Маҥаныга ийэлэр олохторо көхтөөх

Ааптар: 
21.10.2018
Бөлөххө киир:

Горнай улууһун Маҥаны нэһилиэгэр  Үтүө дьулуур сылынан Ийэ күнүн чэрчитинэн айылҕаттан айдарыылаах, талааннаах ийэлэр бэйэлэрин интэриэстэринэн маастар-кылаастары ыыттылар.

edersaas.ru

«Кыбытык тигиигэ» (А.В. Николаева), «Күннээҕи дьууппа» (М.И. Степанова), «Баайыы» (А.И. Оленова) курдук көрүҥнэргэ маастар-кылаастары ыыттылар.

Нэһилиэкпит кэрэ аҥаардара олус туһалаах сүбэни ылан, тиктэн, тигэн көрөн үөрүүлэрэ улахан.

Ол кэнниттэн сарсыныгар балыыһабытыгар «Чэгиэн-чэбдик доруобуйалаах дьахтар» аһаҕас аан күнэ биллэриллибитэ. Манна дьахталлар доруобуйаларын бэрэбиэркэлэттилэр.
Киэһэ кулууппутугар  «Сардаана», «Күбэйэ», «Алаһа», «Нарыйаана» түмсүүлэр араас истиилинэн таҥнан, бырааһынньыктааҕы «Бары бииргэ, кыргыттар!» диэн дьоро киэһэҕэ муһуннубут.  Нэһилиэк бастыҥ ийэлэрэ Е.М. Степанова, М.С. Ионова, И.Н. Павлова Махтал суруктары туттулар.

Күн күбэй ийэлэргэ анаммыт бырааһынньык хас да күн ыытыллан, «Оҕо ийэтинээн» диэн үгэс буолбут ийэлэр оҕолорунаан кыттар эҕэрдэ кэнсиэртэринэн түмүктэннэ.

Киһи күннээҕи олоҕун бырааһынньыгынан бэйэтэ киэргэтэр, тэрээһини дириҥ ис хоһооннуур.

Ити курдук, нэһилиэкпит ийэлэрэ барахсаттар араас ырыалары ыллаан, бэйэ-бэйэлэрин эҕэрдэлэһэн, караокелаан, көрдөөх оонньуулары оонньоон, күннээҕи дьиэ түбүгүттэн сынньанан, үөрэн-көтөн тарҕастылар.

Анастасия МАКСИМОВА,

Горнай улууһа,

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0