Маастар кыһыҥҥы таҥаһын өссө байытта

27.01.2018
Бөлөххө киир:

«Талааннаах киһи барытыгар талааннаах», – дииллэрэ мээнэҕэ буолбатаҕын бу хаартыскаларга көрөбүт.

edersaas.ru

“Кыл Саха” ансаамбыл сүрүн солиһа, кылтан кырыымпа оҥорор маастар Руслан Габышев кыһыҥҥы таҥаһын өссө ситэрэн-хоторон биэрдэ. Бөрө тириититтэн тикпит таҥаһыгар эбии хаар ачыкытын анньынна. Бу сылаас таҥаһынан төһө баҕарар ыраах айанныырга бэлэмин туһунан астына бэлиэтиир.

Руслан Прокопьевич:

«Маннык ыстааны бөрө тириититтэн эрэ буолбакка, таҥаһынан тигиэххэ эмиэ сөп. Син биир аныгы комбинезон курдук. Атына диэн, атах таҥаһын уһулбакка кэтиллэринэн табыгастаах.

Суоппардыы сылдьан баата ыстаан уһуллара моһуоктаах буолан, сүрэҕэлдьээн кэтиллибэт буолара. Билигин маннык таҥыннаххытына абыранаҕыт, – диэн ыраах айанньыттарга, суоппардарга уо.д.а. эр хоһууннарга сүбэлиир. 

Надежда ЕГОРОВА, Саха сирэ” хаһыат,  edersaas.r

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0