УОРДААХ (ҮҺҮЙЭЭН САЛГЫЫТА)

Ааптар: 
29.04.2018
Бөлөххө киир:
— Түөкүттэр даа?! Сэмэн, түргэтээ! — уутуттан дьэҥкэрэ быһыытыйан Арамаан көмөлөһөөччүтүн тиэтэттэ, этэрбэстэрин анньына охсоот, көхөттөн хаҕыдаҕын кэттэ, кэнники кэмҥэ онно-манна атыыһыттары халыыр буолбуттарын истэн «тыын манабыла» оҥостоору булуммут, илдьэ сылдьарга табыгастаах, дьоҕус быһыылаах «амарыкааныскай минчиэстэрин» аан таһыттан хаба тардан ылаат, халҕаны тиэрэ анньан таһырдьа ойдо, кэнниттэн дьоно бөтүөккэлэстилэр.
— Түөкүттэр, тохтооҥ!!! Ытыалаан кэбиһиэм!!! — модьу киһитэ хааһаҕы көтөхпүт, хатыҥыра бэрэмэдэйи сүкпүт түөкүттэр, сыарҕалар турар сирдэрин ааһан, күрүө ааныгар чугаһаан эрэллэрэ, Арамаан тохтуу биэрэн үрдүлэринэн ытта. — Билигин бэйэҕитин ытыам!!!
Буулдьа чуһууран ааспытыгар хатыҥыр киһи, сүһүөхтэрэ салҕалаан, умса баран түстэ. Модьу киһи тохтоото, хааһаҕын сиргэ быраҕан «күс!» гыннарда.
Иччитэ тахсыбытыттан эбии  эрдийбит Бөкүнүк күүскэ-күүскэ түһүөлээтэ, уһун кэмҥэ сыарҕаҕа аалыллан кэбирээбит быата тулуйбакка быһа барда, ону кытта үргүлдьү, түүрүллэ-түүрүллэ, ойон тиийэн, модьу киһи такымар иилиллэ түстэ.
Модьу киһи атаҕын илгиэлэннэ.
— Сыакаар! Иччилэриҥ суоҕа буоллар, төбөҕүн хатарыам этэ! Чот! Киэр буол! — кыбдьырына-кыбдьырына, тииһин быыһынан сыыйан саҥарда.
Хатыҥыр киһи умса түһэн, төбөтүн икки илиитинэн саба туттан, сүһүөҕэ суоҕунан тугу эрэ саҥаран бөллүргүү сытта. Арамаан хатыҥыр киһи күнүс кэлэ сылдьыбыт, эргэ саһыл тыһа бэргэһэлээх киһи буоларын биллэ. Сэмэн, арахсыбакка иилистэ сылдьар Бөкүнүгү быатыттан соһон ылан араарда. Оттон Өлөксөй модьу киһини одууласта.
— Хайа, бу Уллуҥах Уоһук эбиккин дуу?! Бодойбоҕо сылдьар үһү диэбиттэрэ, отой да манна баар эбиккин дуу? Оччоҕо, ааспыт халааһыннар эмиэ эһиги оҥоһуугут эбит дии, «атын Уллуҥах көстүбүт дуу?» диэбиттэрэ, — ити кэннэ Өлөксөй сиргэ сытар киһиэхэ тиийэн, атаҕын тумсунан көп сириттэн анньыалаата. — Сыраан! Аһары сыраан буолбатаххын быһыылаах, маннык киһийдэхтэри кытта булсубут буоллаххына. Тур! Сытыаҥ дуо! Тимирэр кыаҕыҥ суох, сир кытаанах!
— Баардаах, аһары үөхсүмэ эрэ! — Уллуҥах тииһин быыһынан сыыйбыта.
— Көр да маны! «Үтүө киһибин» дэнэн тураҕын дуо?! — Өлөксөй Уллуҥахха ынан кэлбитэ. — Түөкүн! Киһи да буолбатаххын!
Туппут дьонун балаҕаҥҥа киллэрэн, көхсүлэринэн сыһыары олордуталаан баран, бэйэ-бэйэлэригэр холбуу чороччу кэлгийэн кэбиспиттэрэ.
Уллуҥах Уоһук бастаан:
— Мин хайдахпын билбэккит дуо? Эргиллэн кэллэхпинэ бэйэҕититтэн буолбатаҕына, бэдэргититтэн иэстэһиэм! Ыыттаххытына хайыам да суоҕа, өссө кэлэ-бара ону-маны бэрсэн көмөлөһүөм, — диэн куттуу, саана сатаата.
Бүтэһигэр Арамааны ааттаста:
— Атыыһыт киһи, иллэһиэх! Бииргэ сылдьар курдук тэриниэх, мин бу идэбинэн дьарыгырыам, булбуппун эн эргиниэҥ, бэрт сотору байыахпыт-тайыахпыт, эн илииҥ онно киртийбэт. Чэ, босхолоо. Доҕордуу-атастыы буолуох…
Араастаан бары киирэ сатаата да, туһа тахсыбата.
