Майя Данилова: «Экэниэмикэбит бигэ туруктаах»

15.02.2022
Бөлөххө киир:

2022 сыл буола охсон, 12 ыйтан номнуо биирин кээрэтэ оҕустубут. Икки сыл устата коронавирус дьаҥын  утары охсуһан, син төлө түстүбүт даҕаны балаһыанньа уустук соҕус… Ол эрээри, олох биир сиргэ тэпсэҥнии турбат аналлаах, биир кэм иннин диэки дьүккүйэр.  Сыл саҕаланыыта  инники үлэни, былааны торумнуур сыалтан ааспыт сылга туох үлэ үмүрүтүллүбүтүн быһаарар түмүк оҥоһуллар.  Онон ааспыт сылга  өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй туруга хайдаҕын-тугун туһунан СӨ экэниэмикэҕэ миниистирэ Майя Даниловалыын кэпсэттибит.

 

 Сүрүн ситиһиилэр

 

—Үтүө күнүнэн, Майя Андреевна! Ааспыт сылга  өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй өттүнэн хайдах-туох түмүктээтэ? Саха сирэ чуолаан ханнык көрдөрүүлэринэн  Арассыыйаҕа уонна Уһук Илин эрэгийиэннэригэр инники күөҥҥэ таҕыста?

— Ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ этэҥҥэ  чөлүгэр түһэрэ ситиһилиннэ. Саха сирэ Уһук Илиҥҥи уокурукка баалабай эрэгийиэннээҕи (ВРП) бородуукта кээмэйин 20 %-нын хааччыйар уонна бырамыысыланнай оҥорон таһаарыыга, инвестицияны сэргэ нолуогу киллэриигэ инники күөҥҥэ сылдьар.

Өрөспүүбүлүкэ баалабай эрэгийиэннээҕи бородууктатын кээмэйэ 1,459 млрд солк. тэҥнэһэр,  2020 сылга холоотоххо, 10,5 %-нан үрдүк, Арассыыйатааҕы  таһымынан 104,2 %-ҥа тэҥнэһэр. Оттон  пандемия иннинээҕи 2019 сылтан 0,2 %-нан улахан.

Бырамыысыланнай оҥорон таһаарыы ааспыт 11 сыл устатыгар муҥутуур кирбиини ситистэ.  Ол курдук,  2021 сылга 25,8  мөл. туонна таас чох (2020 сылтан 1,6 төгүл элбэх), 17,3 мөл. туонна ньиэп (108,1 %), 14 млрд куб. м гаас (2 төгүл элбэх), 42 туонна кыһыл көмүс, 130 туонна үрүҥ көмүс (1,5 төгүл элбэх) хостонуллубут, бу өтөрүнэн ситиһиллибэтэх көрдөрүү буолар.

2021 сылга  сүрүн хапытаал  инвестициятын кээмэйэ 305 млрд солк., 2020 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 131 %.  Илиҥҥи Денисовскайдааҕы таас чохтоох сиргэ 2 шахта үлэлиирэ ситиһиллибитэ уонна Томпо улууһугар Нежданинскайдааҕы хайа-байытар кэмбинээт тутуута үмүрүтүллүбүтэ.

Пандемиянан сылтаан сытыырхайбыт эпидемиологическай балаһыанньа этэҥҥэ буолан, атыы-тутуу (розничнай) эргиирэ 273,2 млрд солк. тиийдэ, 2020 сыллааҕыны кытта тэҥнээтэххэ, 6,6  %-нан үрдүк. Ону тэҥэ, 88,1 млрд солк. кээмэйдээх төлөбүрдээх өҥө оҥоһуллубут, 2020 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 8 %-нан үрдүк.

Тэрилтэлэр  сальдированнай үбү киллэриилэрэ 265 млрд солк. тэҥнэһэр. 2020 сылы кытта тэҥнээтэххэ,  20 %-нан улааппыт. Онон экэниэмикэ сүрүн сиэктэрдэрэ чөлүгэр түһэн, бигэ туруктаныылара  өрөспүүбүлүкэбит бүддьүөтэ  этэҥҥэ буоларыгар улахан көдьүүстээх. 2021 сыллааҕы өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн дохуоттаах  чааһа 320 млрд солк. этэ, бу 2020 сыллааҕыттан 28,4 %-нан уонна пандемия иннинээҕи 2019 сылтан 45,6 %-нан үрдүк.

Тыа хаһаайыстыбатын баалабай бородууксуйата 2021 сылга 26,7 млрд солк. тэҥнэһэр (2020 сылга 99,2 %), бу түһүү  оҕуруот аһын  бородууксуйатын оҥорон таһаарыы кыччаабытын кытта ситимнээх. Өрөспүүбүлүкэ статдааннайынан, 2022 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан   Саха сирин нэһилиэнньэтин ахсаана 990,5 тыһ. киһиэхэ тиийбит, ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, 8,6 тыһ. киһинэн элбэх.

Өрөспүүбүлүкэбитигэр үлэ ырыынага чөлүгэр түстэ.  Экэниэмикэ сиэктэрдэригэр үлэлиир дьон ахсаана 1,6 тыһ. элбээн, барыта  466,2 тыһ. киһи түбүгүрэр.  Хамнас үрдүүрэ ситиһилиннэ. Ыйдааҕы орто хамнас 2021 сыл тохсунньу-сэтинньи ыйдарыгар  2020 сыл тохсунньу-сэтинньи ыйдарыгар  кытта тэҥнээтэххэ, 6,9 %-нан үрдээбит уонна ол 78719,5 солк. тэҥнэһэр.

 

Дохуот, нолуок…

 

— Бүддьүөт дохуоттаах чааһа үрдээбит. Ити федеральнай өйөбүл үрдээһинин уонна  экэниэмикэни сайыннарыыны кытта сибээстээх дуо?

 — 2021 сылга бүддьүөт дохуоттаах чааһа 320,2 млрд солк. Бу үчүгэй көрдөрүү. Нолуоктан уонна нолуок буолбатах дохуоттан 189,7 млрд солк. киирбит.  Нолуоктан киирэр дохуот улаатааһына чуолаан тэрилтэлэр барыстара (60,3 млрд солк., бу 2020 сыллааҕыттан 15,5 млрд. солк. үрдүк)  уонна сир баайын хостооһунуттан киирэр нолуок үрдээбитин  (23,7 млрд солк., бу 2020 сылтан 55,9 %-нан үрдүк) кытта сибээстээх.  Сиһилии быһаарар буоллахха маннык. “АЛРОСА” хампаанньа ааспыт сыл тохсунньу-сэтинньи ыйдарыгар 3,9 млрд доллар сыаналаах алмаас бородууксуйатын  батарбыт, бу 2020 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 2,3  млрд солк. улахан (71,7 %). Көмүһү хостуурунан дьарыктанар тэрилтэлэргэ өлгөм сыл ааста. Кыһыл көмүс орто сыаната ол эбэтэр биир кыраама 169,1 солк. үрдээбитэ (4,1 %).

Биир сүрүн уонна сөптөөх миэрэнэн былырыын эрэгийиэннээҕи инвестиционнай бырайыакка кыттааччылар (РИП) нолуоктарыгар чэпчэтии оҥоһуллубута буолар.  Саха сиригэр элбэх таас чох хостонор, ааспыт сылга ити кээмэйэ өссө үрдээбитэ, ол нолуокка эмиэ оруолу ылла.   Статистика көрдөрүүтүнэн  2021 сыл тохсунньу-сэтинньи ыйдарга 2020 сылы кытта тэҥнээтэххэ, таас чоҕу хостооһун 60,1 %  үрдүүрэ ситиһиллибит.

