Майа олохтоохторо муустан, хаартан оҥоһукка күрэхтэстилэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:
Хаартыска: "Саха" НКИХ саайтыттан

Кэлэн иһэр 2024 сыл саха халандаарынан «Айыыһыт» сылыгар аналлаах Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр түөлбэлэр икки ардыларыгар муустан, хаартан оҥоһук күрэҕэ ыытылынна. Бу туһунан «Саха» НКИХ иһитиннэрэр.

Уопсайа сэттэ түөлбэ сайаапка биэрэн кыттыыны ыллылар. Манна дьиэ кэргэнинээн, оҕолуун, улахан дьоннуун бары түмсэн сана дьыллааҕы бэлэҕи нэһилиэк олохтоохторугар бэлэх ууннулар.

Кыайыылаахтар анал сэртипикээттэринэн, бириистэринэн наҕараадаланыахтара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0