Майаҕа саҥа култуура дыбарыаһа тутуллуоҕа

Бөлөххө киир:

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа нэһилиэгэр ССРС норуодунай артыыһа Дмитрий Ходулов аатынан элбэх хайысхалаах култуурунай-сынньанар киин тутуллан эрэр. Бу эби­йиэги үбүлүүргэ 308,28 мөлүйүөн солкуобай үп бигэргэннэ. Саҥа кулууп 2020 сылга үлэҕэ киириэхтээх.

 edersaas.ru 

Норуот айымньытын түмэр киини «АЛРОСА» хампаанньа Үүнэр көлүөнэ пуондатыгар укпут харчытынан ту­­туохтара.

Мэҥэ Хаҥалас – өрөспүүбүлүкэҕэ саамай кыра сирдээх эрээри, улахан нэһилиэнньэлээх тыа хаһаа­­йыстыбатынан дьарыктанар улуус. Оройуон киинин Аллараа Бэстээххэ көһөрүөхтэригэр диэри Майа – улуус киинэ этэ. Аллараа Бэстээҕинэн федеральнай суолталаах «Өлүөнэ» уонна «Халыма», өрөспүүбүлүкэ суолталаах «Амма» суоллар ааһаллар. Манна аҕыйах сыллааҕыта АЯМ тимир суолун тиһэх ыстаансыйата аһыллыбыта.

Майаҕа тутуллар култуура уораҕайа 2 842,56 кв.миэтэрэ иэннээх буолуоҕа, бастакы этээһигэр 300 ­миэстэлээх кэнсиэртиир саала, 100 миэстэлээх банкетнай саала, иккис этээскэ 50 миэстэлээх киинэ тыйаатыра, үҥкүүлүүр саала оҥоһуллуоҕа. Манна Дмитрий Ходулов аатынан норуот айымньытын ­дьиэтэ, «Кыталык» оҕо-ыччат эстетическэй киинэ олохсу­йуоҕа.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0