Биирдиилээн дьонтон  (физических лиц) нолуок быһыытынан киирэр дохуот кээмэйэ 29,6 млрд солк. тэҥнэспит (108,4%). Тэрилтэлэр баайдарыттан-дуолларыттан 25,1 млрд солк. (101,7 %) уонна сир баайын хостооһунуттан нолуок быһыытынан  23,7 млрд солк.  (155,9 %) киирбит.  Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн ааспыт сыллааҕы ороскуота 287,6 млрд солк. толоруллубут, 2020 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 115,7 %.  Итинтэн  социальнай-култуурунай эйгэҕэ 145 млрд солк. тыырыллыбыт, бу бүддьүөт уопсай кээмэйиттэн 50,4%-нын ылар, аҥаара буолар.

 Коронавирус дьаҥын утары…

 —2020-2021 сылларга Арассыыйаҕа да, аан дойду да үрдүнэн  экэниэмикэни, доруобуйа харыстабылын уонна нэһилиэнньэни өйүүргэ бүддьүөттэн элбэх үп көрүлүннэ. 

— Икки сылга (2020-2021 сс.)  коронавирус дьаҥын утары миэрэлэргэ федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи бүддьүөттэртэн барыта 18,6 млрд солк. көрүлүннэ, федеральнайтан 12,6 млрд солк.,  өрөспүүбүлүкэттэн 6 млрд солк.    Оҕолору өйүүргэ  федеральнай бүддьүөттэн 6,6 млрд солк.  уонна аҕа нэһилиэнньэни  өйүүргэ эрэгийиэн бүддьүөтүттэн 70 мөл. солк. тыырыллыбыта.  Оттон доруобуйа харыстабылын уонна мэдиссиинэ үлэһиттэрин өйүүргэ федеральнай уонна  эрэгийиэн бүддьүөттэриттэн 5,9 млрд солк. уонна 5,5 млрд. солк. көрүллүбүтэ.

Төһө да хааччахтанан олорууга аналлаах миэрэлэр ылыллыбыттарын үрдүнэн  аччыгый уонна орто урбаанынан дьарыктанааччылар ахсааннара 97 тыһ. 117 тыһ. диэри элбиирэ ситиһилиннэ.

Пандемия кэмигэр эмсэҕэлээбит салаалар  судаарыстыбаннай өйөбүл миэрэлэрин кэмигэр сөптөөхтүк туһанан үлэлээтилэр.  304,6 мөл. солк. федеральнай чэпчэтиилээх кирэдьиити түҥэтэн, 500-тэн тахса оробуочай миэстэни хаалларары ситистибит. Аччыгый, орто урбаанынан дьарыктанааччыларга уонна кэмиэрчэскэйэ суох социальнай хайысхалаах тэрилтэлэргэ  (СОНКО) 172 мөл. солк. федеральнай субсидияны түҥэттибит. Социальнай, оҥорон таһаарар, туризм салааларыгар уонна бэйэ үлэлээхтэргэ (самозанятай) анаан 58 мөл. солк.  граны уонна субсидияны  биэрэн көмөлөстүбүт. 2021 сылга РФ уонна СӨ бырабыыталыстыбалара  доруобуйа харыстабылыгар уонна элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр  бигэ туруктаах буолалларын туһугар сүрүн болҕомтону ууран үлэлээтилэр.  Быйыл эмиэ биллэр сүрүн төрүөтүнэн доруобуйа харыстабылын өйүүр сыаллаах үлэ барар. Холобур, «локдаун» биллэриллэр түгэнигэр,  нэһилиэнньэни  уонна биисинэһи өйүүргэ сөптөөх көмө оҥоһулларыгар бэлэм буолуохтаахпыт.

 

Биэрэпис туһунан

 

—Ааспыт сылга Бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпис ыытыллыбыта. Түмүгүн хаһан билэбит уонна маннык тэрээһин сүрүн сыала-соруга тугуй?

