Максим Прокопьев — инвестиция уонна урбаан миниистирин солбуйааччы

Ааптар: 
16.01.2018
Бөлөххө киир:

СӨ Инвестиция сайдыытын уонна урбаан миниистирин солбуйааччынан Максим ПРОКОПЬЕВ ананна.

 edersaas.ru

Бу туһунан бүгүн Ил Дархан Егор Борисов анал ыйаахха илии баттаата. Максим Прокопьев бу иннинэ Сунтаар улууһун баһылыгын солбуйааччытынан үлэлээбитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин салайар кадрдарын резервэ-испииһигэр баара. Салайар үлэҕэ дьоҕурдаах ыччаттар араас дьыалабыай оонньууларга, “төгүрүк остуолларга” кыттан, улуустар дьаһалталарыгар эппиэттээх дуоһунастарга бэйэлэрин көрдөрөллөр. Бу барыта түмүллэн, эдэр дьон өрөспүүбүлүкэ таһымнаах салайааччыларга тиийэ үүнэллэр. Ол оннук биир холобур – Максим Прокопьев.

Ыспыраапка: Максим Прокопьев 1983 сыллаахха Дьокуускай куоракка төрөөбүтэ.

2005 с. М.К. Аммосов аатынан Дьокуускайдааҕы государственнай университекка үөрэнэн, «информатик-экономист» идэтин баһылаабыта.

 2016 с. РФ Президенин иһинэн “экономика” бакалаврын идэтигэр үөрэнэн, Арассыыйатааҕы норуот хаһаайыстыбатын уонна судаарыстыбаннай сулууспа академиятын бүтэрбитэ.

2005 – 2013 сс. – СӨ Экономика министиэристибэтин инвестиционнай бэлиитикэҕэ уонна тус сыаллаах быраагыраамаларга дэпэртээмэн сүрүннүүр исписэлииһэ, кылаабынай исписэлииһэ, салайааччы солбуйааччыта.

2013 с. – “СӨ үөрэҕирии сайдыытын ресурснай киинэ” ГБУ оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕоҕо сыһыаннаах инновационнай сайдыы бырайыагын бэлэмнээһиҥҥэ уонна олоххо киллэриигэ отделын сүрүннүүр исписэлииһэ.

2014-2015 сс. – СӨ Бырабыытылыстыбатын  уонна СӨ Аҕа баһылыгын дьаһалтатын ыстаарсай референэ.

2015 сылтан бүгүн улахан дуоһунаска ананыар диэри “Сунтаар улууһа” муниципальнай тэриллии баһылыгын солбуйааччытынан үлэлээбитэ.

Мин Максим Прокопьев министиэристибэҕэ туох хайысхалаах үлэни ыытыаҕын туһунан ыйыталаспыппар, эдэр салайааччы маннык хоруйдаата:

— Бастатан туран, Ил Дархан Егор Борисовка, инвестиция уонна урбаан миниистирэ Антон Сафроновка миэхэ итэҕэллэрин уонна эрэллэрин иһин истиҥ махталбын тиэрдэбин. Инвестиция салаатыгар үлэлээбит, идэбинэн экэнэмиис уонна финансист буоларым быһыытынан сүрүн соругум — инвестиция бэлиитикэтин сайыннарыыны сүрүннээһин. Судаарыстыбаннай уонна чааһынай партнерство (ГЧП) боппуруостарыгар, тастан киирэр үбүлээһиҥҥэ сонун сүүрээннэрдээх бырайыактары  оҥорууга үлэлэһиэм. Ону тэҥэ улуустар муниципальнай тэриллиилэрин салалталарын кытта инвестиция хайысхатын тупсарар үлэни сүрүннүөм. Мин санаабар, эдэр киһи улууска хайаан да үлэлээн, суолталаах боппуруостары тус бэйэтинэн быһаарсан, “буһан-хатан”  уопутурара наада. Түгэнинэн туһанан, мин төрөөбүт Сунтаарым улууһун дьаһалтатыгар, биир дойдулаахтарбар олоҕум суолун тэлэрбэр улаханнык өйөөбүттэригэр барҕа махталбын тиэрдэбин. Саҥа үлэбэр Сахам сирин сайдыытын туһугар бары кыахпын, толкуйбун ууран туран үлэлиэм.

Саҥа дуоһунаска анаммыт эдэр салайааччыга үлэтигэр ситиһиини, кэскиллээх толкуйдара барыта олоххо киирэн иһэригэр баҕарабыт!

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0