Арамаан кэнники Өлөксөйтөн истибитинэн, Уллуҥах Уоһук, Сырааннаахха хотонноох балаҕан силбэһэр эркиннэригэр орон турарын курдук хос эркиннээн тутуллубут саһар сир оҥороннор, сир тоҥуоҕуттан кэлэн сыппыт.
— Дьэ, уонна «Бодойбоҕо сылдьар үһү» диэн сымыйа сурах тарҕаппыттар. Быйыл кыһын хас да ыал ампаарын халаатылар, ол барыта кинилэр оҥоһуулара буолан тахсар. Улахан атах суола баарын иһин «атын Уллуҥах көстүбүт» дэспиттэрэ, атын буолбатах эбит. Сырааныҥ буоллаҕына ыалы кэрийэ сылдьан барыны бары чуҥнуу, ханна туох баарын үөрэтэ, билэ сылдьан, оннооҕор ыттары кытта бодоруһан бэйэтигэр чугаһатар эбит. Ол кэннэ дьэ кэлэн халыыллар. Ити Уллуҥах Уоһугуҥ улахан күүстээх киһи. Күлүүһү көрөн бэйэҥ сөхпүтүҥ дии. Аны атаҕын көрдөрбүппүн өйдүүр инигин? Итинник улахан суоллаах кини эрэ, ол иһин Уллуҥах диэн хос ааттаабыттар. Хата эн Бөкүнүгүҥ баар буолан малгыттан маппатыҥ, итинтиҥ харса суох буолууһу, Уллуҥаҕы тардыалаабытын санаан кээһиий, һэ-һэ-һэ, — Өлөксөй ыт оҕотун хайҕаан күлбүтэ.
* * *
Арамаан кэпсээнин Киргиэлэйдээх бары түмсэн, сэҥээрэн истибиттэрэ, ордук Бүлүүгэ түбэспит түбэлтэлэрэ барыларын сэҥээрдибитэ, долгуппута. «Ороспуойдар, түөкүттэр
сэрэхтэммиттэр!» диэн Арамаан туһугар араас санаа кииртэлээбитэ. Бөкүнүк харса суох быһыыта, Уллуҥаҕы илгиэлээһинэ күргүөмнээх күлүүнэн түмүктэммитэ.
Ити түбэлтэ Бөкүнүгү саҥа иччилэрин хараҕар сүөм үрдэппитэ, ураты истиҥ сыһыаны олохтообута. Киргиэлэй ытын оҕотугар ампаар иннигэр уйа оҥорон биэрбитэ.
— Мантан инньэ бу эн бас билэр уйаҥ буолар. Манна сытар итэҕэлгэ билиҥҥитэ биир да ыт тиксэ илик, онон харыстаа, кимиэхэ да биэримэ! — диэбитэ.
Биирдэһэ, бодоруһа илик киһитигэр ньылаҥ көппөккө, сэрэх соҕустук туттубута, ол эрээри этиллибит тыллар киниэхэ анаммыттарын өйдөөбүтэ.
Бөкүнүк үгэһинэн иччитийиэр диэри тоҥкуруун майгытын тута сылдьыбыта. Хонуктар ааһан истэхтэрин аайы, иччилэригэр сыһыана сымнаан барбыта.
Анарааҥҥылар, ыал ийэтиттэн саҕалаан, бары: «Бөкүнүк! Бөкүнү-үк!» — диэн таптаан атаахтатар буолбуттара.
Киргиэлэй ону сөбүлээбэтэҕэ:
— Булчут буолар ыты итинник иитиллибэт, дуоспуруннаахтык сыһыаннаһыахха, сөптөөҕү оҥордоҕуна хайҕыахха сөп, эккэлэс гына иитиллибэт! — диэн мас-таас курдук буойбута.
Төһө да буойуу баарын үрдүнэн, кыра уол Боотуй дьоно көрбөттөрүгэр кууһан олорон таптыыра.
Бөкүнүк диэн ааты Киргиэлэй: «Улахан булка сылдьар ыт итинник ааттаныа суохтаах, тэлгэһэ эрэ ыта итинник атаахтатар ааттаах…», — диэн эмиэ сөбүлээбэтэҕэ. Кини «Аат даҕаны аналыгар сөп түбэһэр буолуохтаах» дии саныыра.
