Майалар сүүрэр манежтаннылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сыллата Мэҥэ Хаҥалас улууһа төрөөбүт күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, биирдии саҥа эбийиэги үлэҕэ киллэрэрэ үтүө үгэскэ кубулуйда. Ол курдук, олунньу 10 күнүгэр Майаҕа спортивнай манеһы үөрүүлээхтик арыйыы сиэрэ-туома буолла.

2005 сылтан, “Манчаары” аатынан стадион туһаҕа киириэҕиттэн ыла, оҕо спортивнай оскуолатын кэлэктиибэ, чуолаан, чэпчэки атлетика көрүҥнэрин тренердэрэ спортивнай манеж тутуутун туруорсубуттара. Ол ыра санаалара туолан, стадион трибунатын анныгар сүүрэр манеж тутуутун силигэ ситтэ.

Аҕыс миэтэрэ кэтиттээх, эрэһиинэтин устата 101 миэтэрэлээх сүүрүүгэ уонна уһуну ыстаныыга эппиэттэһэр саҥа типовой манеж бу күнтэн ыла үлэтин саҕалаата. Эбийиэк “Үтүө дьыала” хамсааһын иитинэн, улуус, нэһилиэк уонна «Кэскил» тэрилтэ үбүлээһиннэринэн тутулунна.

Үөрүүлээх сиэр-туом кэнниттэн саҥа манежка оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо сүүрүүгэ уонна ыстаныыга сүүмэрдиир күрэхтэһиилэр ыытылыннылар. Онон Майаҕа өссө биир саҥа спортивнай эбийиэк эбиллэн, улууска спорт сайдыытыгар төһүүнэн буолуоҕа.

Зоя Герасимова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0