Майалар хоккейдыыр сирдэниэхтэрэ

Ааптар: 
19.08.2019
Бөлөххө киир:

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр, Сэбиэскэй уулусса хабыллар ортотугар, ыччакка, оҕолорго анаан кыһынын хоккейдыырга, сайынын роликтыырга аналлаах былаһаакка баар буолуоҕа диэн  Майа сонуннарыгар үөрүүлэрин үллэстэн суруйаллар.


Үүнэр көлүөнэ пуондатын көмөтүнэн, бүгүн Казань куораттан саҥа корт аҕалылынна. Бу үөрүүлээх сонуну истээт, олохтоохтор субуотунньуктаан үлэни түргэнник үмүрүттүлэр.  Онон күүс-көмө буолбут бар дьоммутугар олохтоох дьаһалта аатыттан махтанабыт дииллэр.

Бэлиэтээбиттэринэн, саҥа тутуу алтынньыга үлэҕэ киириэхтээх. Былаһаакка  1800 квадратнай миэтэрэ иэннээх.  Тутууга олохтоох «ИП Дмитриев» тэрилтэтин дьоно-сэргэтэ үлэлииллэр.

«Сотору кэминэн сибиэһэй салгыҥҥа, ыраас мууска дьарыктанааччы өссө элбиэҕэ. Кэнчээри ыччат хоккейынан, керлинынан, шорт-трегинэн дьарыктаныахтара. Спорт бу көрүҥнэрин баһылаан, сайдан иһиэхтэрэ. Араас күрэхтэһиилэргэ кыттыахтара. Майабыт, улууспут чиэһин  көмүскүөхтэрэ, аатын ааттатыахтара» диэн эрэллэрин биллэрэллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0