2020 сыллаахха ыытыллыахтаах биэрэпис биллэр төрүөтүнэн былырыын  алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 14 күнүгэр диэри буолбута. 2021 сыл сэтинньи 16 күнүнээҕи туругунан  быһа барыллаан ааҕыынан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн мөлүйүөн кэриҥэ киһи кыттыбыта. 2022 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан Саха сиригэр  бастайааннай 990 538 киһи олорорун туһунан статистика дааннайа бигэргэтэр. Түмүк тахсара арыый эрдэ, хомуллубут сибидиэнньэлэри  ырытан оҥоруу бара турар. Быһа барыллаан түмүк быйыл муус устарга биллиэҕэ. Оттон бүтэһик туочуканы ахсынньыга туруоруохпут.

Биэрэпис сыыппара технологиятын көмөтүнэн бэрт тэрээһиннээхтик ыытылынна. Холобур,  нэһилиэнньэ судаарыстыбаннай  өҥө порталыгар киирэн,  электроннай лииһи толорон кыттыбыта бу улахан ситиһии буолар. Быһа барыллаан ааҕыынан Саха сирин олохтоохторуттан 21,7 %-на тустаах портал өҥөтүн туһанна. Холобур, Саха сирэ  судаарыстыбаннай өҥө порталын туһанан биэрэпискэ кыттыыга  Арассыыйа эрэгийиэннэригэр 13-с, оттон Уһук Илиҥҥи уокурук үрдүнэн  Сахалин (25 %)  уонна Магадаан (23,1%) уобаластарын кэннилэриттэн 3-с миэстэлээх.

Бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпиһи тэрийиигэ барыта 2318 киһи үлэлээтэ.  Манна  өрөспүүбүлүкэтээҕи үрдүк үөрэх кыһаларын устудьуоннара уонна волонтердар көхтөөхтүк кытыннылар.

Биэрэпис туохха нааданый? Бастатан туран, нэһилиэнньэ ахсаана чуолкайа биллэрэ бары таһымҥа бүддьүөтү оҥорууга улахан көдьүүстээх. Холобур,  нэһилиэнньэ ахсаана чуолкай билиннэҕинэ, инники өттүгэр хайа улуустарга төһө оҕо саада, оскуола, балыыһа, бибилэтиэкэ, кулууп, мусуой, спортивнай саала тутуллаллара дьэҥкэтик көстөн кэлэр. Аны туран, итинтэн сиэттэриллэн, социальнай өйөбүл эмиэ хайдах-туох, ол эбэтэр хайа хайысхаларга оҥоһуллара эмиэ арылхайдык быһаарыллар. Биэрэпис көрдөрүүтэ  инвестиция киириитигэр эмиэ улахан оруолу ылар аналлаах. Холобур,  үлэнэн хааччылыыттан саҕалаан  потребительскэй ырыынак наадыйыытын быһаарарга сүрүн быһаарар оруоллаах.

 

 Социальнай эбийиэктэри тутуу

 

—Дьэ, кырдьык, социальнай суолталаах эбийиэктэри тутууга нэһилиэнньэ ахсаана улахан быһаарар суолталаах. Ааспыт сылга  өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн хас социальнай эбийиэк тутуллан үлэҕэ киирдэ? Ол онтон хаһа Дьокуускайга?   Баларга cүрүннээн үп хантан көрүллэрий?

— Саха сирин бары оройуоннарыгар социальнай-култуурунай суолталаах эбийиэктэри тутууга  өрөспүүбүлүкэ инвестицияҕа бырагырааматынан сыл аайы  сөптөөх үп-харчы көрүллэр.  Ааспыт сылга инвестицияҕа бырагырааманан 46,1 млрд солк. көрүллүбүтүттэн   өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 14,1 млрд солк. уонна  федеральнай киинтэн  32  млрд  солк. тыырыллыбыта.  Икки өттүттэн сөптөөх өйөбүл көрүллэн, билигин Дьокуускай куоракка  Онкологическай уонна Кардиологическай диспансердары тутуу күүскэ бара турар.

