Маладьыастар, чурапчылар!

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн батсаап бөлөхтөрүн сүрүн дьоруойдарынан Чурапчы бөһүөлэгин ойбоҥҥо сөтүөлээччилэрэ буоллулар.

edersaas.ru 

Ол курдук, Тааттаттан, Сунтартан Аллайыахаҕа тиийэ бу турар дьон хаартыскалара тилийэ көттө.

Өймөкөөннөр  биир дойдулаахтарын Светлана Старкованы булан ыллылар. Оттон 87 саастаах ытык кырдьаҕас Афанасий Дорофеев ойбоҥҥо сөтүөлүү сылдьар хаартыскатыттан дьиэтигэр олороро кытта батсаапка тарҕанна.

Эчи, булаллара-талаллара түргэниттэн, биһиги, суруналыыстар, сөҕөбүт уонна ымсыырабыт эрэ.

«Маладьыастар, чурапчылар!» — диэн чөл олоҕу былаах оҥостор дьону киэн туттан хайҕаабыттар. Кытайдара, французтара да суох, бэйэбит дьоммут — сахалар да  кыһыҥҥы ойбоҥҥо умсаахтанан, кыһыммытын айхаллыы сырыттахтара. Дьэ, кырдьык да маладьыастар, чурапчылар!

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — батсааптан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0