ис хоһоонноох ыстатыйалар тахсыбыттара. Оччолорго араадьыйаҕа икки сахалыы ханаал баара. Хайатын эмэ холбоотуҥ да, биһиги ырыабыт иһиллэр буолан хаалбыта. Ханна ыҥырдылар да, «Туйаарымабын» иэйэн-куойан ыллыы сырыттахпына, ити ырыаҕа сыһыаннаах дьоннор «Туйаарыманы» ыллаабаппытыгар эппиттэрэ. Бэл, дискотекаларга да ыллыырбын боппуттара. Ол гынан баран, мин кинилэртэн наһаа куттамматаҕым.

Кэргэним өлбүтүгэр ханнык да дьахтар көрсүөн баҕарбат быһыытыгар-майгытыгар түбэһиэхпиттэн ыла хайдах эрэ туохтан да куттаммат, кэтэмэҕэйдээбэт буолан хаалбытым, тосту уларыйбытым быһыылааҕа. Хайдахтаах да ыарахан кэмҥэ оҕолорум, кинилэр инники олохторун туһугар бэйэбин көмүскэнэр кыахтаахпын билиммитим.

Ол сырыттахпына, кэлин биһиги кэккэбититтэн соһуччу туораабыт Евгений Охлопков саас аайы ыытар «Сааскытыйыы» кэнсиэригэр ыҥырбыта. Афишатын көрбүтүм бары биллэр-көстөр, ааттаах-суоллаах артыыстар. Арай, мин аатым ханна эрэ кыбыллыбыт. Дьиҥэр, испэр наһаа үөрбүтүм. Кэнсиэргэ кэлбитим кэннэ ханнык ырыаҕын ыллыыгын диэбиттэригэр «Туйаарымабын» диэбитим. Кэнсиэри ыытар араадьыйа кыргыттара ону истэн баран: «Эн толороруҥ бобуллубута буолбатах этэ дуо?» – диэбиттэрэ. Онуоха мин: «Көҥүллээбиттэрэ» диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалбыта. Туох диэхпиний, төттөрү баран хаалбат буоллаҕым дии. Долгуйа-долгуйа тахсан ыллаабытым кэннэ саала иһэ уу-чуумпу, онтон ытыс тыаһа хабылла түспэтэ дуо? Бокулуоҥҥа түөртэ тахсыбытым. Ити толоруу мин улахан сценаҕа аан бастакы тахсыым, дебютум этэ. Туох да диэн хаайдыннар, боптуннар, билигин «Туйаарымабын» сөргүтэн ыллаан эрэбин.

Эн кырдьык, ыарахаттартан чаҕыйбат, тугу санаабыккын олоххор киллэрэн төннөр киһи быһыылааххын. Биирдэ маҕаһыыҥҥа атыыһыттыы тураргын көрөн соһуйбуттаахпын дии.

– Мин дьиҥэр, төрөөбүт улууспар Уус Алдаҥҥа аан бастаан саҕалаабыт предпринимателлартан биир бастакыларабын ээ. 1993 с. оҕолорбун көрөн олорор кэммэр таҥас атыылыыр маҕаһыын аһар туһунан өй көтөн түспүтэ. Дьаһалтаҕа тиийэн эппиппэр наһаа соһуйбуттара да, көҥүллээбиттэрэ. Аан бастаан атыыга дьонтон табаар ыларым, уон бырыһыаҥҥа кэпсэтэн атыылыырым туһунан биллэриибин тоҕо эрэ нууччалыы суруйбутум. Бастаан кыраттан саҕалаан баран, аны табаарым дьиэм улахан саалатыгар баппат үлүгэрэ буолбута. Бүлүүгэ баран эмиэ маҕаһыын аспытым, куоракка эмиэ киоскалары, маҕаһыыннары аһан үлэлэтэ сылдьыбытым. Ол эрээри, барытын бэйэм саҕалыыр идэлээхпин да, кэнсиэртэртэн, гастроллартан мэһэйдэтэн, сабан кэбиһэр идэлээхпин. Дьонтон көрдөһөрбүн-ааттаһарбын сөбүлээбэппин, ол кэриэтэ барытын бэйэм оҥоробун.

Онтон Клим Федоровтыын үлэҥ хайдах саҕаламмытай?

