Федябыттан арахсар санаам букатын суоҕа. Биир күн дьонугар илтэ. Ийэлээх аҕата, икки балта уонна быраата миигин олус истиҥник көрсүбүттэрэ. Сотору сыбаайбалыах буолан араҕыстыбыт. Ити сарсыҥҥы күнүгэр тетя Софаттан эмиэ телеграмма туттум. «Клим кэлбэтэ, ийэҥ бу күннэргэ быстар туруктанна» диэн. Киэһэ Федя кэлбитигэр ытыы-ытыы ону көрдөрдүм. «Хайыаххыный, барар буоллаҕыҥ дии» диэн буолла. Мин ыксалынан айаннаатым. Ол эрээри ийэбин баттаспатым. Онно ый курдук буолаары Сахам сирин, доҕорбун ахтан аҥаарым эрэ хаалла. Дойдум хайдах эрэ атын, хаҕыс баҕайы курдук буолан хаалбыт. Онно хаалар да санаам суоҕа, онон төттөрү айаннаатым.
Дьокуускайга кэлбитим, ким да миигин көрсүбэтэ. Дьиктиргии-дьиктиргии почтабар тиийдим. Арай, бииргэ үлэлиир дьонум миигиттэн тугу эрэ кистиирдии кирик- хорук тутталлар. Тулуйа сатаан баран «туох буолла?» диэн ыйыттым. Начаалынньыгым Егор Саввич санныбыттан ылан олоппоско олорто уонна: «Нэдиэлэ анараа өттүгэр Федяҕын күлүгээттэр уулуссаҕа өлөрбүттэрэ…» — диэтэ. Мин истибиппин итэҕэйбэккэ ойон турдум да, Федя дьонугар тэбинним. Тиийбитим дьиэ барыта хара таҥаһынан сабыллан турар. Ийэбит арыычча хаама сылдьар. Быраата Петя тахсан: «Эйигиттэн телеграмма күүтэрэ, эмиэ ол сиэринэн киэһэ хойут почтаҕа баран иһэн түбэспит…» — диэн курутуйа-курутуйа кэпсээтэ. Мин таһырдьа ыстанным. Ханна хаамарбын бэйэм да билбэппин, арай биирдэ өйдөммүтүм, таҥара дьиэтин иннигэр сытар эбиппин. Ханнык эрэ эмээхситтэр көтөҕөн киллэрэн, хас эмэ күнү быһа биэбэйдэһэн арыый бэттэх аҕалбыттара. Онтон оччолорго собус-соботох баачыка бэйэтигэр сыһыаран баччаҕа кэлиэххэ тыыннаах сырыттаҕым. Дойдубар төннүөхпүн, Федям эрэйдээх уҥуоҕун ким харайыай?» — эмээхсин хараҕа ууланан ылар.
Арай хаар кыһалҕата суох кыыдамныыр. Ханна эрэ үөһэ тыалтан хамсыыр боруобат «Марисель, Марисель…» диэн ыллыырга дылы.
— Ычча! Тетя Маня, тоҥноҕуҥ буолуо, дьиэҕэр киирэ оҕус…
Эмээхсин түөрэҥнээн туран эргэ калиткатын арыйан киирдэ уонна идэтинэн иһиттэн хатаан халыгыратта. Мин дьиэбэр дьылыс гынным.
Уларыта тутуу куоракка соһуччу кэлбитэ.
Сойуус сууллуутун биһиги маҕаһыыннарбыт бары суйдаммыттарыттан билбиппит. Ас-таҥас кырыымчык буолан, устудьуоннар аччыктыырбыт элбээтэ. Дьиҥэр, дьоммут аһы хото ыыталлара эрээри, ким дьиэтэ суох, ким харчыта бүппүт, араас кыһалҕалаах биһиги ааммытын саппаттар. Ол дьоммут сүгүн да сылдьыбаттар, ардыгар айдаараллар, онон уулуссабыт кыраһаабыссата, утары ыалбыт бэрэдэбиэс Валя сотору-сотору үҥсэргии киирэр буолла. Олус иэдэйээри гыннахпытына, иним Бүөккэ дойдутуттан тахсан куобах тиэйэн киллэрэн, «Строитель» маҕаһыын иннигэр туран атыылаан харчыланабыт. Ону бастакы сонун тылынан «бизнесмен» диэн сүрэхтээтибит уонна киирбит киһиэхэ барытыгар киэн тутта кэпсиибит. Киһибит онтон санаата кэллэҕэ буолуо, аны тоҥ отонунан эргиннэ, онон хоргуйууттан ыалларбытын кытта быыһыыр кыахха киириэх курдук гынныбыт.
Куорсуннаах
Салгыытын “Маҕан переулога. Чүөчэ Маня” новеллаҕа аах.
Бу айымньы ааптара Елена Слепцова — Куорсуннаах айымньытын «Түҥкэтэх ырай» кинигэтигэр булан ааҕыахха сөп.
Кинигэҕэ талааннаах суруйааччы Куорсуннаах “Маҕан переулога. Чүөчэ Маня”, «Сайсары. Күөрэгэй уонна Бээгэй», «17-с кыбаартал уонна Мальборо», «Дзержинскэй уулуссата. Таҥара кийиитэ», «Тихонов уулуссата. Жорик», «Центральнай уокурук. Дьикти киһи» новеллалар киирдилэр.