Маалыкайга — сайыҥҥы уу ситимэ киириэҕэ

29.12.2019
Бөлөххө киир:

Ньурба улууһун Маалыкайа биир саамай кытыы эрээри, улахан нэһилиэктэр ахсааннарыгар киирэр. Манна 2007 киһи олорор. Олохтоохтор сайыҥҥы уу ситимин тардарга, итиэннэ таҥас сууйар, ыраастыыр сири арыйарга бырайыактарын көмүскээтилэр. Улуус дьаһалтата куонкурус түмүгүнэн 2 мөлүйүөн солкуобайы икки бырайыакка көрдө. 

edersaas.ru

Леонид Ушканов, Маалыкай нэһилиэгин баһылыга: «Сайыҥҥы уу ситимин тардарга СӨ Үбүн министиэристибэтэ ППМИ (олохтоохтор тугу туруорсалларын өйүүр бырагыраама күрэҕэр) кыттан, икки сыл анараа өттүгэр биир мөлүйүөн солкуобайы биэрбиттэрэ. Онон 1,8 мөлүйүөн солкуобайга уу тоҥноҕуна хайа барбат аныгы технологиянан оҥоһуллубут 8 км уһуннаах турба атыыласпыппыт. Быйыл иккиттэн тахса км турбаны киллэрдибит, эһиил сүүсчэкэ дьиэни хабан, бырайыакпытын салҕыахпыт. Сайыҥҥы уу ситимин тардарга «Строй Лидер» диэн тэрилтэлээх Владимир Матвеев үлэлэһэр», — диэн этэр.

Таҥаһы сууйар уонна ыраастыыр сир (химчистка) бу Саҥа дьыл иннинэ эрэ аһылынна. Манна тэрилтэлэр, балыыһалар, уһуйааннар таҥас сууйтарыахтара, нэһилиэнньэттэн эмиэ сакаас ылыахтара.

Маалыкайга 481 дьиэ баарыттан 69-һа уотунан барар ититиигэ, 33-һэ киин ситимҥэ холбонон олорор. Быйыл икки улахан хочуолунай үлэҕэ киирдэ. Мантан биирэ итии ууну эрэ буолбакка, тымныы ууну эмиэ биэриэн сөп.

Билигин тыа сиригэр үксэ кырдьаҕастар хааллылар, бу диэки гаас киирэ илик буолан, үгүстэр оһох оттон олороллор. Ыарахан үлэни кыайбат буолбут дьон дьиэҕэ киин ититии, бэлэм уу киирэрин туохтааҕар да күүтэллэр.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0