Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа нэһилиэгэр ССРС норуодунай артыыһа Дмитрий Ходулов аатынан элбэх хайысхалаах култуурунай-сынньанар киин тутуллан эрэр. Бу эбийиэги үбүлүүргэ 308,28 мөлүйүөн солкуобай үп бигэргэннэ. Саҥа кулууп 2020 сылга үлэҕэ киириэхтээх.
edersaas.ru
Норуот айымньытын түмэр киини «АЛРОСА» хампаанньа Үүнэр көлүөнэ пуондатыгар укпут харчытынан тутуохтара.
Мэҥэ Хаҥалас – өрөспүүбүлүкэҕэ саамай кыра сирдээх эрээри, улахан нэһилиэнньэлээх тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуус. Оройуон киинин Аллараа Бэстээххэ көһөрүөхтэригэр диэри Майа – улуус киинэ этэ. Аллараа Бэстээҕинэн федеральнай суолталаах «Өлүөнэ» уонна «Халыма», өрөспүүбүлүкэ суолталаах «Амма» суоллар ааһаллар. Манна аҕыйах сыллааҕыта АЯМ тимир суолун тиһэх ыстаансыйата аһыллыбыта.
Майаҕа тутуллар култуура уораҕайа 2 842,56 кв.миэтэрэ иэннээх буолуоҕа, бастакы этээһигэр 300 миэстэлээх кэнсиэртиир саала, 100 миэстэлээх банкетнай саала, иккис этээскэ 50 миэстэлээх киинэ тыйаатыра, үҥкүүлүүр саала оҥоһуллуоҕа. Манна Дмитрий Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтэ, «Кыталык» оҕо-ыччат эстетическэй киинэ олохсуйуоҕа.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru