Максим Дуранов: «Былааска уларыйыылар тахсыахтара»

Бөлөххө киир:

Таҥха кэмэ кэлэн, инникилэрин көрүүлэнэн көрүөн баҕалаах дьон элбиир. Ким эрэ «Арчы» дьиэтигэр сылдьар, сорохтор бүлүүһэ сүүрдэллэр, хаартынан сэрэбиэйдэнэллэр. Түгэнинэн туһанан, биллэр-көстөр көрбүөччү, «Экстрасенстар хапсыһыыларын» кыттыылааҕа Максим Дурановы кытары кэпсэтиибитин таһаарабыт.

Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыавт, https://edersaas.ru/

– Максим Максимович, эн айылҕаттан айдарыылаах, ураты дьоҕурдаах киһи буоларыҥ быһыытынан, кыһалҕаҕа ыктарбыт дьон эрэ буолбакка, өссө сэрэбиэйдэтээри, инники олохторун билгэлэтээри эйиэхэ үгүс киһи кэлэр. Дьэ, үүммүт Бөтүүк сылыттан тугу кэтэһэбит?

– Саха сиригэр улахан уларыйыы тахсарын көрбөппүн. Уу, хаар, уот туһунан этэр буоллахха, син биир баарын курдук баар. Айылҕа сокуона буоллаҕа дии. Ону киһи сылыктаабакка даҕаны этиэн сөп. Арай сайын иккис уу, ол аата хара уу кэлиитэ дэлэччи соҕус буолуо диэн сабаҕалыыбын. Тохсунньуга улахан тымныылар түһүөхтэрэ суоҕа. Кыстыгы этэҥҥэ туоруохпут. Кэлиҥҥи сылларга сайын олох кылгас кэмҥэ эрэ итийэр буолла. Бу сылга эмиэ оннук буолуоҕа.

Бэлиитикэҕэ уларыйыы тахсыа дуо?

– Былааска хамсааһын тахсыан сөп. Чопчу кэмин, ыйын этэр буоллахха, от ыйыгар улахан уларыйыылар күүтэллэр. Ити Россияҕа.

Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр?

– Бэйэбитигэр улахан уларыйыыны көрбөппүн. Барыта оннунан хаалыа. Хамсааһын суох. Биир тэтиминэн баран иһиэҕэ дии саныыбын.

Уларыйыы үтүө эрэ өрүттэрдээх буоллун! Дьэ, оттон эн хаһааҥҥыттан билгэлиир буолбуккунуй? Төрүттэргэр көрбүөччүлэр бааллар дуо?

– Ийэм норуот эмчитэ, экстрасенс Зоя Алексеевна Дуранова. Саха сиригэр биир биллэр-көстөр, бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх көрбүөччү. Мин туспа барбытым ыраатта. Ийэбинээн мээнэ көрсүбэппит. Мин – куоракка олоробун, ийэм – улууска. Биирдэ эмит кэлэн барааччы. Иккиэн тус туһунан көрүүлээхпит. Хоһуласпаппыт диэххэ сөп.

Ээ сөп. Оттон атын көрбүөччүлэри кытары билсэҕин дуо?

– Билигин өрөспүүбүлүкэ көрбүөччүлэрэ бары бииргэ түмсэн биирдэ эмит үлэлииллэр. Ыһыахха көрсөн ааһабыт. Маны таһынан Таҥха күннэригэр «Арчы» дьиэтигэр, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан култуура киинигэр мустан үлэлээччибит.

Уопсайынан, дьон төһө интэриэһиргиир?

– Олохпут долгуна наһаа түргэн буолан, тэтимтэн хаалбыт, «муммут дьон» элбэх. Сөптөөх быһаарыныы ылаары, чопчу биир хайысханан бараары, сүбэ-ама ыла кэлэллэр. Ол хас биирдии киһи бэйэтин бырааба. Билигин үгүс дьиэ кэргэҥҥэ истиҥ сыһыан суох буолла. Санааларын аһаҕастык үллэстибэттэр, кыһалҕаларын быһаарсыбаттар. Холобур, оҕолорун, төрөппүттэрин, кэргэттэрин кытары биир тыл буолбакка эрэйдэнэллэр, муунтуйаллар. Онон аһаҕастык кэпсэтэр, санааларын этэр, быһаарсар дьоно суохтар, биһиэхэ кэлэллэр.

Таҥха кэмигэр киһи үчүгэйи ыраланыахтаах. Туруоруммут сыалын-соругун олоххо киллэрэргэ дьулуһуохтаах. Холобур, үүнээйи олордон баран, онтукаҕын көрүөххүн-харайыаххын наада. Онон киһи эмиэ ыра санаата туоларын туһугар бэйэтэ сүүрүөхтээх-көтүөхтээх, үлэлиэхтээх. Быар куустан олорор уонна дьоҥҥо ыһа-тоҕо кэпсии сылдьар табыллыбат. Киһи бэйэтин санаатын иһигэр иитэн таһаарыахтаах дии саныыбын.

Таҥха – киһи дьылҕатын быһаарар кэм дииллэр. Ити этии төһө оруннааҕый?

– Дьыл ханнык баҕарар кэмигэр көрбүөччүлэргэ сүбэлэттэрэ кэлиэххитин сөп. Саамай кылаабынайа киһи бэйэтэ бэлэм буолуохтаах. Мээнэ, ылбычча кэлэр табыллыбат. Үчүгэйи, үтүөнү эрэ өтө көрөн, онтон олох олорорго күүс-күдэх ылыллыахтаах.

Таҥха кэмигэр сарсыарда эрдэттэн киһи бөҕө кэлэн испииһэккэ суруттарар. Хомойуох иһин, биэс-алта чаас иһигэр сүүһүнэн киһини кытары кэпсэтэн, сүбэ-ама биэрэр кыахпыт суох. Онон биэс-алта киһини эрэ кытары кэпсэтэр кыахтаахпын диэн эрдэ биллэрэбин.

Эн өҥөҥ төлөбүрдээх дуо? Тарыыбыҥ төһөнүй?

– Бу бэйэтэ туспа үлэ буоллаҕа дии. Ханнык баҕарар өҥө төлөбүрдээх. Ол эрээри, мин сүппүттээх киһиэхэ бачча харчы наада диэн эппэппин. Ким төһө харчыны биэрэринэн.

Видеоверсия:

Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыавт, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0