Мааска, термометр атыылаһарга – субсидия

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Улахан дьаҥ кэмигэр дьоҕус урбаанынан дьарыктанааччылар улаханнык оҕустардылар. Онон сибээстээн дойду бырабыыталыстыбата кинилэргэ көмө оҥорор туһунан дьаһаллары ылынар.

Холобур, гостиницалар, кафелар уонна киһи сэбэрэтин тупсарар солуоннар үлэһиттэригэр мааска уонна термометр, дезинфекциялыыр сириэстибэ атыылаһалларыгар субсидия көрүллүөх курдук. Онуоха сыһыаннаах бырабыыталыстыба уурааҕын бырайыага дьүүллэһиигэ тахсыбыт. Субсидия кээмэйэ 15 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэҕэ.  Бу субсидия бэриллиитэ Роспотребнадзор ирдэбиллэрин тэрилтэлэр толороллорун туһугар ананар. Оччоҕуна дьону хааччыйар тэрилтэлэргэ дьон куттала суох сылдьалларыгар кыах үөскүөҕэ. Экэниэмикэ сайдыытын министиэристибэтин сабаҕалааһынынан субсидия ылар тэрилтэлэргэ 1,8 мөл киһи үлэлиир.

Женни Стрюкова бэлэмнээтэ

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0