“Маарыкчаан ыччаттара”. Үс сиэрийэлээх соцреалистическай этно-панк

Ааптар: 
19.03.2022
Бөлөххө киир:

Эрилик Эристиин “Маарыкчаан ыччаттара” арамаанын Саха тыйаатырын сыанатыгар аан бастаан 1948-49 сс. тыйаатыр сезонугар саха бастакы идэтийбит режиссера Спиридон Григорьев суруйааччы Николай Якутскай инсценировкатынан туруорбута.

Онтон 30 сыл буолан баран Василий Фомин бэйэтин инсценировкатынан Федот Потаповтыын кыттыһан туруорбуттара. Саха тыйаатыра бу сүдү айымньыга үһүстээн болҕомтотун ууруута инники туруоруулартан туспа оҥоруулаах, санаммыт далааһынынан үгүс түгэннэргэ лаппа баһыйар бырайыак буолла. Холобур, икки аакта­лаах бэрт уһун “Маарыкчаан ыччаттара: Уоттаах сүрэхтэр” туруоруу 1-гы эрэ көстүүтэ буолар. Сергей Потапов улахан арамааны кум-хам туппакка, төһө кыалларынан толору көрдөрөөрү, туруорууну үс туспа турар испэктээккэ тэниппит. Мин өйдүүрбүнэн, Саха ты­­йаатырыгар маннык, “сэрийээл” мо­­һуоннаах улахан үлэ баччааҥҥа диэри туруорулла илик этэ.

Сергей Потапов  бассабыык буолбатах

“Икки таҥара дьиэлээх Маарыкчаан нэһилиэгэ өрөбөлүүссүйэ охсуһуутун түһүлгэтэ буолар. Милииссийэ на­­чаалынньыга, Саха сиригэр сыылкаҕа ыытыллыбыт анархист Мейер Едлин бассабыыктар Маарыкчаанынан Лаамы суолунан тахсан Владивостокка түhээри сылдьалларын туһунан тэлэгирээмэ тутан, нэһилиэк социалистарын, аттаах, саалаах олохтоох дьонун түмэн, тоһуурга барарга сорунар. Бу тоһуурга уон биэс саастаах Коля Манасовы икки атын кытта үүрэн аҕаланнар эмиэ илдьэ бараллар. Ыраахтааҕы былааһа сууллуоҕуттан Маарыкчаан революционердара – федералистар, эсердар, анархистар – кыра дьоҥҥо үчүгэйи аҕалабыт дииллэр да, үчүгэйи оҥорбуттара көстүбэт. Онон Коля кинилэргэ итэҕэйбэт, тоҕо эрэ хаһан да көрбөтөх басса­быыктарын бэйэтин дьонунан ааҕар…”

Саха Өрөспүүбүлүкэтин 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө, саха бастакы романиһа Семен Степанович Яковлев-Эрилик Эристиин 130 сааһын бэлиэ­тиир туруоруу туһунан кыл­гастык бу курдук суруллубут. Омос санаатахха, 2022 сылга сэбиэскэй бы­­лаас олохтонуутун ар­­баан суруллубут айымньыга төннүү бэрт дьикти быһаарыныы курдук. Ол эрэн, режиссер Сергей Потапов аҕы­йах сыл анараа өттүгэр Былатыан Ойуунускай “Иирбит Ньукуус”, “Сүрэх” кэп­­сээннэрин туруора сылдьыбыта. Бу икки айымньы бассабыык ­идеологиятын туругурдар ис хоһоонноох агитационнай ис хоһоонноох айымньылар.

Бу туруорууларга сылдьыбыт киһи, биллэн турар, айдаан­наах ааттаах режиссербут “кыһыл” ­идеологияттан ырааҕынан дайарын бэркэ диэн билэр. Потаповы кырыктаах сыллары хоһу­йар айымньыларга иирсээннээх кэмҥэ киһи аймах икки ардыгар хайдах сыһыан үөскүүрэ, гражданскай сэрии кырыктыйыыта туох хараахтардары үөскэтэрэ интэриэһиргэтэр. Бу да сырыыга биллиилээх режиссербут саха классикатыгар хайыһыыта иир­­сээн айылҕатын чинчийиигэ кубулуйбута көстөр.

Кыра ымпыктар-чымпыктар

Ангелла Попова сыанаҕа анаан оҥорбута ааптар айымньытын улаханнык уларыппатаҕа харахха быраҕыллар. Чурапчы суруйааччыта хоһуйбут быһылааннара сыанаҕа хайдах баарынан көстөллөр… Ол эрэн, сүрүн дьоруойдар саҥарар тылларыгар, туттууларыгар-хаптыыларыгар арыый дириҥ болҕомто бэриллибититтэн соцреализм көнө модьуйуута сүтэр. Эҥкилэ суох дьүһүннээх Коля Манасов (Айсен Лугинов) атаҕастаммыт санааттан кырыктыйбыта көстөр, Мейер Едлин (Валентин Макаров) бэйэтигэр эрэммэт куттас майгыта баламат быһаарыныылары ыларыгар төрүөт буолара өйдөнөр. Ити курдук, кыра ымпыктар-чымпыктар соцреализм көнө болотунатын дириҥэтэн, уопсастыба сыһыанын туһунан драмаҕа кубулутар.

Сэрэйдэххэ, бу соругун толорор сыалтан, режиссер биир даҕаны дьоруойу чорбоппот, “сүрүн персонаж” курдук көрдөрбөт. Бассабыыктар уонна кинилэр утарылаһааччылара бары “тэҥ сирэйдээхтэр”. Баҕар, бэйэм ­идеологияҕа сыһыаммыттан буолуо, ол эрэн, Коля Манасовы уонна Сеня Оноевы (Владимир Винокуров) мөккүөрэ суох өйүүр санаа үөскээбэтэҕэ. Ол оннугар кыра сылдьан аахпыппын кытта тэҥнээн көрдөххө, оҕолор төрөппүттэрин аһынар санаам ордук сытыытык киирдэ. Коля ийэтэ Кэтириис (Ирина Никифорова), Сеня ийэтэ хараҕа суох Татыйаас (Маргарита Борисова) бу туруорууга атааннаһар лааҕырдартан туспа турар камертон курдук ­буоллулар.

Соцреализм уонна этно-панк

Саха тыйаатыра бу туруоруу жанрын “соцреалистическай этно-панк” диэн быһаарбыт. Соцреализм ньымата туһаныллыбыта харахха тута быраҕыллар – кыра эрдэхпититтэн көрөн-көрөн кэлбит тыйаатыр оонньуутун албастара “Маарыкчаан ыччаттарыгар” соруйан күүркэтиллибиттэр, ардыгар гротеск кырыытыгар тиийэллэр. Героическай туттуу-хаптыы, саалаҕа туһаайыллыбыт төлөннөөх монологтар, карикатураҕа кубулуйбут “отрицательнай” дьоруой. Даҕатан эттэххэ, туох да үрүҥ бээтинэтэ суох хара дьайынан манна Менягин милиционер эрэ (Николай Протасов) уруһуйдаммыт. Ол оннугар арамааҥҥа эҥкилэ суох сырдык уобарастаах Иван Чинарин (Дьулустаан Семенов) манна диктатор кэмэлдьилээҕэ харахха быраҕыллар, бүгүҥҥү күнтэн олорон көрдөххө, хайдах дьылҕаланара сэрэйиллэр киһи быһыытынан оҥоһуллан тахсыбыт.

Оттон “этно-панк” чааһыгар туох баарый диэтэххэ, “чахчы бу өрүтүгэр көстөр” диэн этэр кыах суох. Туруорууга соруйан көстөрүн курдук, сыстыбат элэмиэннэри бобо баайбыттыы холбооһуннар бааллар. Сороҕор аныгы үҥкүү быстахтара, бүтэһигэр рок-муусуканан (“Байанай ыттара” рок-бөлөх) уларыйыы кэлбитин өрөгөйдөөһүн “этно-панк” диэн дьикти хоһуйууга сөп түбэһэрэ буолуо. Манна туһаайан эттэххэ, туруорууга фон быһыытынан быыстала суох тыас-уус, муусука олус улахан оруоллаах, көрөөччү туругар көнөтүк дьа­­йар үнүстүрүмүөн буолла. Муусука таҥааччы, композитор Егор Ефимов бу үлэҕэ кылаата бэрт улахана көстөр.

Түмүккэ

Тыйаатыры таптааччылар дьаҥ хааччаҕыттан толору төлөрүйүүнү көрсөр премьераларынан Саха тыйаатырын сыанатыгар турбут “Маарыкчаан ыччаттара” буолла. Салгыы туох буоларын билэр баҕа санааны көбүтэр бэртээхэй “сэрийээл” маҥнайгы көстүүтэ буолла. Тыйаатыр туох баар күүһүн-уоҕун мунньан, баай декорациялары туруоран, артыыстарын барытын кэ­­риэтэ кытыннаран туруорбут үлэтэ Саха сирин тыйаатырын эйгэтигэр улахан суолталаах сабыытыйа ­буолбут диэн эрэллээхтик туоһулуубун. “Маарыкчаан ыччаттара” кэлэр түһүмэхтэрин күүтэбит!

Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0