“Мүнүүтэҕэ ааҕыы оруолу оонньообот”

Ааптар: 
31.05.2022
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат 17-с нүөмэрдээх оскуолатын алын кылааһын үрдүк категориялаах учуутала, Саха АССР 100 сылынан сибээстээн ыытыллыбыт “100 чулуу учуутал” куонкурус кыайыылааҕа Марина Олесовалыын оҕону оскуолаҕа киирэргэ бэлэмнээһин тула кэпсэтиибитин бэчээттиибит.

edersaas.ru

 

Түөрт өрүттэн тутулуктаах

– Марина Михайловна, билигин, аны күһүн бастакы кылааска киирэр оҕолордоох төрөппүттэр саамай долгуйар кэмнэрэ. Тугу, хайдах, хаһан бэлэмнэниэххэ сөбүй?

– Быйыл маҥнайгы кылаастар, үһүс көлүөнэ үөрэх федеральнай судаарыстыбаннай ыстандаарта киирэр сылыгар оскуолаҕа бараллар. Оҕо оскуолаҕа барар буоллаҕына, дьиэ кэргэн барыта урукку олоҕун оҥкулун уларытара ирдэнэр. Оскуолаҕа кыһалҕата суох адаптацияны ааһарыгар төрөппүт усулуобуйа оҥоруохтаах. Адаптацияны ааһарга кэккэ ыарахаттары көрсөр оҕолор бааллар.

Оскуола боруогун атыллыыр оҕо бэлэмэ түөрт өрүттэн тутулуктаах: социальнай, уйулҕа, өй-санаа, эт-хаан сайдыыта.

Төрөппүттэр оҕобут оскуолаҕа киирэр диэн кэлтэйдии өй-санаа эрэ өттүн сайыннарарга талаһаллар. Киэҥ билиилээх, энциклопедия арааһын аахпыт оҕолор кэлэллэр эрээри, хомойуох иһин, оскуолаҕа киирэн баран үгүс ыарахаттары көрсөллөр. Оҕом олус элбэҕи билэр, өйдөөх, оскуолаҕа ааҕан киирбитэ уонна тоҕо ыарырҕатарый диэн соһуйаллар. Оҕо интеллектуальнай таһыма төһө да үрдүгүн иһин, атын өрүттэрэ хаалсыа суохтаахтар. Барыта биир ситим курдук сайдыбыт эрэ буоллаҕына, оскуолаҕа ситиһии­лээхтик үөрэнэр.

Кылгастык чопчулаан бэлиэтээтэххэ, оҕо, бастатан туран, саастыылаахтарын, учууталы кытта сатаан алтыһар, иннин көрүнэр буолуохтаах. Билигин элбэх эдэр ыал биир оҕолоох, аны күнү быһа үлэттэн ордубаттар. Күнү күннүктээн соҕотоҕун дьиэтигэр олорор оҕо олус элбэх. Инньэ гынан, дьону кытта алтыһыыга ыарахаттары көрсөллөр. Оҕо бэйэтин иннин көрүнүөхтээх, ыйытыы биэриэхтээх, туох эрэ сатамматаҕына көмө көрдүүрү сатыахтаах. Атын оҕолору кытта оонньоору даҕаны оскуолаҕа барар баҕата күүһүрүөхтээх. Оттон кыайан алтыспат түгэнигэр оскуолаҕа барыан баҕарбат да буолуон сөп, бу биллэн турар, кыра киһиэхэ уустук. Онон, социальнай өттүнэн бэлэм буолуу оскуолаҕа киирэр оҕо саамай сүрүн өрүтүнэн буолар дии саныыбын.