Былырыын барыта 46 социальнай суолталаах эбийиэк үлэҕэ киирэрэ ситиһиллибитэ. Ол курдук,  10 оскуола (1320 миэстэ),  13  оҕо саада (2170 миэстэ),  7  култуура,  10  доруобуйа харыстабылын,  5 физическэй култуура уонна успуорт, биир эбии үөрэхтээһин уонна биир социальнай хааччыйыы эбийиэктэрэ үлэҕэ киирбиттэрэ.  Ону тэҥэ, киин куоракка 203-с кыбаарталга 240 миэстэлээх оҕо саада,  Хаҥалас бөһүөлэгэр (Кангаласс) 220 уонна 100 миэстэлэрдээх оскуола-оҕо саада тутулуннулар уонна Дьокуускайга 1909 сыллаахха тутуллубут  Казначейство дьиэтэ саҥардылынна.

—Элбэх үлэ үмүрүтүллүбүт. Быйылгы былааны сэгэтэн көрүөххэ эрэ.

— Быйылгы былаан былырыыҥҥытааҕар икки төгүл элбэх.  Ол курдук, 82 социальнай эбийиэк үлэҕэ киирэрэ былааннаныллан турар. Холобур, 18 оскуола (4745 миэстэ), 7 оҕо саада (545 миэстэ), биир орто үөрэхтээһин (470 миэстэлээх), биир эбии үөрэхтээһин, 15 култуура, 27 доруобуйа харыстабылын (биир балыыһа комплекса, биир  диспансер, 20 амбулатория, 6 ФАП), 11 физическэй култуура уонна успуорт, 2 социальнай хааччыйыыга эбийиэктэрэ.

—Дьокуускай куоракка сыл аайы оскуола тиийбэтин  кыһалҕата күүһүрэн иһэр. Ааспыт сылга Хаҥалас бөһүөлэгэр (Кангаласс) эрэ  саҥа оскуола тутуллубут.  Онон бу боппуруос инники өттүгэр хайдах-туох быһаарыллар туруктааҕый? 

—Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сыл аайы 10-тан аҕыйаҕа суох саҥа оскуола тутуллан үлэҕэ киирэрэ үтүө үгэскэ кубулуйда. Быйыл Саха сирин үрдүнэн 18 оскуола (4745 миэстэни хааччыйар)  тутуллуохтааҕыттан алтата киин куоракка үлэҕэ киириэҕэ. Бу үрдүнэн билигин даҕаны   эргэ туруктаах  үөрэх кыһаларын оннуларыгар саҥалары тутууга уонна иккис симиэнэнэн үөрэтиини суох гынары быһаарарга сөптөөх үп-харчы көрүллүөхтээҕэ эрэйиллэр.  Итини быһаарарга, ортотунан, 60 млрд солк. наада.

 

 Саха АССР 100 сылыгар

 2012 сыллаахха Саха АССР 100 сылыгар  социальнай суолталаах 100 эбийиэк тутуллуохтааҕа быһаарыллыбыта. Итинтэн  2022 сылга хаһа хаалла уонна ханнык улахан суолталаах эбийиэктэр  тутулуннулар?

 Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтииргэ аналлаах бэлэмнэнии бара турар, ол иһигэр 2022 сылга  социальнай суолталаах 100 эбийиэк тутуутун түмүктүүр биэтэккэ кэлиэхтээхпит.  Санатар буоллахха, социальнай суолталаах 100 эбийиэги тутар туһунан  дьаһал 2018 сыллаахха бигэргэниллибитэ уонна 2020 сыллаахха 24 эбийиэк эбиллэрин туһунан дьаһал туспа тахсыбыта.  Былаантан билиҥҥи туругунан 85-һэ  олоххо киирдэ. Быйыл  бигэргэниллибит былаанынан 22 эбийиэк тутуллуоҕа, ол аата Саха АССР 100 сыллаах үбүлүйүөгэр барыта 107 эбийиэк үлэҕэ киирэр. Быйылгы былаантан сүрүннэрин билиһиннэрэр буоллахха, Дьокуускай куорат аттыгар «Хотугу сулус» диэн сынньанар уонна эти-хааны чөлүгэр түһэрэр  оҕолорго аналлаах киин,  “Прометей” микро-оройуоҥҥа 990 миэстэлээх оскуола, Уус Алдан улууһун Бороҕон сэлиэнньэтигэр элбэх хайысхалаах чэбдигирдэр-спортивнай комплекс, өрөспүүбүлүкэтээҕи 120 миэстэлээх кыайан саҥарбат оҕолорго аналлаах оскуола-интэринээт (коррекционнай) уонна Ленскэйгэ технологическэй техникум (500 миэстэлээх үөрэтэр-лабораторнай куорпус)  үлэҕэ киириэхтэрэ.

 Олоҕу хамсатар бырайыактар

 — Өрөспүүбүлүкэ социальнай хабааннаах боппуруостарын быһаарыыга сүрүн оруолу инвестиционнай бырайыактар ылаллар. Быйыл ханнык тустаах бырайыактар олоххо киирэллэрий? Сүрүннэрэ диэбиккин билиһиннэр эрэ.

—  Өрөспүүбүлүкэбит экэниэмикэтэ бигэ туруктаах буоларыгар инвестиционнай бырайыактар  улахан суолталаахтар диэн саамай сөпкө бэлиэтээтиҥ. 2022 сылга Саха сирин экэниэмикэтэ этэҥҥэ буоларын хааччыйар эбийиэктэр быйыл үлэҕэ киириэхтэрэ. Холобур, Элгэтээҕи таас чохтоох сиргэ  хайа-байытар үс фабрика үлэҕэ киириэҕэ. Балар сылга, ортотунан, 7,4 мөл. туонна таас чоҕу бэлэмниэхтэрэ.  2022 сылга кинилэр кыамталара 17 мөл. туоннаҕа диэри тиэрдиллиэҕэ, бу инвестицията 78,8 млрд солк. тэҥнэһэр. Усуйаана Дьааҥылыын быысаһыытыгар баар Күчүс көмүстээх сири туһаҕа таһаарыы бастакы түһүмэҕэ саҕаланыаҕа. Дьоҕус кыамталаах атомнай ыстаансыйа тутуллуоҕа.  2028 сылга бырайыак үлэтин толору саҕалыа, инвестицията  101,4 млрд солк., 3000 үлэ миэстэтэ тахсыаҕа.  Нерюнгри оройуонугар Сиваглинскайдааҕы карьертан руданы хостооһун саҕаланыаҕа, инвестицията 2,7 млрд солк., 400 үлэ миэстэтэ эбии баар буолуоҕа.  Ону тэҥэ, Нерюнгри уонна Өлүөхүмэ оройуоннарыгар баар Сыллаахтааҕы таас чохтоох сир туһаҕа тахсыаҕа, инвестицията 15,7 млрд солк.,  1170 үлэ миэстэтэ тахсыаҕа. Ити этиллибит түөрт сүүнэ бырайыак барыта 20 тыһ. кэриҥэ үлэ миэстэтин хааччыйыаҕа.

—Майя Андреевна, түбүктээх үлэҕиттэн быыс булан, өрөспүүбүлүкэбит экэниэмиичэскэй туругун саас-сааһынан  быһааран биэрбиккэр, ааҕааччыларбыт ааттарыттан махтанабыт!



Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа: Экэниэмикэ миниистирэ Майя Данилова солбуйааччыларын кытта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0