Бу нэдиэлэҕэ, атырдьах ыйын 16-20 күннэригэр, Баку куоракка (Азербайджан) мас тардыһыыга Европа чөмпүйэнээтэ буолар. Күрэхтэһиигэ уон дойдуттан 120 мадьыны кыттара күүтүллэр.
Баку түһүлгэтигэр кыттар дойду сүүмэрдэммит хамаандата, сүрүннээн, Москваҕа ыытыллыбыт олимпийскай чөмпүйүөн Роман Дмитриев кэриэһигэр Бүтүн Арассыыйатааҕы турнир кыайыылаахтарыттан турар.
Эр дьоҥҥо: 60 кг — Айсен Мигалкин, 70 кг — Афанасий Платонов, 80 кг — Дьулуур Климовскай, 90 кг — Павел Черноградскай, 105 кг — Виктор Докалов, 125 кг — Эрчим Баппаҕай уонна 125 кг үөһэ ыйааһыҥҥа — Виктор Колибабчук.
Дьахталларга: 55 кг — Наталья Черноградская, 65 кг — Ирина Севрюк, 75 кг — Екатерина Белолюбская, 85 кг — Махинур Абдузоирова уонна 85 кг үөһэ ыйааһыҥҥа — Татьяна Григорь.
Мас тардыһыыга Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тириэньэрэ Николай Константинов иһитиннэрбитинэн, эпэрээссийэ кэнниттэн чөлүгэр түһэр Махинур Абдузоироваттан ураты спортсменнар бэлэмнэрэ үчүгэй, күрэхтэһэр ыйааһыннарын туппуттар.
Санатан эттэххэ, мас тардыһыыга Европа бастакы чөмпүйэнээтэ 2016 сыллаахха Батумига (Грузия) ыытыллыбыта. Онно саха мадьынылара аҕыс кыһыл көмүс, үс үрүҥ көмүс уонна биэс боруонса мэтээли ылан тураллар.
Роман Попов, edersaas.ru