Аны уйулҕа өттүнэн төһө бэлэмин ылан көрүөххэ. Оҕо саҥарар саҥата, толкуйа, өйгө тутар дьоҕура барыта 7 сааһыгар сөп түбэһэр таһымнаахтык сайдыбыт буолуохтаах. Уһуйаан бырагырааматын ааспыт оҕо маны кыайар. Ону таһынан, оҕотугар кыһаллар төрөппүт көмөлөһөн, эбии дьарыктаан, өйөбүл буолуохтаах. Биһиги олус үчүгэй кэмҥэ олоробут – информация элбэх, атыыга араас оонньуур, кинигэ дэлэй, хайдах баҕарар оҕону сайыннарыахха сөп. Төрөппүт хайаан даҕаны бириэмэ анаан оҕотун сайыннарыахтаах. Оҕо бэйэтин сөпкө сыаналанарыгар олугу эмиэ төрөппүт уурар, кэмигэр, тоҕоостоох түгэнигэр хайҕыах­таах. Элбэхтик мөҕүллэр кырачаан киһи бэйэтин намыһахтык сананыан сөп, оннук оҕону кытта үлэлииргэ учуутал ыарахаттары көрсөр.

Онтон өй-санаа өттүнэн сайыннарыыны оҕо тулалыыр эйгэтиттэн, уһуйаантан да ылыа, төрөппүттэр да дьарыктыыллар. Билигин бэрт эдэр эрээри, оҕолорун туһугар олус кыһанар, кинигэ арааһын ааҕар, куруһуоктарга сырытыннарар, эбии эрчийэр төрөппүттэр элбэхтэриттэн үөрэбин.

Эт-хаан өттүнэн сайдыыга эмиэ болҕомто ууруохха наада. Оскуолаҕа киирэр оҕо хаһан даҕаны билбэтэх саҥа уопутун иҥэринэр буолан, эбии ноҕурууска эт-хаан таһымыгар эмиэ үөскүүр. Элбэхтик ыалдьар оҕо үөрэҕин көтүтэр, бырагырааматтан хаалар. Ол иһин доруобуйатын эмиэ көрөр ордук.

Ону таһынан, илиини сурукка анаан дьарыктаныллыахтаах. Холобур, илиитин былчыҥнара сайдыбатах оҕо уопсай тэтимҥэ киирэн үлэлээбэт, буочара мөлтөх буолар, харандааһы, уруучуканы тутарыгар ыарырҕатар, түргэнник илиитэ сылайар. Илиитин былчыҥа сайдыбатах оҕо оскуолаҕа киирдэ да, тута бастакы ыарахаттары көрсөр. Уопсай тэтимтэн хаалыы кэлин охсуута дириҥиэн, мин маны кыайбат, мөлтөх эбиппин диэн толкуйдуон сөп. Биир кыра алҕас, көтүтүү оҕом улааттаҕына бэйэтэ ааһыа диэн төрөппүт толкуйдуура сыыһа. Маҥнайгы кэмҥэ төрөппүт кыра да итэҕэскэ болҕомтотун ууруохтаах. Тоҕо диэтэххэ, ол кырата улаатан, дириҥээн, бииртэн биир ыарахаттары үөскэтэн иһиэн сөп.

Онон төрөппүт өй-санаа эрэ өттүгэр болҕомтону уурбакка, бу түөрт өрүтү барытын дьүөрэлии тутан сайыннарыахтаах.

Ааҕара ордук дуу, аахпата ордук дуу?

– Аны оҕо оскуолаҕа кинигэни номнуо ааҕан киириэхтээх дуу, эбэтэр киирэн баран биирдэ үөрэниэхтээх дуу? Төрөппүттэр мунаараллар.

