«Сахамедиа» холдинг Саха сирин олохтоохторугар «Өрөспүүбүлүкэ тирэҕэ» анал таһаарыытын билиһиннэрэр. Өрөспүүбүлүкэбитигэр промышленнай хампаанньалар элбэхтэр. Кинилэр, кырдьык, Сахабыт сирин сүрүн тирэхтэрэ буолаллар. Мантан инньэ бу тэрилтэлэр хайдах үлэлии олороллорун, ситиһиилэрин уонна, саамай сүрүнэ, онно таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар исписэлиистэр тустарынан суруйуохпут, сырдатыахпыт.
Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Сунтаар улууһуттан төрүттээх Дмитрий Иванов 2004 сыллаахха Сунтаардааҕы политехническэй лицейи бүтэрбитэ уонна Красноярскайдааҕы өҥнөөх металларга университекка (билиҥҥинэн Сибиирдээҕи федеральнай университет) туттарсан, туһалаах сир баайын байытар салааҕа үөрэнэ киирбитэ.
2010 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн, ийэ дойдутугар ытык иэһин төлүү Читатааҕы танковай байыаннай чааска сулууспалыы барбыта. Биир сыл этэҥҥэ сулууспалаан, старшай-сержант аатын сүгэн дойдутугар кэлбитэ уонна кэргэнэ 2010 сыллаахха үлэлии сылдьыбыт хампаанньатыгар «Алданзолото» АУо-ҕа көмүһү араарар фабрикаҕа миэлиҥсэ машиниһынан үлэлии киирбитэ. Хампаанньа салалтата барыга-бары сыстаҕас, үлэһит исписэлииһи 2012 сыл тохсунньутугар фабрика маастарынан анаабыта. Ол кэмтэн ити дуоһунаска биэс сылтан ордук үлэлээбит. Дмитрий үлэбин олус сөбүлүүбүн диир. Сөбүлээбэтим буоллар, арааһа, атын үлэҕэ барбыт буолуом этэ диэн күлэн кэбиһэр.
Маастар эбээһинэһэ уонна фабрика үлэтэ
– Ыйдааҕы былаан туоларын хонтуруоллуубун. Ыйга бачча рудаттан көмүс араарыллыахтаах диэн сорук туруоруллар. Бу былааны толорорго фабрика оборудованиета тохтобула суох үлэлиэхтээх. Ол аата манна үксүн техническэй нуорманы тутуһуу ирдэнэр.
Смена бүтүүтэ технологическай үлэ хайдах барбытын, туох кыһалҕа баар буола сылдьыбытын анал сурунаалга тиһэн иһэбит уонна кэлэр смена маастарыгар туттарабыт. Маастардар сууккаҕа аҕыстыы чаас үлэлиибит. Сменаҕа 24 киһи үлэлиир. Кинилэри дьаһайабыт, хонтуруоллуубут, – диэн Дмитрий Гермогенович кэпсиир. – Көһөҥө тааһынан сылдьар көмүстээх руданы үлтүрүтэбит. Көмүс руда иһигэр сыста сылдьар. Судургутук этэр буоллахха, фабрикаҕа үстэ бытарытыллаллар. Бастакы түһүмэххэ, улахан таас кыраҕа үлтүрүтүллэр. Иккис түһүмэххэ шаровой миэлиҥсэ диэҥҥэ киирэн, өссө бытарытыллар. Салгыы өссө үһүс миэлиҥсэҕэ киирэн өссө кыраҕа үлтүрүтүллэллэр уонна бөх-сыыс, мас-от ыраастанар. Салгыы мэһийиллибит руда убаҕаһа ыгыллар уонна цианиты кытта буккуллан анал убаҕас (пульпа) үөскэтиллэр. Цианит рудаттан көмүһү араарар. Цианиттаах көмүскэ анал сымаланы эбэн (цорсия процеһа) пульпаттан көмүс араарыллар. Салгыы регенерация диэҥҥэ киирэн, көмүстэн сымаланы араарабыт. Кылгастык фабрика үлэтин быһаарар буоллахха, итинник.
