Маһы үүннэрэр өссө биир саҥа питомник аһыллыаҕа

Бөлөххө киир:

“Саха сирэ” урутаан сайдар сиргэ маһы үүннэрэр өссө биир саҥа питомнигы арыйыахтара. Бу питомник Саха сиригэр үһүс буолуоҕа. Бу туһунан Ил Дархан социальнай ситимнэргэ быһа эпиирин кэмигэр иһитиннэрбитэ.

Санатан эттэххэ, билигин маһы үүннэрэр анал сирдэр Өлүөхүмэ уонна Нам улуустарыгар тэриллэн тураллар. Былырыыҥҥыттан саҕалаан айылҕа баайын туһаҕа таһаара олорор улахан хампаанньалар маһы бэйэлэригэр олордор питомниктары тэрийэн, ойууру чөлүгэр түһэриигэ эмиэ ылсыбыттара. Билиҥҥи туругунан, 4,2 тыһыынча гектар сиргэ мас олордуллар турар.

Айылҕа бэйэтин ыраастанар, чөлүгэр түһэринэр диибит эрээри, билигин, ордук улахан ойуур баһаара барбытын кэнниттэн, оннук диэн өттүк баттанан олорорбут сыыһа. Аныгы үйэ сиэринэн айылҕаҕа сыһыан атын буолуохтаах. Онон маһы үүннэрэр анал сирдэрбитин өссө хаҥатан, ойуурдарбытын чөлүгэр түһэрэн иһиэхпитин наада. Билигин “Саха сирэ” урутаан сайдар сирбитигэр өссө биир улахан питомник тэрийэр санаалаахпыт, — диэн иһитннэрэр Ил Дархан.

 Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0