– Кырдьык, манна төрөппүт мунаарара үгүс. Төрөппүт анал үөрэхтээх учуутал көмөтүнэн эрдэттэн ааҕарга үөрэттэ­риэн сөп. Анал үөрэҕэ суох киһи аахтарбыта ыарахаттары үөскэтэр – тиэхиньикэтигэр сыыһаллар. Ааҕан киирбит курдук эрээри, сөптөөх тиэхиньикэни тутуспатах оҕо олус уһуннук биир тэтимҥэ тэпсэҥнии-тэпсэҥнии турар. Ол кэриэтэ, төрөппүт бэйэтэ сатаабат түгэнигэр, ааҕарга үөрэппэтэҕэ ордук. Ааспыт күһүн миэхэ сорох оҕолор буукубаны даҕаны билбэккэ киирбиттэрэ уонна мүнүүтэҕэ ааҕыы нуорматын номнуо икки төгүл аһаран, 75 тылы ааҕан түмүктээн эрэллэр.

Оҕо оскуолаҕа хайаан даҕаны ааҕан киириэхтээх диэн ирдэбил суох. Саамай сүрүнэ оҕо ааҕарга бэлэм, баҕалаах уонна учууталы өйдөөн, болҕомтолоохтук истэр буолуохтаах. Ааҕарга үөрэтиэххит кэриэтэ оҕоҕутун кытта элбэхтик кэпсэтиҥ, остуоруйаны ааҕыҥ диэн төрөппүттэргэ сүбэлиибин.

Илиилэрин былчыҥын сайыннарыҥ

– Сорох оҕо номнуо суруйар, сорохтор бэчээтинэй буукубанан суруйаллар, атыттар буукубаны даҕаны билбэттэр. Сурукка ирдэбил хайдаҕый?

– Эппитим курдук, оҕо оскуолаҕа суруйан киириэхтээх диэн ирдэбил турбат. Сорох төрөппүттэр барытын эрдэлээн үөрэтэ сатыыллар, ити букатын сыыһа. Оонньуур кэмигэр оонньуохтаах, оонньуу нөҥүө сайдыахтаах, оҕо сааһын билиэхтээх. Оҕо оскуолаҕа киирэригэр илиилэрин былчыҥнара сайдыбыт буоллаҕына сурукка бэрт түргэнник үөрэнэр. Туох барыта кэмнээх-кэрдиистээх. Оҕотун саамай үчүгэйдик төрөппүт эрэ билэр, сүрэҕинэн сэрэйэр, кэмин көрөн сайыннаран, ситэрэн иһиэхтээх.

Эрэпэтиитэр көмөтө

— Маҥнайгы кылаас үөрэнээччитигэр эрэпэтиитэр наймылаһар төһө көдьүүстээҕий?

— Оҕо араастык сайдар. Дьиҥэр, оскуолаҕа бэлэм киирбит, учуутал этэрин өйдөөн истэр, 40 мүн. уруогу тулуйан олорор, доруобуйата кыайар оҕо учуутал үөрэтэриттэн ураты эрэпэтиитэргэ наадыйбат. Оттон эппитим курдук, түөрт өрүттэн хайата эрэ ситэ сайдыбатах буоллаҕына, көмө эрэйиллэр.

Эрэпэтиитэри кылгас кэмҥэ наймылаһыахха сөп, салгыы оҕо бэйэтэ ыстаан, илдьиритэн үөрэтиэхтээх. Куруук бэлэми ыйыста олорбут оҕо бэлэмҥэ үөрэнэн хаалар, толкуйдуон сүрэҕэлдьиир. Онон, ыалдьан дуу, хайаан дуу, ханнык эрэ тиэмэни көтүппүт, өскөтүн төрөппүт онно бэйэтэ көмөлөһөр кыаҕа суох түгэнигэр эрэпэтиитэринэн ситиһиннэриэххэ сөп. Сылы сыллаан оскуоланы таһынан тэҥҥэ арыаллыы сылдьар, көмөлөһөр учууталлаах буоллаҕына, оҕо ким эрэ көмөлөһүө диэн бэлэмҥэ үөрэнэh. Бу мин бэйэм үлэм, үөрэҕим, маны мин сатыахтаахпын диэн өйдүөхтээх.

