Саҥа дьыллааҕы уһун сынньалаҥ бүтэһигэр, тохсунньу 8 күнүгэр, Майаҕа «Таммахтар» литературнай түмсүү тэрийиитинэн СӨ норуодунай бэйиэтигэр аналлаах «Мигалкин ааҕыылара» буоллулар.
edersaas.ru
Маннык литературнай ааҕыылары тэрийии «Таммахтар» түмсүү үлэтин биир хайысхата эбит. Ол курдук, бэйиэттэр Толомоҥҥо, Күндээргэ аналлаах ааҕыылар, «Учуутал уонна үөрэнээччи» литературнай ааҕыы үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыттар. Түмсүү 2021 сылга тэриллибитэ үйэ аҥаара буолуохтааҕын истэҥҥин сөҕөҕүн эрэ. Ити кэмҥэ төһөлөөх элбэх киһи уус-уран литератураны иккис дьарык оҥостон, сырдыгы, үйэлээҕи тулатыгар ыспыта буолуой, хас хоһооҥҥо холонооччу, кэпсээн суруйааччы кэрэ эйгэтигэр киирэн бэйэтин, чугас дьонун, ааҕааччыларын олохторун киэргэппитэ буолуой?! «Таммахтар» литературнай түмсүү 1971 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас оччотооҕу «Ленинскэй знамя» диэн оройуоннааҕы хаһыатын сүрүн эрэдээктэрэ Иван Брызгалов көҕүлээһининэн олохтоммут эбит.
Таһырдьа тохсунньу тоһуттар тымныыта, хойуу тумана бүрүүкээн турдаҕына, Р.Г.Васильев аатынан Мэҥэ Хаҥаластааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл киэҥ уораҕайыгар поэзия сырдык сарыала сатыылаата, кэрэкэ тыллар кэккэлэстилэр, үтүөкэн тыллар үмүөрүстүлэр, ыраас санаа ымыы буолан көҥүлгэ көттө, истиҥ ырыа дьиэрэйдэ. Ол курдук, поэзияны таптааччыларга «Таммахтар» литературнай түмсүү чилиэннэрэ Иван Мигалкин хоһооннорун иэйэн-куойан туран, истибити эрэ долгутар курдук иһирэхтик аахтылар. Онно эбии Иван Мигалкиҥҥа бэйэлэрэ суруйбут анабыл хоһооннорун бэлэх ууннулар.
Ааҕыыга бэйиэт, суруналыыс, тылбаасчыт, публицист Иван Мигалкин түөрт уонтан тахса сыл иһигэр 51 кинигэтэ күн сирин көрбүтэ, үгүс ааҕааччы сэргээбитэ, кыра, орто саастаах оҕолор ааҕар, үөрэнэр кинигэлэрэ буолбут айымньылардааҕа бэлиэтэннэ. Олортон манна «Иэйииттэн тахсыбыт хоһооннор» стендэҕэ «Аныыбын иһирэх иэйиибин», «Үөрүүбүн тэҥинэн үллэстэбин», «Күн таммаҕын ыһыспыт дьылҕалар», «Сүрэх сылаас иэйиитинэн», «Пусть радуга обнимет алас», «Сулус санаалар» диэн кинигэлэр харахха хатаналлар. Бэйиэт «Хотугу сулус», «Чолбон», «Полярная звезда», «Күрүлгэн» литературнай-уус-уран сурунаалларга бэчээттэммит хоһоонноро, публицистиката көстөллөр.
Манна эбии Иван Мигалкин ааспыт сыл бүтэһик күннэригэр тахсыбыт, типография кырааскатын сытын сүтэрэ илик «Сүрэхтэн саҕыллар санаалар» диэн кинигэтин билиһиннэрдэ. Кинигэҕэ бэйиэт ааспыт үйэҕэ алтыспыт, уус-уран литература киэҥ аартыгар тахсарыгар алгыстарын ылбыт аҕа саастаах суруйааччыларын туһунан иһирэх тыллардаах санаалара, бэлиэтээһиннэрэ, биир идэлээхтэрин айымньыларыгар сыана быһан суруйбут айар үлэҕэ кынаттыыр истиҥ-иһирэх киирии тыллара, билиҥҥи литература туһунан санаалара тиһиллэн киирбиттэр. Кинигэ ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕар саарбахтаабаккын.
«Таммахтар» литературнай түмсүү чилиэннэрэ бииртэн биир тахсан бэйиэт Иван Мигалкин «Кустуктар куустулар алааспын», «Ийэбэр», «Отон этим, оҕо этим», «Сахам хомуһа», «Көмүстэн күндү», «Сааскы айылҕа уһуктар сиккиэринэн», «Маҥан таба», «Эдьийдэр ийэҕэ тэҥнээхтэр», «Ньургуһуннаах сурук», «Ырыам», «Таптал сулуһа» уонна да атын араас сылларга суруйбут хоһооннорун ааҕыыларыгар доллоох оҕо саас, ийэҕэ таптал, махтал, сүгүрүйүү, маҥнайгы таптал, төрөөбүт дойду ахтылҕана уус-ураннык хоһуллан бэйиэт хайдах сайдан, ситэн-хотон испитин туоһулаатылар, ааспыт кэмҥэ төнүннэрэн ыллылар. Нуучча бэйиэтэ Сергей Каратов тылбааһыгар Иван Мигалкин «Соединяясь с солнцем», «Воспеть тебя нежно» диэн икки хоһооно бэрт сэргэхтик иһилиннэ.
Н.Г.Чернышевскай аатынан Бүлүү педучилищетыгар 15 саастаах Ваня Мигалкинныын бииргэ үөрэммит доҕоро — учуутал Татьяна Артемьева «Тыҥ хатыыта» литературнай куруһуокка дьарыктаммыттарын аҕынна, анабыл хоһоонун аахта:
“Кырылас кумахтаах кытылга
Кыракый уолчаан турара.
Одуулуура долгуйа ол онтон
Олоҕун долгуна тиксэрбит дойдутун…”
Төҥүлүттэн Лидия Андросова анабылыгар маннык суруйбут:
“…Ньургуһуннаах хоһооҥҥор көрөбүн
Алтыс этээскэ элээрэр бэйиэти.
Кынаттаммыттыы чэпчээбит бэйэтэ
Доҕоругар көрдөрө охсоору ыксыырын…”
Светлана Иванова-Намыына И.Мигалкин олоххо аналын хоһоон хомоҕой тылларынан чопчутук этэр:
“Тапталы, олоҕу хоһуйан,
Кэрэни кэрэхсии туойаҕын.
Үөрүүнү үксэтэр аналгынан
Үйэлээҕи, үтүөнү айаҕын”.
Дьэ, ити курдук бу күн учууталларыгар, талааныгар сүгүрүйэр бэйиэттэригэр «Таммахтар» талыы-кэрэ тыллары эттилэр, анабылынан айхаллаатылар, уустаан-ураннаан уруйдаатылар.Бу күн Дьокуускайтан тахсыбыт СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ тэрээһин кыттыылаахтара хоһоон ааҕыыларын, анабылларын сыаналаатылар, санаа атастастылар. Кыттааччыларга бэйэлэрин кинигэлэрин бэлэхтээтилэр, айымньылаах үлэни баҕардылар.
Бэйиэт, публицист, суруналыыс, искусствоведческай наука кандидата Степан Сивцев-Доллу биир дойдулаахтара «Таммахтар» өрүү хайа үрдүгэр буолалларыгар баҕарда, онно эрэнэрин биллэрдэ, олох араас көстүүлэригэр анаммыт лоскуй хоһоонноруттан ааҕан иһитиннэрдэ.
Бэйиэт, суруналыыс, медицинскэй наука доктора Валериан Николаев Манчаары тыыннааҕар суруллубут Матвей Александров «Якут Манчары» поэматын тылбаастаабытыттан билиһиннэрдэ.
Христофор Максимов пуондатын бэрэссэдээтэлэ, СӨ мелодистарын сойууһун чилиэнэ, экономическай наука кандидата Михаил Санников-Уол Сарсын поэзияҕа хайдах кэлбитин, ырыа буолбут 15 хоһооно хайдах суруллубутун кэпсээтэ. Быйыл мэҥэлэр биир дойдулаахтара Марфа Куличкина, Валерий Ноев үбүлүөйдээх сыллара буоларын санатта. «Арбитаҕа», «Төҥүлүбэр» диэн хоһооннорун ааҕан, ырыа ыллаан саала иһин сэргэхситтэ, “талааннаах киһи барытыгар дьоҕурдаах” диэн этиини бигэргэттэ.
Тэрээһин эдэр ыалдьыта, «Өлүөнэ долгуннара» литературнай түмсүү чилиэнэ Галина Иванова-Айтыына Уран Хаҥалас улууһун II Дьөппөнүттэн кэлбит. Илиитигэр дьоҕурдаах норуот маастара хоһоону тоҕо суруйар, хайдах ырыа айар буолбутун кэпсээтэ. Бу соторутааҕыта суруйааччы, тэлэбиидэнньэ суруналыыһа Сардаана Сивцева—Дана Сард «Саха» НКИК ханаалыгар көстүбүт «Ааспыт ааспат амтана» телевизионнай киинэтин түмүк каадырыгар Айтыына Уран «Тургутуу» диэн хоһооно «Олох» диэн аатынан этно-ырыаһыт Чыскыырай толоруутугар ылламмытын кэпсээбитин мустубут дьон ытыстарын таһынан эҕэрдэлээтилэр.
«Таммахтар» литературнай түмсүү салайааччыта Августина Хабарова-Владимирова үүммүт саҥа сылга «Мигалкин ааҕыылара» диэн бастакы тэрээһиннэрэ бэрт сэргэхтик барбытыгар биир идэлээхтэригэр уонна ыалдьыттарга махтанна. И.В. Мигалкиҥҥа ««Таммахтар» литературнай түмсүү сайдыытыгар үтүөлэрин иһин» диэн Иван Брызгалов аатынан бэлиэни үөрүү-көтүү доҕуһуолугар туттарда. Бу бэлиэни Иван Иванович аймахтара олохтообуттара кэрэхсэбиллээх.
Күн иккис аҥаарыгар суруйааччылар ааҕааччылардыын көрсүһүүлэрэ тэрилиннэ, кинигэ атыыланна, автограф-сессия буолла.
Тыл эппит дьон бу тэрээһин СӨ норуодунай бэйиэтэ Иван Васильевич үбүлүөйдээх сылын тэрээһиннэрин быыһын аһыллыытын курдук сыаналаатылар.
СӨ норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин түмүк тылыгар сэргэх тэрээһин иһин махтанна, «Таммахтар» өссө тэтимнээхтик сайдан иһэллэригэр баҕарда, СӨ суруйааччыларын сойууһун өттүттэн итиниэхэ көмө уҕарыйыа суоҕун эрэннэрдэ, саала иһигэр олорор литературнай түмсүү чилиэннэриттэн суруйааччылар тахсан иһиэхтэригэр эрэнэрин биллэрдэ.
И.В.Мигалкин маннык тэрээһиннэр салгыы өссө Уус Алдан, Нам улуустарыгар ыытыллаллара былааннанарын иһитиннэрдэ.
Валериан НИКОЛАЕВ, edersaas.ru анаан