Майаҕаттабытын мүччү тутумуоҕуҥ!

14.12.2017
Бөлөххө киир:

«Киһи таһырдьа быгыалыан баҕарбат ахсынньы аам-даам тымныылара тураннар, дойдубар быйылгы кыстыкка эмиэ хотоҥҥо киирбэтэх Тулуна борооскутун Майаҕаттаны санаан, барахсан хайдах-туох сылдьаахтыырын туоһуластым. Хара ааныттан, санаам оонньоон, хараастан, саха саҥалаахтарга, бар дьоҥҥо: “Күн-ый буолуҥ, көмөлөһүҥ, өрүһүйүҥ!”— диэн хаһыытыыбын-үөгүлүүбүн. edersaas.ru

Айылҕаттан айдарыылаах, таһырдьа кыстыыр ураты тулуурдаах дьикти борооску туһунан ааспыт сыллаахха суруналыыс Иван Ксенофонтов биһикки суруйууларбытын аныгы батсаап ситимигэр хаба тардан ылан , Саха сирин олохтоохторо сөҕө-соһуйа аахпыттара-билсибиттэрэ. Маннык ураты сүөһү дьылҕатын быһаарарга араас санааларын эппиттэрэ. Бэл, аһыныгас сүрэхтээхтэр хахха тутууга, тиэйии-сүгүү өттүнэн да, үбүнэн да көмөлөһөргө бэлэмнэрин биллэрэн, хаһаайыннарын счеттарын, телефоннарын туоһуласпыттара. Ону баара, хаһаайыннара кэмчиэрийбиттэрэ. Эбиитин сүөһү иитиитин учуонайа чинчийэр үлэ ыытыах буолан өлөрбөттөрүгэр кэпсэтэн уонна отунан да көмөлөһүү баар буолсу диэн эрэллэнэн, быйыл идэһэ оҥостубакка, кыстатарга быһаарыммыттара.

Инньэ гынан, Майаҕаттабыт барахсан, кини да буоллар, быйылгы кыстыкка кытаанах балаһыанньаҕа хам ыллаттарбыт. Биир үксүн тоҥон, аччыктаан, аһааҕыран былырыыҥҥы кыстыкка курдук чолооруҥнуура суох, умса туттан, бөгдьөллөн титирээн, “ Бытантай бытааһаҕын” курдук чоочугуруу тураахтыыр эбит. Ол аайы ийэтин үүтүн иһэн туругун бөҕөргөтүнэрэ тохтоотоҕо. Бытарҕан тымныыга аҕаһас халлаан анныгар кыыл курдук сылдьаахтыыр эрэйдээх кэтэһэрэ, сэргэхсийэрэ диэн, уһун күҥҥэ биирдэ хаһаайыннара от сыыһын өлүүлээн биэрэллэрэ уонна ийэтиниин ойбоҥҥо уулуу барсара буолаахтаатаҕа…

Ыаллар, «бэйэҕит отто булунуҥ, оччоҕо сыанатын төлүөхпүт» диэн дьаһалта эрэннэрбитинэн көрдөспүттэр да, быйыл от кырыымчык буолан, ордорунан атыылыыр киһи нэһилиэккэ көстүбэтэх. Бара сатаан, онуоха-маныаха диэри, саатар аһымал курдук, түөлбэнэн бугуллууну хомуйан тиэрдиэх да эбиттэр, диэх курдук санаан ылаҕын. Экстремал борооскуларын туттуох буоланнар, атын сүөһүлэригэр да кэмчилээн сиэтиэхтээх отторо түгэҕэ көстөрө чугаһаабыт.

Сылгы курдук туран утуйаахтыыра дуу, диэн ыйыппыппар, хаһаайка: «Хараҥардаҕына сыппыт дуу диэн көрө кэллэхпинэ, дал кытыытынан сытар миэстэлээҕиттэн ойон турааччы. Тээһэҥкэтин тоҥоруо диэн куттана саныыбын,» — диэн сэрэхэдийэр. «Көнньүнэн өлөн хааллаҕына, ночоокко тэбиллэбит”, — хаһаайын кэмсинэрэ иһиллэр.

Күндү биир дойдулаахтарбыт,Айыы киһитэ аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс” диэн мээнэҕэ этиллибэт. Үөһэттэн айдарыылаах дьикти сүөһүбүтүн кыс ортото сир-халлаан икки ардыгар хаалларан кээһимиэҕиҥ. Көмө-өйөбүл буолуоҕуҥ. Кыһалҕаҕа кыбырыйтарбыт ыалга ким от атыылыыр кыахтаах баар буоллаххытына, Уус Алдан улууһун Тулунатыгар хаһаайка Аграфенаны кытта маннык телефонунан билсиҥ: 89248696277.

Сорудаххытын толорон суруйдум бэчээт бэтэрээнэ Мария Сергеева.

Степан Игнатьев хаартыскаҕа түһэриитэ”.

