Бэстээххэ тимир суол кэлиэҕиттэн, манна сыһыаннаах идэни талар оҕо үксээтэ. Тимир суол үлэһиттэрин 2011 сыллаахха тэриллибит Аллараа Бэстээхтээҕи Тырааныспар тиэхиньикума бэлэмниир.
496 сайабылыанньа!
“Биһиги идэбит эппиэтинэстээх, хаары, ардаҕы аахсыллыбат уустук үлэ буолан, ирдэбил даҕаны онно ханыылыы. Быраактыкаҕа да, үлэҕэ даҕаны киириэхтэрин иннинэ Алдаҥҥа анал хамыыһыйаны ааһаллар. Кэлин төлөпүөн, көмпүүтэр хото киирэн, ыччат доруобуйата айгыраата. Сүрүннээн харахтарынан сыыйыллаллар”, — диэн дириэктэр Василий Петров этэр.
Усулуобуйа барыта баар!
Үөрэтэр куорпустара аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир, туох баар тэрилинэн хааччыллыбыт. Бэл, бибилэтиэкэлэрэ электроннай. Аны виртуальнай түмэллээхтэр. Оттон слесарнай, сыбааркалыыр, токарнай, электромонтажнай мастарыскыайдар тустарынан этэ да барыллыбат. Өссө полигоннаахтар. Онон устудьуоннар туох баар сатабылга миэстэтигэр уһуйуллаллар. Биһиги сылдьар кэммитигэр тренажерга үөрэнэ олорор Мэҥэ Хаҥаластан сылдьар Виталий Винокуров: “Автомеханик идэтигэр үөрэнэбин. Син уустук соҕус. Эҥин араас ырычааҕа элбэх. Ону барытын билиэххэ наада. Интэриэһинэй үөрэх, үөрэтэллэрэ да үчүгэй”, — диэн санаатын үллэстэр.
Оттон тустаах тиэхиньикуму 2017 сыллаахха кыһыл дипломунан бүтэрбит, икки аҥаар сыл “Саха сирин тимир суоллара” тэрилтэҕэ үлэлээбит, кылгас кэм иһигэр саамай үрдүк эрэсэрээти ылбыт, биир туруу үлэһит Дьулустаан Саввинов үөрэммит кыһатын ыҥырыытынан быйылгыттан преподавателлээн эрэр: “Үөрэхпин бүтэрэн баран, тута тимир суолга үлэлии барбытым. Үлэтэ эппиэтинэстээх, болҕомтону эрэйэр. Тоҕо диэтэххэ, вагону кытта сибээстээх үлэһиттэр таһаҕаһы тиэйэр, дьону таһар сырыыга куттал суох буолуутун хаачыйаллар. Түөрүйэ өттүн үчүгэйдик билэрим. Саҥа идэ буолан, быраактыкабыт арыый аҕыйаҕа. Ол эрээри, аҕыйах ый иһигэр барытын ситиспиппит. Биллэн турар, анараа миэстэтигэр үлэлиир интэриэһинэй, хамнаһа даҕаны үрдүк. Преподавателлиир эмиэ үчүгэй эбит”, — диэн кэпсиир.
Устудьуону көҕүлээри
Истипиэндьийэ устудьуон хайдах үөрэнэриттэн быһаччы тутулуктаах. Сүрүн истипиэндьийэлэрин таһынан, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын 10 тыһыынча солкуобайдаах истипиэндьийэтэ көрүллэр. Ону таһынан, ОДьКХ үтүөлээх үлэһитэ, Ил Түмэн дьокутаата Александр Романов аатынан симиэстир аайы икки устудьуоҥҥа анал истипиэндьийэ бэриллэр.
Аны 2-с кууруска үлэ быраактыкатыгар сылдьан баран, хамнас диэн тугун билбит устудьуоннар үөрэҕи кытта үлэни тэҥҥэ дьүөрэлииллэрэ үгүс. Күн бүгүн, 12 устудьуон үлэлиир буолан, тус графигынан үөрэнэр эбит. Кинилэртэн 4 оҕо — Аллараа Бэстээхтээҕи тимир суол ыстаансыйатыгар, хамнастара 56 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр! Оттон тимир суолга орто хамнас 70 тыһыынча солкуобай дэһэллэр.
Кыргыттар бөлөхтөрө
Биир аудиторияны өҥөйбүппүт, паартаҕа мап-маҥан таҥастаах кыргыттар кэчигирэспиттэр. “Биллэн турар, тустаах тиэхиньикумҥа улахан аҥаара уол аймах үөрэнэр. Арай, таһаҕаһы, дьону тиэйиини тэрийии уонна тырааныспары салайыы бөлөххө эрэ үгүстэрэ кыргыттар”, — диэн дириэктэри солбуйааччы Татьяна Кузьмина билиһиннэрэр.
Бу идэҕэ үөрэнэр, Сунтаартан төрүттээх Дайаана Еремеева: “Саҥа идэ аһыллыбытын туһунан дьоммуттан истибитим. Уустук гынан баран, үөрэтэллэрэ үчүгэй. Преподавателлэрбит барытын быһааран биэрэллэр, өйдүүллэр. Үөрэнэр куорпуспут, уопсайбыт саҥа. Оскуолаҕа араас тэрээһиннэргэ кыттарым, билигин эмиэ устудьуоннар сэбиэттэригэр баарбын. Бүтэрдэхпинэ, Хабаровскайга үрдэтинэ барар санаалаахпын”, — диэн кэпсиир.
Дьиэҕэ курдук
Бачча кэлбиччэ устудьуоннар олорор уопсайдарын тумнан барар хайдах даҕаны табыллыбат. Ааҕааччылар даҕаны ону эрэйэр буолуохтаахтар. Салалта төрөппүт тугу эрэйэрин бэркэ билэр буолан, экскурсия түмүгэр суруналыыстары уопсайга илдьэр. Букатын дьиэтээҕи усулуобуйа. “Ханнык баҕарар ааны тэлэйэ баттааҥ. Хайдах олороллорун көрүҥ, ыйыталаһыҥ”, — дииллэр. Биһиги иһиттибит дуу, истибэтибит дуу диэбиттии, уопсай иһин-таһын барытын көрөбүт, туоһулаһабыт. Куукунаҕа киирбиппит, билиитэ иннигэр миискэ хотойорунан эт өрөһөлөммүт. Устудьуон кыыс номнуо киэһээҥҥи аһылыгын буһараары бэлэмнии сылдьар. Сынньанар, успуордунан дьарыктанар кытта тус-туспа хостордоохтор. Ону ааһан, үһүс этээскэ холлга киинэ тыйаатыра кытта баар. Аны төрөппүттэргэ диэн анаан эмиэ туспа хос баар.
Ити курдук, суруналыыстар күн аҥаара тиэхиньикум үөрэтэр куорпуһун, мастарыскыайдарын, устудьуоннар олорор уопсайдарын кэрийэн көрөн баран, үөрэнэргэ усулуобуйа барыта баар эбит диэн түмүккэ кэлэбит. Ама итинник усулуобуйаҕа ким үөрэниэ суоҕай?!
Людмила ПОПОВА, edersaas.ru
Хаартыска: Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА), ааптар.