«Максим Аммосов оҕо сааһа» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус түмүктэннэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ахсынньы 22 күнүгэр, Максим Кирович Аммосов төрөөбүт күнүгэр, «Максим Аммосов оҕо сааһа» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи литературнай күрэс кыайыылаахтарын үөрүүлээх быһыыга-майгыга «Айар» кинигэ кыһата бэлиэтээтэ.

Бу күрэһи чулуу киһибит, сэбиэскэй судаарыстыбаннай уонна партийнай диэйэтэл Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 125 сылын, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын көрсө Нам улууһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ уонна «Айар» кыһа тэрийэн ыыттылар. Күрэс сыала-соруга — орто уонна улахан кылаас оҕолоругар аналлаах уус-уран айымньылары суруйуу. Барыта 11 үлэ киирбититтэн, үс бастыҥ үлэ ааптара дьүүллүүр сүбэ үрдүк сыанабылын ылан, харчынан уонна дьупулуомунан наҕараадаланна. Ону таһынан үс ааптар «Айар» кыһа үс тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээтинэн уонна добун суругун тутта.

Дьүүллүүр сүбэҕэ Нам улууһун Хамаҕатта орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала Изамира Николаевна Дьяконова, Нам улууһун оҕо модельнай бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ Варвара Ефремовна Бережнева, «Кэскил» өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо хаһыатын специальнай кэрэспэдьиэнэ, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Жанна Владимировна Леонтьева, суруйааччы, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Анатолий Игнатьевич Слепцов, «Айар» кыһа Үөрэх уонна оҕо кинигэтин киинин эрэдээктэрэ Аксинья Николаевна Жиркова үлэлээтилэр.

Кыттыылаахтар Максим Кирович Аммосов оҕо эрдэҕинээҕитин туһунан ханна да ахтыллыбатаҕын, сурукка киирбэтэҕин кэриэтэ эбит диэн уонна чулуу киһи туһунан оҕоҕо анаан суруйар уустугун туһунан бэлиэтээтилэр. Бу куонкурус үлэлэрэ 2022 сылга хомуурунньукка киирэн, кинигэ буолан тахсарын күүтэбит.

«Эдэр ааптардар кыттыбыттара — кэскиллээх уонна үөрүүлээх», — диэн «Айар» кыһа Август Васильевич Егоров бэлиэтээтэ. Кырдьык даҕаны, кыттаачылар истэригэр эдэр оҕолор бааллара барыбытын улаханнык үөртэ. Ол курдук, ХИФУ литература салаатын 3-с куурсун устудьуона Ньургуйаана Огонерова-Келина «Первые шаги к справедливости» диэн кэпсээнинэн кыттан үһүс миэстэни ылла уонна 10000 солкуобайынан, дьупулуомунан наҕараадаланна.

Диана Цыпандина-Айталыына «Максим мөссүйүөҥҥэ» диэн кэпсээнинэн иккис миэстэҕэ таҕыста. Диана эмиэ ХИФУ литература салаатын 3-куурсун устудьуона, 20000 солкуобай уонна дьупулуом тутан үөрдэ-көттө.

Маҥнайгы миэстэҕэ тахсан кыайыы өрөгөйүн Наталия Константиновна Рязанская-Баардаах «Кыларыйбат кырдьык» диэн кэпсээнинэн кыттан биллэ. Наталия Рязанская Амма Сулҕаччытыттан төрүттээх, лицейгэ саха тылын учууталынан үлэлиир. Айар үлэтин 2015 сыллаахтан саҕалаабыт, бу ыйга номнуо бэһис кинигэтэ тахсыахтаах. Наталия Константиновна 30000 солкуобайынан уонна дьупулуомуан наҕараадаланна.

Маны таһынан биһирэм бириистэри үс ааптар ылла:

Римма Иннокентьевна Корякина-Хотууна, Дьааҥыттан төрүттээх, Чурапчы олохтооҕо, эмчит идэлээх, алта оҕолоох ийэ, сэттэ кинигэ ааптара, Чурапчы литературнай түмсүүтүн салайааччыта;
Ньургустана Юрьевна Васильева-Харыһа, Таатта Баайаҕатыттан төрүттээх, оҕо бырааһа идэлээх кыыс;
Мария Романовна Андреева-Сарыал, Горнайга оскуолаҕа педагог-бибилэтиэкэр. Кини «Кынаттаах тыллар» эдэр суруйааччылар хомуурунньуктарын кыттыылааҕа.

Нам улууһун баһылыгын солбуйааччы Мария Семеновна Игнатьева уонна «Айар» кыһа дириэктэрэ Август Васильевич Егоров үөрэ-көтө кыайыылаахтары эҕэрдэлээтилэр, наҕараадалары туттартаатылар. Дьүүллүүр сүбэ аатыттан суруйааччы Анатолий Игнатьевич Слепцов кыттыыны ылла.

Кыайыылаахтары бука барыгытын эҕэрдэлиибит! Саҥаттан-саҥа кыайыылар эһигини айар үлэҕитигэр кынаттаатыннар, саҥаттан-саҥа саҕахтар арыллан истиннэр!

«Айар» кыһа пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0