Сахалар улаханнык саҥарбат, номоххо сылдьар улуу өбүгэбит Майаҕатта Бэрт Хара дойдутугар бу XXI үйэҕэ кини аатын ааттатар ураты айдарыылаах, баҕардар аныгы IT технологиялар үйэлэрин кыылын-сүөлүн, сылгытын-сүөһүтүн ууһатарга, тэнитэргэ ананан бэриллибит дьоҕурдаах кунанчааны да диэххэ сөп, кыһаммакка, интэриэһиргээбэккэ мүччү тутарбыт табыллыбата буолуо. Дойдулаах киһи, хаһыаччыт, суруналыыс Мария Николаевна Сергеева : “Көмөлөһүҥ, өрүһүйүҥ!”— диэн мээнэҕэ аймаммат.

40-50 кыраадыс мутук тостор бурҕаҥнас тымныыга өтөрүнэн таһырдьа кыстаабыт, бэл атыыр оҕус баара иһиллибэт. Ааспыт үйэ 90-с сылларын бүтүүтүгэр Эбээн Бытантайга командировкаҕа сылдьан, сэтинньигэ саха ынахтара эрэйдээхтэр сылгылары кытта таһырдьа чоочугураһа, өкчөллөн-бөкчөллөн сылдьаахтыылларын харааста көрбүтүм. Турар хотонноро да, чэҥинэн көрөн, курдары үрэн таһырдьаттан итэҕэһэ суоҕа быһыылааҕа. Ийэлэрбит барахсаттар таһырдьа тахсалларыгар анаан-минээн тигэн кэтэрдэр эмиий хаалаах – сыалдьалаах, күһүҥҥү добдурҕаттан саҕалаан хара-үрүҥ сыбахтаах, сымыыт курдук бүтэй хотонноох саха ынахтара буолбатахтар. Бытантай бытааһахтара сордоохтор…

Хотугу эргимтэҕэ ханна да суох, сүөһү-сылгы иитиитигэр олохтообут, түөспүтүн тоҥсунар циркумполярнай сайдыыбытын салгыы сайыннаран иһиэхтээхпит этэ буолбат дуо. Онуоха анаан Аан айылгыбыт билиҥҥи кэмҥэ ити ураты тулуурдаах, майгылаах Майҕатта борооскуну төрөппүтэ буолаарай. Учуонай аймах, тыа хаһаайыстыбатын үрдүк өһүөлээх чунуобунньуктара ханна бааргытый, улугурбуккут тоҕо бэрдэй. Буоһатыы, ууһатыы, хотугу сиргэ табыгастаах саҥа боруода сүөһүнү үөскэтии боппуруостарынан дьарыктанаргытыгар бэлэм олохтоох матырыйаалы, аныгылыы эттэххэ, игнорируйдуугут? Сэбиэскэй кэмҥэ аҥардас барыһы эрэ эккирэтиһиигэ симмэнтээл, холмогуор, айшир-фриз боруодаларынан үлүһүйэн, бэйэлээх бэйэбит саха ынахпытын эһэн, тиһэҕэр табалаах дьоҥҥо үтүрүйбүккүт.

Барытыгар кыаллыбат, табыллыбат, харчы суох диэн дьэбэлэйдииргит биллэр. Хайыай, аабыстырыйа омук сүөһүлээх сахалар буоллахпыт. Онуоха бүтүн сөмөлүөт муҥунан харчы көстөр. Аныгы XXI үйэҕэ Хотугу эргимтэҕэ эрэ буолбакка, бүтүн аан дойду үрдүнэн циркумполярнай сайдыыны үөскэттибит диэн ыччаттарбыт түөстэрин охсунуохтара турдаҕа. Оттон Уус Алдан Тулунатыгар иккис кыһынын кырыыга кыстыы турар дьиктилээх кунаны хаһаайыннарыттан атыылаһан, наадалаах, табыгастаах сиргэ олохтоон чинчийэр, тургутар-бэрэбиэркэлиир тоҕо сатамматый. Тэпсэҥнии сырыттахпытына, хаһаайката этэринии, тээһэҥкэтин үлүтэр кутталлаах. Улааттаҕына, төлөһүйдэҕинэ саха ынаҕын, этэр курдук сахатыйан эрэр бизон, овцебык тыһыларын саптарар, сиэмэтин хаһаанан искусственнай буоһатыыны боруобалыыр тоҕо кыаллыа суоҕай. Дьэ, уонна, хайдах-туох көлүөнэ сүөһү төрүүрүн, үөскүүрүн кэтээн, чинчийэн IT технология үйэтин үллэр үүттээх, элиллэр эттээх олохтоох сүөһүлэрин ууһатыынан кыайа-хото дьарыктаныахха. Онуоха түөрэх түһэрэр аналлаах айыллыбыт, Саха сирин тоҕус ыйдаах кыһынын кыыл курдук аһаҕас халлаан анныгар, хаарга хааман туоруур Майаҕатта барахсаны мүччү ыһыктымыаҕыҥ!

Иван Ксенофонтов-Силиги, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0