Оскуола иннинээҕи дьарык

– Холобур, быйыл күһүн оскуолаҕа киирэр оҕолоох төрөппүттэр хаһааҥҥыттан дьарыктыахтарын сөбүй?

– Бэйэтэ даҕаны кылгас сайыммытыгар сылата-элэтэ дьарыктыыр туһата суох. Ол оннугар оҕо таһырдьа сүүрдүн-көттүн, эт-хаан өттүнэн сайыннын, элбэхтик айылҕаҕа сырыттын.

Оттон олус бэлэмниэхтэрин баҕарар буоллахтарына, сайын ортотуттан саҕалаан чаас аҥаарыттан уһаппакка, кылгас-кылгас дьарыктары ыытыахтарын сөп. Сүрэҕэр астарбатын курдук дьарыгы үөрэ-көтө тэрийиллиэхтээх.

Кинигэҕэ интэриэһи үөскэтии

– Хайдах гынан кинигэни аахтарабыт, интэриэһи үөскэтэбит?

– Аныгы кэмҥэ кинигэни умсугуйан туран ааҕар оҕо аҕыйах. Биһиги урут саҥаны барытын кинигэттэн иҥэринэрбит. Билигин информацияны хантан баҕарар ылаллар, ол иһин кинигэни ааҕарга тиэтэйбэттэр. Бастакытынан, өрүү этэр этиим биир – оҕоҕо талар кыаҕы үөскэтиҥ. Кинигэ маҕаһыыныгар илдьэ барыҥ, бэйэтэ сөбүлүүр кинигэтин талларан ылыҥ. Ойуута элбэх да буоллун. Бэйэтэ талбыт кинигэтин оҕо ааҕар. Иккиһинэн, аахпат да оҕону бибилэтиэкэҕэ сырытыннарар туһалаах. Бу оҕоҕо бырааһынньык тэҥэ. Маны үгэс оҥостон, атахтара бибилэтиэкэҕэ үктэнэллэрин курдук усулуобуйаны тэрийиҥ. Үсүһүнэн, төрөппүт кинигэни ааҕар буоллаҕына, оҕо эмиэ ааҕар. Төрдүһүнэн, төрөппүт оҕо аттыгар олорон кэп­сиэн сөп. Оҕо ааҕар тэтимин түргэтэтиигэ иккиэн тус-туспа биир тиэкиһи, кинигэни ылан, төрөппүт ааҕарын оҕо батыһыннаран көрүөн сөп. Бэсиһинэн, оҕо баай фантазиялаах. Кинигэҕэ интэриэһэ суох буоллаҕына, кини баҕатынан, фантазиятынан бииргэ олорон тэттик кинигэлэри оҥоруҥ. Ити курдук оҕо интэриэһин тардарга, ааҕыы тэтимин түргэтэтэргэ ньыма арааһа элбэх. Кинигэ оҕо сааһыгар сөп түбэһиэхтээх, кылгас суруктааҕа, улахан буукубалааҕа ордук. Оннооҕор улахан киһи улахан үлэни көрдөҕүнэ саллар. Эмиэ ол кэриэтэ оҕо кинигэни кыайан ааҕар эбиппин, миэхэ ол кыаллар диэн санаата кыайыахтаах.

Тэйиччиттэн үөрэх

— Тэйиччиттэн үөрэххэ тугу сүбэлиэҥ этэй? Тымныы күннэргэ ордук алын кылаастар үгүстүк дьиэттэн олорон үөрэнэллэр.

— Тэйиччиттэн үөрэххэ үлэлии, үөрэнэ үөрүйэх оҕо туох даҕаны уустуктары көрсүбэт. Миэннэрэ дьаҥ үгэннээн турар кэмигэр үһүс-төрдүс кылаастар этилэр. Сорох оҕо өссө арыллан үөрэнэр, сорохтор кылааска айдаантан-куйдаантан сылайаллар, онон дьиэттэн үөрэнэллэрин ордордулар, сөп түбэстилэр диэххэ сөп. Онон оҕо барыта ыарырҕатар диэн этии — сыыһа өйдөбүл. Үлэлии, үөрэнэ үөрүйэх оҕо ханнык баҕарар усулуобуйаҕа сөп түбэһэр эбит.

Төрөппүттэргэ сүбэм диэн, биһиги оҕолорбут үөрэнэллэригэр сөптөөх усулуобуйаны тэрийиэхтээхпит. Оҕону үөрэтии – инникигэ инвестициябыт. Сыаналаах таҥас-сап ылыах кэриэтэ үөрэнэр инструменын – ноутбугу ылан биэрбит ордук. Итини төрөппүттэр өйдөөбөттөр уонна кып-кыра төлөпүөнүнэн үөрэттэрэллэр. Төлөпүөн экрана бэрт кыра, көрө сатаан хараҕа мөлтүүр. Уонна информацияны ылынара, иҥэринэрэ намтыыр. Биллэн турар, төрөппүт барыта уйунар кыаҕа суох. Ол эрээри, дьиэ кэргэн төһө да кыараҕастык олордор, оҕо үөрэнэр усулуобуйатын тэрийэргэ дьулуһуҥ. Тус ноутбуктаах, үөрэнэр хостоох оҕолор табыллан үөрэннилэр. Айдаан-куйдаан быыһыгар үөрэммит оҕолор ыарахаттары көрүстүлэр.

Күнү быһа көмпүүтэр иннигэр олоруу охсуулаах. Ол иһин оҕо элбэхтик хамсанара, салгыҥҥа сылдьара булгуччу ирдэнэр.

Түмүк оннугар

Оҕо оскуолаҕа киирэн ыарахаттары көрсөрө кини буруйунан буолбатах. Төрөппүттэр оҕону төрүөҕүттэн иитэн кэлбит кэммитигэр туох сыыһаны, итэҕэһи оҥорбуппутун, ситэ иҥэрбэтэхпит оҕо маҥнайгы кылааска киирдэҕинэ ырылхайдык көстөн кэлэр.  Ону тэҥэ, удьуордааһын эмиэ улахан оруоллаах.

Хас биирдии оҕо ураты, күнүнэн уларыйар. Ол иһин төрөппүт хаһан даҕаны оҕом тугу да өйдөөбөт диэн илиитин ыһыктыныа суохтаах. Бүгүн билбэтэҕин, сарсын билиэ. Оҕоҕо кыра даҕаны өрө анньан, үтэйэн биэрэр күүс, өйөбүл наада. Сороҕор учууталлар бэйэбит даҕаны бүгүн бу оҕо бэҕэһээҥҥитээҕэр чыҥха атын диэн сөҕө көрөбүт.

Оҕолор, учууталлар, оскуола туһунан үтүө эрэ өйдөбүлү иҥэриҥ. Дьону кытта алтыһарга үөрэтиҥ.

Доруобуйатыгар, эт-хаан өттүнэн сайдыыга болҕомтоҕутун ууруҥ. Уонна саамай сүрүнэ, кыра сааһыттан бэйэтин көрүнэргэ бэлэмнээҥ. Оҕо бэйэтэ таҥныахтаах, таҥаһын дьаарыстыахтаах, бу мин малым, маны чөкө ууруохтаахпын диэн өйдүөхтээх, үөрэнэн бүтэн баран бартыбыалыгар малын уктуохтаах, бачыыҥкатын быатын бааныахтаах.

Уонна оҕоҕо “эн улааттыҥ, үөрэх эн үлэҥ буолар” диэн өйдөбүлү иҥэриҥ. Бу барыта төрөппүттэн тутулуктаах. Үөрэнээччи буолаары сылдьар кырачааннарга, кинилэр төрөппүттэригэр олохторун биир бэлиэ, чаҕылхай кэмнэрэ саҕаланаары турарынан ситиһиини баҕарабын.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0