– Ити курдук, Донскойбунаан үлэлии сылдьан, биирдэ Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр национальнай тыйаатырдары салайар Светлана Лукинаҕа көннөрү сэһэргэһэ киирбитим. Светлана Григорьевна Клим Федоров ырыаһыт дьону өйүүрүн, кинини кытта билиһиннэриэн сөбүн туһунан этэн соһуппута. Эмиэ долгуйа-долгуйа кэлбитим. Оччолорго кини 5 нүөмэрдээх остолобуойга дискотекалары ыытар этэ. «… Земля в иллюминаторе, зеленая-зеленая трава…» диэн ырыа тыаһыы турдаҕына, мин от күөх былаачыйалаах киирэн кэлбитим. Билигин санаатахха, олус күлүүлээх… Биир ырыаны ыллаабытым кэннэ Клим миэхэ харчы төлөөбүтэ. Сарсын-өйүүнүгэр эмиэ ыҥырбыта… Ити курдук, Клим Федоров бөлөҕөр, кэлин «Ыллыыр мырааҥҥа» сыстыбытым. Билигин киниэхэ администраторынан үлэлиибин.

Хорсун бэйэлээхтик имиджкин уларытаҕын, баттаҕыҥ өҥө сотору-сотору уларыйар? Дьон сыанабыла араас буолааччы…

– Итинник кэмнэр эйигиттэн ыйыппакка бэйэлэрэ тиийэн кэлэр курдуктар, хааным оонньуур быһыылаах. Холобур, сылдьан эрэ эмискэ ааппын уларытыахпын баҕарбытым. Нууччалыы ырыалары сөбүлээн ыллыыр буоламмын, репертуарым аҥара нууччалыы буолан хааллылар. Ити уларыйыыларбар Лана Малагина диэн аат соччо барсыбат курдук, онон толкуйдаан баран аҕам (украинец) араспаанньатынан Журавель дэммитим. Аны Журавель диэҥҥэ Лана диэн аат барсыбат, онон Светлана диэн буолбутум. Сорохтор өйдөөбөккө сылдьаллар быһыылаах. «Эн Лана Малагинаҕа наһаа майгынныыгын!» диэн күллэрэллэр, икки атын-атын ырыаһыт баарын курдук саныыллар.

Биир сиргэ тугу да гыммакка, сатаан тэһийэн-тулуйан олорбот киһибин. Ол быыһыгар маҕаһыын аһа охсобун, суорумньулуубун, баҕалаахтары вокалга үөрэтэбин. Ити барыта харчы өлөрөр кыһалҕаттан буолбутун да иһин, таах тарайан баран сытыы миэхэ барсыбат.

Онтон били улахан да улахан ороҥҥо утуйан турар баҕа санаабыт ааспыт олоххо хааллаҕа. Ол үчүгэй буоллаҕа. Ол эрэн, ама биирдэ даҕаны тугу да кыайбат-хоппот, атаах, нарын кэрэ аҥаар буолан ылыаххын баҕарбаккын дуо?

– Син биир бэйэбин күүстээх дьахтарынан ааҕыммаппын. Кэргэн тахсан, дьол диэн тугун билэн сылдьабын. Таҥара барахсан миэхэ Өлүөхүмэттэн төрүттээх үтүө-мааны киһини ууран турбут эбит диэн дьылҕабар махтанабын. Дьахталлар эр дьон элбэх оҕолоох дьахтартан куттаналлар дииллэрин истэн наһаа дьиибэргииргиирим, миигин «Клим кэргэнэ» дииллэрин эмиэ истэрим. Ол гынан баран: «Олоҕум аҥаарын көрүстэхпинэ да, кини мин оҕолорбун иитиһэн барыахтаах диэн буолбатах. Кылаабынайа, миэхэ кэтит сарын, дурда-хахха буолуо, харыстыа, таптыа этэ», – дии саныырым.

Эйигин «Шансон ырыаларын толорооччу» диэн эмиэ ааттыыллар.

– Арассыыйа ырыаһыттара бары шансон ырыаларын толороллор. Мин эмиэ Л. Успенская да, А.Пугачева да репертуардарыттан дууһабар сөп түбэспит эбэтэр көннөрү сөбүлүү истибит ырыаларбын толоруохпун сөп. Миигин ким да үөрэппэт, бэйэм сүрэҕим этэринэн ыллыыбын. «Айылҕам миэхэ куолас биэрбит буоллаҕына, тоҕо ыллыа суохтаахпыный? Ыллыырга ананан бу орто дойдуга кэллэҕим» диэн санаа кэнники сылларга баһыйар буолла.

Саҥа дьылтан тугу күүтэҕин?

— Олох – соһуччу түгэннэрдээх кэрэ бэлэх. Дойдубар сырыттахпына, Климнээх кэнсиэртэрин көрө олорон, кэлин бииргэ үлэлиир, биир сценаҕа тахсан ыллыыр дьылҕаланыам диэн санаан да көрбөт этим буоллаҕа. Олоҕум иккис түһүмэҕэр киирбит дьоллоох дьахтар быһыытынан, кэргэннии олохпутугар былааммыт элбэх…

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

ВИДЕО (Хомуур кэнсиэргэ Лана Малагина ыллыыр):

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0