Маай бырааһынньыктарыгар хас күн өрүүбүт?

Бөлөххө киир:
Муус устар 27 күнүгэр Саха сиригэр Өрөспүүбүлүкэ күнэ бэлиэтэнэр. Онон  бу күн судаарыстыбаннай тэрилтэлэргэ итиэннэ былаас уорганнарын үлэһиттэригэр өрөбүл күнүнэн биллэрилиннэ. Бу туһунан Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрдэ. 

Оттон Маай бырааһынньыктарыгар хас күн  өрүүбүт?  Туһааннаах министиэристибэ ыам ыйын 1 күнэ субуотаҕа түбэһэринэн, ыам ыйын 3 күнүгэр эмиэ өрүүбүт диэн иһитиннэрдэ. Инньэ гынан Пиэрибэй маай бырааһынньыгар ыам ыйын 1, 2, 3 күннэригэр сынньанабыт.

Кыайыы күнэ өрөбүлгэ түбэһэринэн, өрөбүл күн  ыам ыйын 10 күнүгэр көһөрүллэн, ыам ыйын 8, 9 ,10 күннэригэр өрүүбүт.

edersaas.ru

Хаартыска: http://ria.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0