Ыт оҕото күннэтэ эбиллэн, борбуйун көтөҕөн, майгыта-сигилитэ биллэн барбыта. Киргиэлэй ытын майгытыттан көрөн, Уордаах диэн саҥа аат биэрбитэ. Ыта бастаан саҥа аатыгар үөрэммэккэ эрэйи көрбүтэ, ыҥырдахтарына тула өттүн көрүнэрэ, «тоҕо мин диэки көрөн туран атыны ыҥыраҕын?» диэбиттии утары көрөрө. Сотору кэминэн аатыгар үөрэнэн, босхо ыытыллан, оҕо оҕо курдук мэниктээн күнүн барыыра. Бэйэтин тэҥнээх ыта суоҕа, оттон улахан ыттар, аһын былдьыыр буолан, бары кыр өстөөххө кубулуйбуттара. Аһылыгын «үчүгэйинэн» биэрбэккэ охсуһуталаан хадьарыйтаран, быһыта тутуллан хаалара.
Кыһын ааһан саас кэлбитэ, хаар ууллан хара сир тахсыбыта. Уордаах ыыра арыый кэҥээбитэ. Күөл кытыытыгар киирэн тотуор диэри кутуйахтаан аһыыра, кураанах сири булан күн уотугар сыламныыра, утуйан ылара. Ол кэннэ ойуурга тахсан моҕотойу, тииҥи үрэрэ, сылайыар диэри куобах сырсара, кырынааһы, муҥуру, солоҥдону тута сатаан буор бөҕөнү хаспыта, сытыган сыгынах бөҕөтүн тырыта тыыппыта.
Биирдэ, алыс чугаһаан, солоҥдоҕо муннуттан ытыртарбыта, сарылаабытынан солоҥдолору баҕастары дүлүҥ иһигэр укпут муннун таһааран илгистибитэ. Анарааҥҥыта ыт муннун ыһыктан, сыыһа-халты харбатан, сир хайдыбытыгар дьылыс гыммыта. Уордаах, төһө да мунна ыарыйдар, ытыртарбыт абаккатыгар сол да тоҥ сытар буору хаһа сатаан сэниэтэ эстэн,
иччилэрэ сүтүктээн эрдэхтэринэ тылын былас таһааран киэһэ хойут кэлбитэ.
Сааһы сайын солбуйбута, ыһыахтар бүтэн, туһалыах айылаах дьон бука бары, оҕолуун-оҕонньордуун, дьахтардыын-эмээхсинниин, окко туруммуттара. Уордаах иччилэрин кытта алаастан алааһы кэрийсэрэ, дьарыга уларыйбатаҕа: кутуйахтыыра, ойууру кэрийэрэ.
Биир күн уолаттар эрдэ үлэлээн бүтэн, ыттарын ыҥыртаан уһун гына быалаталаан, дьээбэлэһэн-аймалаһан сиһи быһан улахан алааска киирбиттэрэ. Уордаах туохха быаланан баран иһэрин билбэтэ. Күөлгэ киирэн, уолаттар икки аҥыы, иккилии ыттаах хайдыһан, күөлү эргийэ ньалык уулаах оту кэһэн барбыттара.
— Һэ-һэ-һук-һук! — диэн ыттарын киксэрэллэрэ.
Уордаах ону өйдөөбөккө иччитин сирэйин көрөрө, мээнэ ыстаҥалыыра.
— Уордаах, һук-һук-һэк-һэк! — иччитэ киксэрэр, биирдэһэ бэйэтин кытта оонньоһон тула көтөр.
— Оо, дьэ, Уордаах, һэк-һэк! Ирдээ-ирдээ! — иччитэ от быыһын илиитинэн хаһыйар.
Итинник мучумааннана истэхтэринэ, инникилээн иһэр ыт атаҕын анныттан «мээт-мээт!» диэбитинэн көҕөн сүүрэн сарыкынайда. Үөрүйэх ыт барахсан иккитэ-үстэ ойон саба баттаата.
Уордаах дьэ чөрбөс гына түстэ, кус сыта муннун толордо, кини эмиэ тутуон баҕаран иннин диэки түһүннэ. Өтөр буолбата, иккис көҕөн мээтиргээбитинэн иннигэр көтүөхчэ өндөйдө. Туттуу-хаптыы кытаанаҕа буолла, дайан эрэр куһу кыл мүччү кутуругуттан хабан аллара баттаата. Куһа айдаан бөҕөтүн түһэрдэ. Уордаах инники атахтарынан баттыалыы сатаата да, сыыһыта баттаата, ытырбытын ыһыктыбат мөккүөрэ, мучумаан бөҕө буолла. Хата иччитэ кэлэн, куһу моонньуттан хабан ылла.
Уордаах сара куска сүрэхтэниитэ итинник саҕаланна. Күөллэрин эргийиэхтэригэр диэри элбэх куһу бултаатылар. Иннилэригэр-кэннилэригэр сүгэһэр бөҕө буолан уолаттар, сүргэлэрэ көтөҕүллэн, омуннаахтык өрүкүйэ кэпсэтэн алаастарыттан тахсан бардылар.
Дмитрий ПОНОМАРЕВ.
Уруһуй: интэриниэттэн
   Сэһэн «Кут уйбат алҕаһа» кинигэттэн ылылынна
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0