Роспотребнадзор маасканы кэтии уопсай эрэсиимин киллэрдэ

Бөлөххө киир:

Роспотребнадзор Арассыыйа бары гражданнара уопсастыбаннай сирдэргэ — таксига, уопсастыбаннай тырааныспарга, парковкаларга, лифткэ хайаатар даҕаны мааска кэтэллэригэр уураахтаата.

Маны таһынан, 23:00 чаастан 06:00 чааска диэри сынньалаҥ тэрээһиннэрин ыытыы уонна уопсастыбаннай аһыыр сирдэр үлэлэрэ бобуллуоҕа. Онон,  баардар, кафелар, эрэстэрээннэр, кулууптар эрэсиимнэрэ уларыйыаҕа.

Итиэннэ дезинфекция эрэсиимэ күүһүрүөҕэ.

Бу дьаһаллар алтынньы 28 күнүттэн олоххо киириэхтэрэ диэн «Российская газета» саайт иһитиннэрэр.

edersaas.ru

Хаартыска — fedpress.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0