Дьону кытта үлэлиир уустуктардаах
эрээри…
Дмитрий бастаан үлэлииригэр оннук айылаах ыарахаттары көрсүбэтэх. Түөрүйэни үчүгэйдик үөрэппит эбиппин диир. Фабрика кэлэктиибэ эдэр исписэлииһи үөрэ-көтө көрсүбүт. Хампаанньа салалтата эдэр ыалы уопсайга туспа хоһунан хааччыйбыт. Уолламмыттарыгар Аллараа Куранаахха биир хостоох кыбартыыраны биэрбиттэр. Алта сыл үлэлээн, Алданы иккис дойдуларын курдук оҥостубуттар. Сир уларытар туһунан санаа кылам да гынан ааспат эбит. Хамнастара үчүгэй, кэмигэр кэлэр.
Смена кэмигэр ыксаллаах быһыы-майгы бэрт сэдэхтик буолар. Арай, сайын этиҥнээх ардахха уот күүрүүтэ эмискэ түстэҕинэ, фабрика оборудованиеларыгар ол тута биллэн, миэлиҥсэ үлэтэ эмискэ тохтоон ылар түгэннэрэ тахсыталыыр эбит.
– Дьону кытта биир тылы булан үлэлиир уустуктардаах, – диир Дмитрий. – Кэлэктиипкэ араас майгылаах-сигилилээх, санаалаах-оноолоох дьон элбэх. Хас биирдиилэригэр туспа сыһыан наада. Кими эрэ хайҕыахха, кимиэхэ эрэ арыый кытаанах буолуохха наада. Ол гынан баран, кыыһырсыыга тиийэ иликпин уонна оннук тахсыбата да буолуо дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, үксүлэрэ үрдүк таһымнаах, уопуттаах исписэлиистэр. Эппиккэ дылы, 15-тии, 20-лии сыл ыстаастаах дьон.
Иллэҥ кэмҥэ спордунан
дьарыктанабын
– Красноярскайга бииргэ үөрэммиттэрим араас идэҕэ үлэлииллэр. Ким бэйэтэ бизнестээх, ким атыы-эргиэн үлэһитэ, атыылааччы буолан сылдьаллар. Үксүбүт промышленнай хампаанньаларга үлэлиир, бэйэ-бэйэбитин кытта билсэбит. Иллэҥ кэммэр, төһө кыалларынан, спордунан дьарыктанабын. Хампаанньа спортивнай комплексыгар сүүрэбит, бассейныгар харбыыбыт, тренажеркаҕа эппитин-хааммытын эрчийэбит. Комплекска үлэһиттэр буор-босхо дьарыктаналлар. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, мас тардыһыытынан күүскэ дьарыктана сылдьыбытым. Оччолорго «Азия оҕолоро» күрэхтэһиигэ кыттыахтаах этим да, 2004 сыл сайыныгар үөрэххэ туттарсар буолан, матарга күһэллибитим. Билигин «Алданзолото» хампаанньа иһинэн үлэһиттэргэ ыытыллар спартакиадаҕа көхтөөхтүк кыттан өрүү миэстэлэһэбин.
Кэлэктиипкэ эр дьон үгүс өттө балыктыырын сөбүлүүр. Ол курдук, Үөһээ Аммаҕа киирэн балыктыыр үтүө үгэстээхпит.
Эдэрдэр, түөрүйэни кытаатыҥ!
– Техническэй идэлэргэ үөрэнэ сылдьар эдэр дьон, маҥнайгы уочарат, түөрүйэни кытаатан үөрэтиҥ, – диир уопуттаах маастар. – Техническэй өттүнэн түөрүйэни эҥкилэ суох үчүгэйдик билэр буоллахха, киһи төһө баҕарар үлэлиэн сөп эбит. Биллэн турар, быраактыка эмиэ элбэҕи быһаарар эрээри, туох ханнык иннинэ, улахан агрегаттар ис дьиҥнэрин биэс тарбах курдук билэр буолуохтааҕыҥ ирдэнэр. Иккиһинэн, саарбаҕалыыр түгэҥҥэ, уопуттаах дьонтон толлон, куттанан турбакка, кэпсэтэн-ипсэтэн, ыйытан иһиллиэхтээх. Үсүһүнэн, кэлэктиип эйгэтигэр киирэн, ыытыллар тэрээһиннэргэ аҥар кырыытыттан көхтөөхтүк кыттыллыахтаах. Балары кыаннахха, промышленнай улахан хампаанньаларга киһи төһө баҕарар үөрэ-көтө, астына-дуоһуйа үлэлиир кыахтаах.
Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru