Маама топпот (КЭПСЭЭН)

Ааптар:  Ангелина ВАСИЛЬЕВА-Дайыына
03.09.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Бүгүн туох эрэ ураты күн. Сарсыардаттан маамалаах паапалара иһирдьэнэн-таһырдьанан сыбыытаһаллар. Ботур-итир кэпсэтэллэр. Иһит-хомуос лаҥкыныыр.
Паапалара тыһаҕастарын, Маҥаачыктарын оҕотун, тоҕо эрэ далга баайбыт. Ону улахан уол, сэттэлээх Костя таһырдьа тахса сылдьан көрдө. «Ынахтар суохтар ээ, хотоҥҥо киирбиттэр. Уу, эрэйдээҕи тоҕо баайдахтарай, тоҥуо дии…».
Уол хаарга халтарыйан охто сыһа-сыһа, тыһаҕаска сүүрэн тиийдэ.
— Оокко, Оокко!
Ооккото күөх оту курдурҕаччы сии турар эбит. Төбөтүн өрө көтөҕөн «ким кэллэ» диэбиттии көрдө, үгэһинэн килиэп көрдөөн муннунан анньыалаата. Онтон «пус!» гына тыынан кэбиһэ-кэбиһэ отун сиэн киирэн барда. Ити аата «килиэбэ суох» диэн өйдөөтө. Костя санаатыгар Оокко барытын өйдүүр, арай, тыла эрэ суох. Эрдэттэн анаммыт уонна ааттаабыт киһи быһыытынан Костя «Мин ньирэйим!» диир толору бырааптаах.

Агрофирматтан ылан аан бастаан ынахтаммыт буоланнар, Маҥаачыктара төрүүрүн өр да кэтэспиттэрэ. Онтон дьэ, биирдэ маамалара түүнү быһа утуйбатаҕа, дьиэттэн хотоҥҥо, хотонтон дьиэҕэ сыбыытаабыта. Онон туһанан оҕолор эмиэ утуйбакка, түүннэри оонньоору тэринэн, мөҕүллүбүттэрэ. Костик: «Ньирэй диэн кыра ынах. Муостааҕа буолуо дуо? Хантан кэлэрэ буолуой? Мааматын иһиттэн хайдах тахсарый?», – диэн саныы сытан, утуйан хаалбыта.
Сарсыарда уһуктаат, бастакы санаата: «Ньирэйим!». – диэн этэ.

— Маама, маамаа-а, Маҥаачык төрөөбүтэ дуо?
— Төрөөн, төрөөн. Чэ, тур. Таҥын. Аһаан баран тахсан көрөөр, – диэбитэ уутун хамматах маамата. Костик кыл-мүччү таҥна охсоот, остуолга чугаһыы да соруммакка, таһырдьа элэс гыммыта. Кэнниттэн хаһыы эрэ иһиллэн хаалбыта.
Саас этэ. Сып-сырдык чаҕылхай күнтэн киһи хараҕа саатара. Муус-маҥан сыа хаар сымнаан, тилэххэ сыстар буолбут этэ. Кырыыһалартан дьэҥкир муус чопчулар куоталаспыт курдук номнуо таҥнары чоккураспыттар. Күн сардаҥатын тутан ылан, күөх халлааны күөннэригэр тэйитэн, муус чопчулар саас кэлбититтэн үөрэн-көтөн, кылыгыраччы күлсэр курдуктара. Салгын сыта, эчи, минньигэһин! Маннык үчүгэйгэ, ама, дьиэҕэ хаайтаран олоруоҥ дуо!
Ыбыс-ыарахан ааны хара сорунан аһан, биирдэ им-балайга баар буола түспүтэ. Хотон ньиксик сыта саба биэрбитэ. Суох, Костик куттаммат. Бүтүн биэс саастаах киһи хараҥаттан куттана сылдьыа дуо? Ханна эрэ тыастаахтык ынах тыынара, муннукка туох эрэ маҥхайара. Уол илиитин иннин диэки ууммутунан, мааматын улахан холуоһатын ханаабаҕа хаалларан кэбиһэ сыһа-сыһа, ол диэки барбыта.

Уп-улахан харахтаах маҥан ньирэй ырыган атахтарыгар үктэнэн салҕалыы турара. Сииктээх муннунан түбэһиэх үҥүлүйэн баран, уйуттуммакка умса баран түспүтэ. Уолчаан кыракый сүрэҕин дьикти иэйии хам туппута, бэйэтиттэн мөлтөҕү, нарыны аһыныах, көмүскэһиэх санаа бэйэтигэр да биллибэтинэн аан бастаан кинини толорбута…
Онтон ыла Оокко – Костик гиэнэ. Аатын булуу уустуга суох этэ: «Мин киһим Оокко курдук бухатыыр буолуо!». «Мин киһим…». Оттон түөртээх балта Катюшка гиэнэ – былырыын төрөөбүт Хаарчаана. Кини диэн убайыгар эрэ көҕүһэн баайданар-дуолланар буолуохтаах. Оҕолор ньирэйдэрин олус таптыыллар, килиэбинэн хатаҕалыы, имэрийэ-томоруйа сылдьаллар, сырсыакалаһа оонньууллар.

* * *

Бу билигин Ооккото соҕотоҕун тымныыга баайыллан турар. «Маамалаахха этиэххэ!» диэн санаа күлүмнээтин кытта, дьиэтин диэки сүүрдэ.
— Бу уол эмиэ төбө сыгынньах сүүрэ сылдьар! – маамата мөҕө көрүстэ.
— Маа, ити тоҕо Ооккону соҕотохтуу баайдыгыт? Тоҥуо дии. Паапа умнан кэбиспит дуо?
— Умнан, умнан. Һыллыый, билигин эһиги эбээлээххэ оонньуу бараарыҥ, сөп дуо?
— Оттон уруокпун хаһан ааҕабын?
— Киэһэ, киэһэ, кэлэн баран, – маамата туохтан эрэ хомойбут көрүҥнээх, туора көрөн олорор. Костик тугу эрэ ыйытыах курдук гынан иһэн, аралдьыйан хаалла.

Онтон балтын кытта эбээлээхтэригэр бардылар. Эбээ минньигэс алаадьытын соһо сылдьан сиэн-аһаан, тастыҥ бырааттара Андрейканы кытта оонньоон-көрүлээн, күнү билбэккэ аһардылар. Хараҥарыыта убаай Миисэ дьиэлэригэр илдьэттээн биэрдэ.
Арай, киирбиттэрэ, дьиэлэрэ ип-итии гына оттуллубут, оһоххо күөс буһан будулуйа турар. Буспут эт минньигэс сыта дьиэ иһин толорбут. Хаҥас диэки салапааҥҥа сууйуллубут ынах иһэ тэлгэммит. Маамалара остуолга хаан кута турар.

— Хайа, һыллыыйдар, кэллигит дуо? Чэ сыгынньахтаныҥ. Убаай Миисэ аҕалла дуо? Эбээ тугу гына олорор?
— Эбээ буолльаҕына, иистэнэй. Андйейкаҕа этэйбэс тигэй. Онтон миэхэ тигиэх буолльаа, – Катюшка чаҕаарар. Кэм да киһиргии оҕустаҕа.
— Маамуо, бу хантан бачча элбэх эт уонна хаан ыллыгыт? Хонооһойдоох бэристилэр дуо? – диэн Костик оһох диэки баран, өрө сыҥа-сыҥа ыйытта.
— Чэ-чэ, бу да оҕону доҕор! Онон-манан кииримэ-тахсыма, бу киһи солото суоҕар. Бар, уруоккун аах!
Костик өс-киирбэх баран остуолга кумааҕыларын тэлгэтэн, уруогун ааҕан барда. Катюшка саалаҕа киирэн, оонньуур муннукка куукулаларын мөҕөттөөн, эмиэ да ымманыйан, оонньоон айдаарда.

Костик уруок ааҕар: «УУС. САА. МАС. ААС. СУУ. УУ. УУС СААТА….». Букубаарын син ааҕан бүтэрдэ. Онтон ахсааныгар киирдэ. «Үскэ эбэбит иккини…». Хаастарын түрдэһиннэрэн олорон, уруучукатын кирэ-кирэ, аҥар илиитин саратан, суоттуур. «Биэс. Биэстэн биири көҕүрэтэбит… Үс. Венера Ивановна хайаан да бэйэҕит суоттаарыҥ диэбитэ ээ. Иккигэ эбэбит түөрдү… Аа, аҕыс буолар эбит. Хата, бүгүн хаан сиэхпиит…».
Хантан эрэ паапалара кэллэ.

«Эн тоҕо илиигин сууммакка аһыыгын? Маама итинник диэн үөрэтэй дуо? Ээ? Ыл, тоҕо, тоҕо!.. Айакуу! Ыый-ыый… Чэ. Итиэннэ билэр буолаай, сөп дуо? Сөп-сөп. Маама, аны хаһан да гыныам суоҕа! Ыы, оҕом барахсан, чэ, маладьыас…» – нөҥүө хостон Катюшка саҥата айманар.
Костик үөһэ тыынар уонна эмиэ тэтэрээтигэр бүк түһэр. «Алтаттан көҕүрэтэбит үһү. Буолар… буолар – үс. Биэскэ эбэбит үһү… Уу, тоҕо ыараханай!».

— Катюшка, калькуляторбын ханна гынныҥ? Манна сыппыта дии, булан биэр!
— Олох да мин ылбатаҕым! Остуолга сыппыта дии! – Катюшка эппиэтэ бэлэм.

Остуолга ыһыллыбыт кумааҕылар түөрэ хаһыллаллар. Киэҥ айдаан тардыллар. Тиһэҕэр, дьыбаан анныттан булуллан, куоскаларын оҕото балыллар. Костик уон таһынан эбэри билбэт буоллаҕына, калькуляторынан хайдах туттары баҕас сатыыр, көмпүүтэринэн оонньууга кылааһын оҕолорун ырааҕынан хааллартыыр.

Паапалара кэлэн, саалаҕа тэлэбиисэр холбоото. Уолчаан кыһаллан суоттуу сатыыр да, төбөтүгэр барыта бутуллан, аралдьыйан хаалар. «И нежная бархатная пена… Камей-натюрель… и идеальная поверхность Лок-эвэй… Чэ байы көнөтүк туттан олойдубут эрэ! Билигин уйуокпутун саҕалыыбыт… Ментос – свежее решение! Мэниктээмэҥ! Оҕолоой, мин тугу эйэ кэпсиэм… Тайд – чистота, чисто – Тайд…».
Барыта буккуллар. Тиһэҕэр Костик сылайар, ситэри суоттаабакка, оскуола аһан ньиргийэн олорор балтыгар оонньуу барар. Биирдэстэрэ учуутал, биирдэстэрэ дириэктэр буолан бэркэ оонньоотулар. Онтон сасыһа оонньоон иһирдьэнэн-таһырдьанан сырсыакалаһан маамаларыттан мөҕүлүннүлэр.

Костик күүлэҕэ тоҥ отон ыла таҕыста. Отоҥҥо сүөгэй, күөрчэх кутан баран, «мороженай» дии-дии балтынаан сөбүлээн сиэччилэр. Күүлэ муннугар туох эрэ үрүҥ сытарын көрөн аһарда. Бастаан кыһаммата, онтон дьиктиргээн, өҥөйөн көрөн баран, отоннооҕун эрэ, туохтааҕын эрэ барытын умнан, дьиэҕэ сүүрэн киирдэ. Күөһүн хоторо турар мааматын иннигэр тиийэн хорус гынна.

— Тыый, бу туох буоллуҥ, нохоо? Таһырдьа мээнэ сыгынньах тахсыма диэн эппэтэҕим дуо?
Туох эрэ кытаанах кэлэн күөмэйигэр турарга дылы гынна, ону ыйыста сатыы туран. хараҕын уута сарт түстэ.

— Маама… Ооккону… эһиги дуо? Итиннэ… дуо?!!
— Һыллыый, бээ, тохтоо. Хайдах…
— Эһиги… Өлөрбүттэр, биллэр баҕайы! Маама иҥсэлээх баҕайы!.. Иҥсэлээхтэр!.. Сиэҥ! Сиэҥ бэйэҕит!.. – уол сарылыы-сарылыы дабдыҥнаата, остуол кытыытыгар турар көстүрүүлэлээх күөһү тоҕо садьыйда. Иһит-хомуос мас муостаҕа сууллан лаҥкынааһына, оҕо сарылааһына – улахан айдаан буолла. Хостон сүүрэн тахсыбыт Катюшка убайын аһынан эмиэ ытаан барда. Тугун-ханныгын быһаарсыбатар да. Убайын үтүктэн: «Маама топпот!» – диэн хатылыы турда…

* * *

Элбэх сыллар ааһыахтара. Ол эрэн, бу күн оҕолор өйдөрүгэр-санааларыгар хаһан да сүппэттик хатанан хаалыаҕа. Оҕо уйан дууһатын биир кэбирэх быата быһа баран, олоххо биир бастакы охсууну көрүстэҕэ. Ытаа, Костик, ытаа – уһуун-уһун олоххор бииртэн биир, улахан да, кыра да охсуулар баар буолуохтара. Ким билиэй, баҕар, кииллийэн, охсууттан охсууга кытаатан, киһи бэрдэ буолуоҥ. Ол эрэн, ити быһа барбыт быа эн дууһаҕар ханнык үтүө өрүттэргин симэлиппитэ биллибэт эбээт.

… Оттон улахан дьон ситэри үчүгэйдик өйдөөбөккө, соһуйан, өмүттэн, даллаһан турдулар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2