СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ мэдиссиинискэй маасканы хайдах сөпкө кэтэри быһаарар. Ону тутустахха, элбэх дьон тоҕуоруһар сиригэр, коронавирус дьаҥар сыстымыахха сөп.
1. Маасканы кэтиэх иннинэ илиини мыылалаах уунан суунар эбэтэр анал антисептигинэн соттор наада.
2. Мааска муруну, айаҕы сабыахтаах.
3. Маасканы кэтэ сылдьан, илиигитинэн сирэйгитин тыытымаҥ. Алҕас таарыйар түгэҥҥэ, илиини антисептиктанар эбэтэр суунар наада.
4. Маасканы кэтэ сырыттахха сиигирдэҕинэ, бириэмэтин күүппэккэ быраҕар ордук.
5. Маасканы устарга, кэлин өттүттэн, эрэһиинэтиттэн тутан устуҥ. Бөххө суулаан быраҕан баран илиигитин суунуҥ.
Миэдиктэр бэлиэтииллэринэн, аҥаардас мааска ыарыыттан харыстаабат. Атын санитарнай ирдэбиллэри тутуһар хайаан да наада.
Ульяна Захарова.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1