Саас кэлэн, дьон-аймах дьиэ туттар кэмэ кэллэ.
edersaas.ru
Мэҥэ Хаҥалас Майа сэлиэнньэтин элбэх оҕолоох эдэр ыала Семеновтар дьиэ кэргэннэрэ дьиэ туттар түбүктэрин улуустааҕы уопсастыбаннай тэрилтэлэр үлэлэрин сүрүннээччи Зиновий Игнатьев аара ааһан иһэн билистэ.
— Үс оҕолоох Павел уонна Саргы Семеновтар дьиэ туттуохтарын баҕарбыттара өр буолла. Мин бүгүн кинилэр дьиэлэрин акылаата түһэр түгэнигэр түбэһэ сырыттым. Эдэр ыал күнү-дьылы өрүсүһэн, аймахтарын мунньан, күргүөмнээх үлэни саҕалаатылар. Тутар матырыйаалларын кыралаан эрдэттэн мунньан, наадалаах барыта баар.
Семеновтар маастар күтүөттэрэ Көстөкүүн Баишев көрүөх бэтэрээ өттүгэр маһын эрбэттэ. Сэмэнэп аймахха бары үлэҕэ аймаҕынан саба түһэн дьиэ тутан биэрии үгэскэ кубулуйбут. Онон аны күһүн икки мэндиэмэннээх саҥа дьиэ Майа биир уулуссатыгар дьэндэйэн тахсан, хараҕы сымнатыаҕа.
Икки түҥүрдүү Миитэрэй Титов уонна Байбал Сэмэнэп оҕолорун дьиэлэрэ акылаата түспүтүн үөрэ көрөн астынан туралларын, түгэнинэн туһанан, хаартыскаҕа түһэрэн ыллым.
Ити курдук, Майа эдэр ыала саҥа дьиэлэрин акылаата түһэн, аймахтарын кытта дьиэлэрин туттан бардылар. Хайдахтаах да ыксаллаах быһыы-майгы буоллар, олох салҕанар.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа Зиновий Игнатьев түһэриитэ.