Сэбиэскэй Сойуус дьоруойун Максим Жадейкин чиэһигэр ювелирнай алмаас ааттанна

Ааптар: 
02.03.2020
Бөлөххө киир:

“Юбилейная” туруупкаҕа соторутааҕыта булуллубут ювелирнай алмаас Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аатын ылла. 70,78 карат ыйааһыннаах саһархайдыҥы дьүһүнээх дьэҥкир кристалл Максим Степанович Жадейкин аатынан ааттанна.

Максим Жадейкин Мордовия Дубенскай оройуонуттан төрүтээх, сэрии иннинэ Алдан көмүстээх бириискэлэригэр үлэлээбитэ. Аармыйаҕа 1941 сыллаахха Алданнааҕы оройуон военкоматыттан ыҥырыллыбыта.

Сержант, 3-с гвардейскай тааҥкабай аармыйа 22-с гвардейскай мотострелковай биригээдэтин иааҥканы утары сэриилэрин ротатын отделениятын хамандыыра. Украинаны босхолооһуҥҥа кыттыбыта. Сержант Киевскэй уобалас Григоровка сэлиэнньэтин оройуонугар Днепр арҕаа биэрэгин плацдармын тутууга уонна кэҥэтиигэ сэриилэһиигэ хорсунун көрдөрбүтэ.

Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа ааты 1944 сыл тохсунньу 10 күнүгэр иҥэрбиттэрэ. Ленин уордьанынан наҕараадаламмыта. Максим Жадейкин 1944 сыл тохсунньу 19 күнүгэр өлбүтэ.
Дьоруой аатын Туркаевскай оскуола уонна Дубенки сэлиэнньэтигэр уулусса сүгэллэр.

Санатан эттэххэ, эрэгийиэн баһылыга Айсен Николаев көҕүлээһининэн уонна АЛРОСА хампаанньа салалтатын өйөбүлүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ “Саха сирин судаарыстыбаннаһын 100 сылыгар 100 анал ааттаах алмаас” бырайыак олоххо киирэр. 2020 сылга хостоммут бөдөҥ алмаастарга Саха сириттэн Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ыҥырыллыбыт Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарын аата иҥэриллиэҕэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0